«Уһук Илиҥҥи гектарга» Ньурба улууһун урбаанньыта массыына оҥорор мастарыскыайы үлэлэттэ. Бу туһунан СӨ Баай- дуол сыһыаннаһыытыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
«Бэйэ дьыалатын тэринихпин баҕарбытым ыраатта. Маныаха «Уһук Илиҥҥи гектар» көмөтө улахан буолла, сири ылыы дөбөҥө туһалаата», — диир Антоновка урбаанньыта Павел Потапов.
Павел суол кытыытыгар турар массыына оҥорор мастарыскыайын былырыын аспыт.
«Гектары ылбытыҥ биир сылыгар сиргэ тугунан дьарыктанаргын быһаарыныахтааххын, үс сыл буолан баран сири туһаммытыҥ туһунан декларацияны туттарыахха наада. Биэс сыл буолан баран сири бас билиигэ эбэтэр уһун болдьоххо куортамҥа ылыахха сөп. Түгэнинэн туһанан, гектары ылыы уустуга суоҕун, дьон бу кыаҕынан туһанан, бэйэ дьыалатын тэринэллэригэр баҕарабын», — диир урбаанньыт.
Потапов гектарга сайаапкатын 2017 сыллаахха http://надальнийвосток.рф саайтка биэрбит. Биир ыйынан сиргэ докумуонун ылбыт.
Бу күһүн Павел Потапов Благовещенскайга дойду премьер-миниистирэ Михаил Мишустин кыттыылаах «Уһук Илиҥҥи гектар» бырагыраама салгыы сайдыытын туһунан кэпсэтиигэ кыттыыны ылбыта. Мунньахха гектары ситиһиилээхтик туһаммыт дьоҥҥо эбии сир биэрэри кэпсэппиттэрэ. Сокуон барылын Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ РФ бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр киллэрэн сытар.