Аҕыйах хонуктааҕыта ватсабынан облепиханы олордо сылдьар агро-оскуолалар хаартыскалара тарҕаммыта. Дьон итини улаханнык сэҥээрбитэ. Сир үлэтинэн идэтийэн дьарыктанар Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньатын салайааччыта Александр Илистяровы кытта кэпсэтэн, олордубут облепихаларын көрө тиийэ сырыттым.
Александр Иванович кэпсииринэн, былырыыҥҥыттан облепиханы үөрэтэн баран олордорго быһаарыммыттар. Бурятияттан «Тохойские саженцы» диэн суорду биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэһэр диэн, 1053 устууканы атыылаһан аҕалтарбыттар. Бааһына кытыытыгар булуугунан хорутан бэлэмнээн, 12 эрээккэ 80-нуу устууканы (барыта — 960 үнүгэс) олордубуттар. Сороҕун олордуохтарын баҕалаах, эрдэттэн үлэспит оскуолаларга биэрбиттэр.
«Агроном Мария Руфовна Кириллина сүүрэн-көтөн, иилээн-саҕалаан агро-оскуолалары ыҥыртаан субуотунньук тэрийбитэ, — диир Александр Илистяров. — Билигин элбэх киһи мустара көҥүллэммэтинэн сибээстээн, хас да күн аҕыйахтыы киһилээх кэлэн үлэлээбиттэрэ. Биһиэхэ суруйан биэрбит рекомендацияларын толору тутустубут. Эрээттэрин икки арда — 3 м, үүнээйилэр икки ардылара — 2,5 м. Биир эрээккэ атыыр үнүгэстэр олордулуннулар, онтон 5 эрээккэ тыһы үнүгэстэр. Олордорбутугар бодобуоһунан 5-тэ уу аҕалтаран куттубут. Өссө биирдэ куттарыахпыт. Бааһына таһыгар кыра уулаах оҥоһуу күөл баар. Онтон салгыы, силиһин тарта даҕаны бэйэтэ дьаалатынан үүнэн барыаҕа. Туспа күрүөлээн сабан кэбиһиэхпит».
«Облепиха биһиги тыйыс кыһыммытын эрэ тулуйдар, үүнүө диэн толкуйдуубун. Бурятияҕа олордор буордарын почвата биһиэнигэр майгынныыр. Мин хас да сиринэн — Новосибирскай, Иркутскай, Амур уобаластарынан анаан баран көрө сылдьыбытым. Бурятияҕа биһиэнигэр арыый майгынныыр тыйыс усулуобуйаҕа үүнэр эбит, онно кыһын муҥутаан -45 кыраадыска тиийэр. Ол эрээри билигин эрдэттэн туох да диир кыах суох, биһиги кыһыммытын хайдах туорууруттан тутулуктаах буоллаҕа.
Облепиха 3 сылынан отонун биэрэр. 1 гааттан соҕуруу 15 туонна кэриҥин ылаллар. Муорус оҥоруохпут, оҕо уһуйааннарын кытта кэпсэтэн кинилэргэ биэриэхпит. Облепиха отонун «перегоннаан» облепиховай арыыны оҥоруохха сөп. Сэбирдэхтэрэ чэй буолар. Бу 3 хайысхаттан саатар биирэ үчүгэйдик үлэлиирэ буоллар син дохуот киириэ этэ» — диир Александр Иванович.