Ньурбаҕа норуот көҕүлээһинин сылын чэрчитинэн тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр барыта 43 бырайыак көмүскэммитэ, диэн суруйда «Ньурба» хаһыат телеграм-ханаала.
Билигин тыа хаһаайыстыбатын департаменын үлэһиттэрэ бырайыак түмүктэрин көрдөрөн саҕалаабыт дьону кытары көрсө сылдьаллар.
Ньурба куоратыгар Спиридонова Евгения Георгиевна 400000 солк суумалаах көмө харчы ылан, теплица туттан, анал оборудование атыылаһан, клубника олордуутунан дьарыктанан саҕалаабыт. Билигин даҕаны аһын биэрэ турар. