Дьон сылдьар сиригэр арыгы иһэн баран сылдьар, пиибэни, итирдэр утахтары иһии көҥүллэммэтин киһи барыта билэр. Ол эрэн, ити административнай сокуону олоххо аанньа ахтыбат буолуу баар суол.
Ньурба куоракка уопсастыбаннай сиргэ биир киһи оннук туруктаах сылдьарын көрөн, полиция участковай боломуочунайа тохтоппут. Аны туран, бу киһибит улахан баҕайы хоруопканы көтөҕөн испит.
Участковай сэрэх муҥутаан, ол хоруопканы аһан көрбүтэ — компьютер системнэй блога, спутниковай тэлэбиисэр антыанната, ресиверэ бааллар эбит.
Быһаарсыы түмүгэр биллибитэ — бу урут уорууга сууттана сылдьыбыт 41 саастаах киһи субу аҕай биир дьиэттэн уорбутун сүгэн-көтөҕөн испит.
Быһылаан буолбут сиригэр тиийэн бэрэбиэркэлээбиттэрэ — уоруйах ааны алдьаппыт суола-ииһэ көстөр, монтировката бу сытар эбит. Эмсэҕэлээбит хаһаайка кини маллара буолалларын туоһулаабыт.
Бу чахчынан «уоруу» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэрилиннэ.
This post was published on 21.07.2016 14:18 14:18