Ньурбаҕа сип-панелынан дьиэ туталлар

Ньурбатааҕы «Мой бизнес» кииҥҥэ Николай Иванов чааһынай биисинэс тэринэн үлэтин саҕалаата. Олохтоохтор саҥа тутуу матырыйаалыттан дьиэлэрин туттарарга сакаастары биэртэлээн эрэллэр.

Ньурбаҕа сип-панелынан дьиэ тутуутун саҕалаабыт урбаанньыты кытта «Ньурба» хаһыат суруналыыһа Антонина Семенова кэпсэттэ.

— Николай Иванович, үлэҕит туһунан билиһиннэриҥ эрэ. Бастаан туохтан саҕаламмытай?

— Ааспыт сыл күһүнүгэр доҕотторбун кытары кыттыһан бэйэ дьыалатын тэриммиппит. Дьоҕус биисинэһинэн дьарыктаныахпыт иннинэ бастаан араас көрүҥнэри толкуйдаан көрбүппүт. Дьокуускай куоракка сип-панелынан тутуллубут араас тутуулары дьон интэриэһиргиирин көрөн-истэн, боруобалаан көрөргө санаммыппыт.
Тохсунньу ый бүтүүтэ кыттыһаммыт Тольятти куораттан станок ылан, матырыйаалбытын атыылаһан, бастаан стартовай курдук аҕыйах сип-панели ылбыппытын нэһилиэктэн кэлэн атыыласпыттара.

Ньурба улууһугар Норуот көҕүлээһинин сыла биллэриллэн, бэйэ дьыалатынан дьарыктаныан баҕалаахтарга оройуон үп көрөн, көмөлөһөн өйүүр буолта олус үчүгэй, бу биһиэхэ олус көмөлөстө.

«Мой бизнес» киинигэр биисинэс бырайыакпытын көмүскээн, үс сылга дуогабардаһан, биисинэспитин сайыннарыахпытыгар диэри резидент быһыытынан киирэн үлэлиибит.

Сүрүн үлэбит кулун тутар ый бүтүүтүгэр саҕаламмыта. Билиҥҥитэ этэҥҥэ үлэлиибит диэххэ сөп. Ньурбаҕа аан бастакы дьиэбитин Лэппириэҥҥэ «Компактнай микрооройуоҥҥа» улахан дьиэни, Ыччат микрооройуонугар мэндиэмэнэ суох тутуллубут дьиэни иккис этээһин уонна 3,5х7 иэннээх самалык дьиэ тутан бүтэрэн эрэбит.

Үчүгэйэ диэн дьиэни тутаат, түннүктэрин туруоран киирэн олоруохха сөп. Бэрэбинэ дьиэ курдук ханапаахыламмат, дьиэ түһэрин кэтэспэккин. Маны таһынан дьиэ холлоҕосторун тутабыт.

— Тутар матырыйаалгын туһунан кэпсээ эрэ.

— Тутар матырыйаалбыт ОСБ (ориентировано-стружечная плита), сахалыыта мас көөбүлүттэн бириэстэммит билиитэ, сылааһы тутарыгар полистеролу тэлгэтэн, икки өттүттэн ОСБ билиитэлэри сыһыарарга полиуретановай килиэйи туттабыт. ОСБ билиитэлэр күн уотуттан, хаартан, ардахтан хараарбатын туһугар дьиэни тутан бүтээт мэктиэ биэрэн, сыл иһигэр тас өттүн бүрүөһүнүнэн сабан биэрэбит.

— Сип-панель хаачыстыбатын туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриҥ эрэ.

— Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар барсар буолан сылааһы тутар. Уокка (баһаарга) бэриммэт ОСБ матырыйаал ыларга дьулуһабыт. Регламент быһыытынан СИП-панелынан тутуллубут дьиэ 20-30-ча сыл хаачыстыбатын сүтэрбэт.

