Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын оперативнай субуоккатынан, атырдьах ыйын 22 к. туругунан улуус үрдүнэн барыта 21365 т от бэлэмнэннэ. Сезоннааҕы сорудах туолуута 63,8%-ҥа тэҥнэстэ. Былырыын сайын баччаҕа 22447 т оттоох этибит. Быйыл от суох буолбатах, от үүнүүтэ куһаҕана суох, ол эрээри кэнники уһун ардахтар үлэҕэ улахан харгыстары үөскэттилэр.
Нэһилиэктэртэн Дьиикимдэ (92,8%), Дьаархан (87,6%) уонна Хорула (79%) үчүгэй көрдөрүүлээхтэр. Атын нэһилиэктэр: Түмүк нэһилиэгэ — 77,3%, Октябрьскай — 73,9%, Малдьаҕар — 72,5%, Үөдэй — 71,8%, Хаҥалас — 71,4%, Чаппанда — 71,3%, Күндээдэ — 70,6%, Акана — 68,2%, Сүлэ — 66,4%, Таркаайы нэһилиэгэ — 59,3%, Өҥөлдьө — 53,7%, Чуукаар — 52,8%, Ньурбачаан — 47,2%, Бордоҥ — 33,4%, Мэҥэдьэк — 22,6%. Тэриллиилээх хаһаайыстыбалартан «Хорула» СПК — 94,4%, «Чаппанда» СПК — 90%, Түмүк нэһилиэгин «Маар» табаарыстыбата — 76,9%, Антоновкатааҕы «Ньурба-Агро МТС» — 73,3%, Дьаарханнааҕы «Саһарҕа» ХЭТ — 73,3%, «Күндээдэ» ААУо — 62%, Хаҥаластааҕы «Артыал» кэпэрэтиип — 43,6%, «Ньурбачаан» ТХПК — 35% оттоннулар.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Иван Егоров: «Хатыы, Маалыкай, Малдьаҕар кэһиилээх отторо уонна бугуллара ууга бардылар, нэһилиэк аайы сирдэрин охсон баран ардах уутугар былдьаппыт дьон баар. Ыксаллаах быһыы-майгы нэһилиэктэринэн биллэриллибитэ. Эрдэ аһыыкаҕа оттуур сирдэрин сиэппит 4 нэһилиэк (Ньурбачаан, Сүлэ, Октябрьскай уонна Дьиикимдэ) бэйэлэрин истэригэр ЧС биллэрбиттэрэ. Итиэннэ уунан сибээстээн, Мэҥэдьэк уонна Бордоҥ нэһилиэктэрэ эмиэ ыксаллаах быһыыны-майгыны биллэрдилэр.
Ол эрээри санаабытын түһэрбэппит. Билигин даҕаны от үлэтэ бүтүө эрдэ, төһө кыалларынан оттуу сатыахпыт. Бу күннэргэ метеорологтар эмиэ самыыр түһүөн сөбүн билгэлииллэр.
Атырдьах ыйын 15 күнүттэн «көҥүл хотуур» биллэриллибитэ. Ааспыкка суһал ыстаапка мунньахтаан быһаарыы ылыммыппыт. Мэҥэдьэк нэһилиэгэр сылгы собуотун сирдэрин — Күөхтэйи уонна Куоҕастааҕы оттуур сирдэрэ ууга барбыт дьоҥҥо биэрэн оттотуҥ диэн этиллибитэ. Былааммыт кырата 85%-нын толордорбут, былырыыҥҥы курдук кормововй балансабытын ситиһиэ этибит. Оччоҕо сүөһү-сылгы кыстыыр отун хааччыныахпыт. Биллэн турар, быйыл от хаачыстыбата мөлтөһүөр. Дьон отун туустаан эҥин кэбистэҕинэ, сүөһү үчүгэйдик сиэччи. Аҥардастыы кээһиилээх эрэ буолбакка, пресс-подборщикка тахсар оту хайдах куурдар туһунан дьон сүбэтин-аматын нэһилиэктэргэ ватсабынан ыыталаабыппыт. Туһааннаах дьон итини эмиэ туһаныан сөп. Кыстыгы хайдах туоруурбут — хас биирдии нэһилиэк илиитин иһигэр баар. Дьон урбаанньыт А.А.Степановтан туус атыылаһан бүтэрбиттэрэ. Билигин эбии сайаапка хомуйа олоробут. Анатолий Степанов 10-ча эҥин туонна сайаапка мунньулуннаҕына сонно Сунтаар Кэмпэндээйитигэр баран аҕалабын диир.
Быйыл кэлии от диэн суох буолар, өрөспүүбүлүкэ атын регионнартан былырыыҥҥы курдук тиэйиини бобон турар. Онон мэнэйдэһии барыта бэйэбит эрэ испитигэр барыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, ыалыы сытар Сунтаар, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустара биһигиннэээҕр өссө ууга бардылар. Онон ити улуустартан биһиги оту ылар кыахпыт суох. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн окко балаһыанньа уустук, ордук улаханнык Верхоянскай уонна Кэбээйи улуустара оҕустарбыттарын истэ-билэ сылдьабыт. Быйылгы саҕа уулаах дьыл өтөрүнэн буола илик. Инньэ гынан оту барытын бэйэбит улууспут иһиттэн булунабыт диэн олоробут. Төһө кыалларынан дьон күүскэ туруннаҕына, бу кэлбит уустугу кыайыахпыт. Улуус иһиттэн атын улуустарга оту тиэйиини боборго диэн оперативнай ыстаап быһаарыы ылыммыта».
Геннадий Антонов
Огни Нюрбы