Ньурба куоратыгар быйыл күһүн 2 саҥа улахан хочуолунай үлэҕэ киириэхтээх. Сэбиэскэйуулусса уһугар Амакинка хочуолунайын «Строймонтаж-2002» ХЭТ ыстаарсай прораба Андрей Прокопьев салайааччылаах биригээдэ тута сылдьар.
— Бу эбийиэк тутуута 2014 с. саҕаламмыта, — диир кини. Билигин 98 % кэриҥэ бэлэм. Бу күннэргэ систиэмэтин оҥоруохпут. 4 биригээдэ үлэлии сылдьар. Отделочниктар ис-тас өттүн оҥороллор, панеллары эпсиэйдииллэр, сылааһы тутар курдук оҥороллор. 2 биригээдэ сыбаарсыктар үлэлииллэр. Бэйэм Хаҥалас улууһуттан сылдьабын. Эрдэ ОДЬКХ-ҕа үлэлээбитим. Хаҥалас улууһугар эмиэ хас да хочуолунай тутуутугар үлэлээбитим. «Строймонтаж2002» тэрилтэҕэ 2014 с. киирбитим. Сонно Ньурбаҕа бу хочуолунай тутуутугар кэлбитим. Хочуолунай 7 оһохтоох, бырайыагынан кыамтата 24 мегаватт. Төһө сылааһы биэрэрэ кыһын үлэлээтэҕинэ көстүөҕэ. Бастаан 4 хочуолу оттон саҕалыахпыт. Оттон кыһын тымныыга эбии оттон иһиэхтэрэ. Хочуолунай уот баран хаалар түгэнигэр бэйэтэ автономнайдык туһунан үлэлиир кыахтаах. Подстанцията туруоруллубута, электролинията туспа. Манна билигин дизельнэй станциялар кэлэн туруохтара. Уот бардаҕынан кинилэр электроэнергиянан хааччыйыахтара. Бырайыагынан 2 тиэхньикэҕэ анаммыт гараж тутуллара былааннаммыта. «ОДьКХ» ГУП Ньурбатааҕы филиалын баҕатын учуоттаан, гараһы улаатыннаран туттубут. Гаражка билигин 4 тиэхиньикэ киирэр кыахтаах.Туох да мэһэйдээбэтэҕинэ, хочуолунайбалаҕан ыйын бүтүүтэ үлэҕэ киирэн холбонуохтаах. Дьабарыкы Хайа чоҕунан отторго аналлаах. Биллэрин курдук, Дьабарыкы Хайа чоҕо Киров күрэҥ чоҕунааҕар сылааһы биэриитэ быдан үрдүк. Ол эрээри уонна бырайыак быһыытынан, Киров чоҕунан отторго эмиэ бэлэм. Дробилкалардаах, онно хомуоктардаах Киров чоҕун бытарытан баран хочуолга ыытыахтаах. Хочуолунай иһигэр илии үлэтэ диэн суоҕун кэриэтэ буолар. Чоҕо киирэрэ, шлага тахсара барыта автоматика күүһүнэн толоруллар, ол аата транспортерунан киирэр-тахсар. Бырайыагын быһыытынан 1 симиэнэҕэ 7 киһи үлэлиэхтээх. Вертолетка микро-оройуонугар саҥа хочуолунай тутуутун «Вариант плюс» ХЭТ(Дьокуускай к.) учаастагын салайааччыта,Сунтаартан төрүттээх Никифоров Иван Афанасьевич салайар. Үлэ эмиэ “ОДьКХ”ГУП Инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн барар. Хочуолунай балаҕан ыйын 1 к. бэлэм буолуохтаах, диир Иван Афанасьевич. Холбуур олоҕун булларар (пусконаладочнай) үлэлэр саҕаланыахтаахтар. Балаҕаныйын 14 к. сылааһы биэрэргэ сорудахтаахпыт. Билиҥҥитэ болдьохпутун тутуһардыы үлэлии сылдьабыт. Бу хочуолунай Ньурба к. аҥарын сылытыахтаах. Манна 2 сыбаарсыктар биригээдэлэрэ, разнорабочайдар, электриктэр уонна КИП биригээдэлэрэ үлэлииллэр. КИПтэр диэн ол аата хочуоллары үлэлэтэр автоматиканы оҥороллор. Билигин 30-ча үлэһит баар. Хочуолунай бэйэтэ 95% бэлэм. Оттон атын үлэлэри, суол оҥоруутун эҥин этэр буоллахха, 90 % бэлэм. Матырыйаалбыт барыта баар. Биригээдэлэр үлэлээн иһиэхтэрин эрэ наада.»Вариант плюс» тэрилтэҕэ былырыын күһүн киирбитим. Онон бу тэрилтэҕэ бастакы эбийиэгим. Тутуу эйгэтигэр барыта 10-тан тахса сыл үлэлээтим. Маны таһынан Амакинкаҕа өрүс үрдүгэр водозабор тута сылдьабыт. Бу ый бүтэһигэр үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Эргэ водозабор таһынан буор хаһан, өрүстэн ууну ылар саҥа суон турбалар түЇэриллибиттэр. Турбалар Сэбиэскэй уулуссаны уҥуордаан мантан чугас,»ОДьКХ» филиалын «Үөһээҥи» хочуолунайын тиэргэнигэр турар икки емкостарга тиэрдиллибиттэр. Манна эмиэ элбэх үлэбарара көстөр: хас да киһи улахан дьаама хаһаллар, сорохтор кыраан көтөҕөн биэрэр лиистэрин ылан уу башнятын эпсиэйдииллэр, биир киһи эмиэ манна тимир каркаһы сыбааркалыыр. Аммосов Геннадий электрик уонна механик идэлээх, төрдө Чурапчы.
—Манна Дьокуускайтан, араас улуустартан төрүттээх дьон кэлэн үлэлии сылдьабыт, диир кини. Водозаборга үлэлээччилэр 8-пыт. Ый аҥарын кэриҥэ үлэлээтибит. Өрүстэн уу тахсар турбаларын тардыыттан саҕалаан барыта саҥаттан оҥоһулунна. Акылаатын бетонун эрдэ кэлии омуктар оҥорбуттар этэ. Биһиги емкостарын туттардыбыт, иккиэн 300 туутуонналаахтар, насоснайын туруордубут. Үлэбитин балаҕан ыйын 15 к. туттарыахтаахпыт.
This post was published on 25.08.2016 13:57 13:57