22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Ньурбаҕа үһүс виртуальнай музей арылынна

11:36, 31 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ньурба куорат «ЮНИОН» киинэ-видео киинигэр Ньурба улууһугар үһүс виртуальнай музей аһылынна. Саҥа тэрээһиҥҥэ дьүөрэлии тутан сэминээр буолла.


Нуучча музейын уонна СӨ Национальнай художественнай музейын виртуальнай филиалларын саҥа информационнай-үөрэтэр киинэ үөрүүлээхтик аһыллыбытын кэнниттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээр-практикум үлэтин саҕалаата. Сэминээргэ 100-чэкэ киһи кытынна. Маастар-кылаастар ыытылыннылар.

Биһиги улууспутугар виртуальнай музейдары аһыыны көҕүлээччи, бырайыак координатора Аксинья Степанова маннык кэпсээтэ: «Бу аныгы технологиянан, анал бырагырааманан үлэлиир аан дойдутааҕы бырайыак ааптара Санкт-Петербурдааҕы Нуучча музейын дириэктэрэ В.А. Гусев буолар. Арассыыйаҕа бырагыраама 2003 сылтан үлэлиир. Сонун сүүрээҥҥэ Саха сирин Национальнай художественнай музейын дириэктэрэ А.Л. Габышева көхтөөхтүк кыттыһан, билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр 15 виртуальнай музей аһыллан, дьон сэҥээриитин киэҥник ылаллар.

Мин бэйэм кэммэр Ленинград куоракка А.И. Герцен аатынан Педагогическай институкка үөрэммитим. Үөрэхпит быыһыгар биһигини араас музейдарга экскурсияларга сырытыннарааччылар, ол иһигэр баай экспозициялаах Нуучча музейыгар. Аан дойдуга киэҥник сураҕырар музейга нуучча худуоһунньуктарын уонна скульптордарын 400 тыһ. тахса шедеврдэрэ көрүүгэ тураллар. «Судаарыстыба иһигэр судаарыстыбаҕа» бүтүн музей комплекса алта дыбарыаһы, икки саады — «Летнэй» уонна «Михайловскай» саадтары холбуур».

2015 сыллаахха информационнай-үөрэтэр кииннэри Ньурбатааҕы техническэй лицейгэ уонна Маалыкай орто оскуолатыгар аспыппыт. Үһүс киини — “Юниоҥҥа”. Онон ыраах киин куоракка айаннаабакка, бэйэбитигэр И.К. Айвазовскай, К.П. Брюллов, В.И. Суриков, А.К. Саврасов, И.И. Левитан уо.д.а. нуучча улуу худуоһунньуктарын болотуналарын көрөр кыахтанныбыт. Каталогынан араас тиэмэни талан, сакаас оҥорон ылыахха, аан дойдутааҕы быыстапкалары көрүөххэ, научнай-практическай конференцияларга кыттыахха, дистанционнай уруоктарга үөрэниэххэ, араас мультимедийнай бырагыраамалары кытары билсиэххэ сөп. Анал интерактивнай үөрэх бырагыраамаларынан хартыына хайдах айылларын, маастар-кылаастары булан көрөр кыах бэриллэр. Оскуолаҕа киирэ илик кырачааннарга аналлаах видео-киинэлэр, омук тылынан анал бырагыраамалар, оонньуулар технологиялара бааллар. Дьыссаат саастаах уонна алын кылаастарга үөрэнэр оҕолорго үөрэх бырагыраамалара оонньуу форматыгар оҥоһуллубуттар. Маны таһынан учууталларга уонна үөрэнээччилэргэ история, религия, нуучча тылын, литературатын, аан дойду култуурата, эстетика предметтэрин бырагыраамалара киллэриллибиттэр.

«Кулун тутар ыйга Оҕо научнай-техническэй айымньытын киинин уонна СӨ Национальнай художественнай киинин тэҥҥэ үлэлэһиигэ дуогабардарынан «О творчестве скульптора Эдуарда Пахомова», маҥнайгы космонавт Ю.А. Гагарин уонна кини ийэтин туһунан «Однажды шагнув в океан звезд» диэн киинэлэр уһулланнар, өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаҕа «Космонавтика» номинацияҕа киирсиэхтэрэ», — диэн кини салгыы кэпсээтэ координатор.

Дьокуускайтан кэлэн сэминээргэ үлэлээбит 33 №-дээх оскуола учуутала Тимофей Тимофеев бу курдук эттэ: «Бырагырааманан оскуола барыта туһанар, ордук история, нуучча литературатын, омук тылын учууталлара наадыйаллар. Бырагырааманы байытыыга бырайыак кыттааччылара эмиэ үлэлэһиэхтээхпит. Оччотугар саҥардыллан, өссө кэҥээн иһиэхтээх. Биһиги оскуолабытыгар «Православный Якутск» диэн оҕолорго аналлаах киинэни уста сылдьабыт. Икки манастыыр, түөрт үлэлии турар храм, духуобунай семинария туһунан видеозарисовкалар, видеоэкскурсиялар сюжетыгар киирдилэр. Муус устар ортотугар бүтэрэн ыытыахпыт».

Бэс ыйын 6-12 күннэригэр бырайыак кыттыылаахтара Санкт-Петербург куоракка Нуучча музейыгар үөрэтэр куурустарга ыҥырыллыбыттар. Ньурба улууһунааҕы бырайыак кыттыылаахтара өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай былаһаакка быһыытынан үлэлиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА