Ньурба улууһугар Бүлүү бөлөх улуустарын нэһилиэнньэтин үрдүк медицинскэй өҥөнөн хааччыйар улуустар икки ардыларынааҕы сүрэх-тымыр уонна травматология-ортопедия отделениелара үлэлээбиттэрэ хас да сыл буолла. Тыын суолталаахтарын дьыалатыгар дакаастаабыт тэрилтэлэр орто медперсоналынан хааччыллыыларын боппуруоһа сытыытык турар.
Каадыры эдэрситэр, кинилэри миэстэтигэр бэлэмниир сыалтан, Ньурба куоратыгар акушердары, биэлсэрдэри, медсиэстэрэлэри бэлэмниир 25 миэстэлээх Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж филиалын аһыы былааннанар. Манна билигин санитарканан үлэлии сылдьар эдэр кыргыттарга улаҕан болҕомто ууруллара этилиннэ. «Оччотугар эппиэтинэстээх идэни түбэһиэх талыы тахсыбат: бэлэм дьиэлээх-уоттаах, оҕолоро тэрилтэнэн хааччыллыбыт, эмчит чэпчэкитэ суох идэтигэр адаптацияны хайы-үйэ ааспыт дьон үөрэнэн, олохтоох медицинскэй персонал кэккэтин хаҥатар кыахтаналлар», — диэн Ньурбатааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Александра Андреева кэпсиир.
Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледж дириэктэрэ Дмитрий Алексеев Ньурбаҕа кэлэн киин балыыһа отделениеларыгар санитарканан үлэлиир, үөрэниэн баҕалаах 75 үлэһити кытта көрсөн, эмчит эппиэтинэстээх идэтин хайдах баһылыыр, аналлаах үөрэххэ хайдах туттарсар туһунан сиһилии кэпсээтэ.
Инникитин улууска сүрэх-тымыр ыарыһахтарын реабилитациялыыр киин Антоновка учаастактааҕы балыыһатын базатыгар арыллан, ону тэҥэ психо-неврологическай отделение саҥа дьиэлэнэн үлэлээн барыахтара. Онно эмиэ медсиэстэрэлэр наада буолуохтара.
This post was published on 18.02.2016 12:02 12:02