СИП- панелынан тутуу Ньурбаҕа саҥа киирэн эрэр буолан, сорох дьон саарбаҕалыыллара чуолкай. Биһиги үчүгэй хаачыстыбалаах матырыйаал ылабыт, полистеролбутун куоракка сакаастаан оҥотторобут, ОСБ билиитэлэри, килиэйбитин соҕуруу сакаастыыбыт. Сааҥсыйанан сибээстээн тутуу маһын сыаната ыараан, сорох дьон альтернатива көрдөөн сип-панелынан туттарар буоллулар.

— Дьиэ сыаната төһө буоларый?

— СИП-панелынан тутуллубут тутуулар сыаналара удамыр буолаллар. Холобур 6х6 иэннээх истэри-тастары тутуллубут бэлэм дьиэ сыаната 1 200 000-1300 000 суумаҕа халбаҥныыр, ол аата 20-40 бырыһыан харчыга экономия тахсар.

— Холобур 6х6 иэннээх дьиэҕэ төһө матырыйаал барарый?

— Дьиэ истиэнэтигэр 19, өһүөтүгэр 12 билиитэ барар. Муостата араас матырыйаалтан оҥоһуллар.
Билэр уолаттарым дьиэ туттан 4-5-с сылларын олороллор, «Сылаас, үчүгэй, дьиэ ититиитигэр экономия тахсар», — диэн этэллэр.

— Хас буолан үлэлиигитий?

— Билигин түөрт буолан сүрүннээн Ньурба улууһугар үлэлиибит, Чаппанда нэһилиэгэр саамай улахан тутууну ипотекалаахтарга дьиэ тутуохтаахпыт, аккредитацияны аастыбыт. Ыаллыы сытар Сунтаартан тиийэ кэлэн матырыйаал биһигиттэн атыылаһаллар.

— Николай Иванович, инники былааҥҥыт туһунан билиһиннэриҥ эрэ.

— Инникитин ылсыбыт хайысхабытын сайыннарар санаалаахпыт, кэнэҕэһин полистерол матырыйааллары бэйэбитигэр оҥорорго дьулуһан үлэлиибит. Бэйэбит база оҥостон, офис туттан үлэлииргэ былаанныыбыт.

***

Саха тутан-хабан, илэ хараҕынан көрдөҕүнэ астынарынан, тутуу ыытыллар эбийиэктэргэ Николай Ивановтуун баран көрдүбүт. Бастаан Ыччат микрооройуонугар тиийэн үлэ хаамыытын билистим. Биригээдэҕэ үлэлиир эдэр киһи Чиряев Иван Кононович:

— Мин Бүлүүттэн төрүттээхпин, ньурбаларга күтүөппүн. Бу иккис дьиэбитин сип-панелынан
тутабыт, 7х8 иэннээх иэннээх иккис этээһин уонна 4х8 иэннээх самалык дьиэни тутан бүтэрэн билигин сарайын тутуута хаалла. Тутар матырыйаалбыт хаачыстыбата үчүгэй, тутарга-хабарга ыйааһына чэпчэки, дьон сип-панель матырыйаалы сэҥээрэн эрэллэр, — диэн этэр.

Салгыы Лэппириэҥҥэ тутуллубут дьиэни көрдүбүт. Дьиэ иһэ-таһа муостатыгар тиийэ сип-панелынан тутуллубут. Дьиэ аана туруоруллара хаалбыт. Истиэнэлэрэ, муостата көнөтө көрөргө үчүгэй. Кыһынын, кэлэр кыстыгы хайдах туораабыттарын туһунан билэргэ сорук турар.

Эдэр дьоҥҥо, чуолаан Николай Иванов салайар дьоҕус кэлэктиибигэр ылсыбыт дьыалалара ыпсан, үлэ хаамыыта тэтимнээхтик, күргүөмнээхтик барарыгар, кэнэҕэһин саҥа матырыйаалтан тутуллубут тутуулар элбии туралларыгар баҕара хаалабын.

Ааптар: Антонина Семенова, «Ньурба» хаһыат

Сүрүн хаартыскаҕа — Иван Чиряев.

This post was published on 29.06.2022 10:01 10:01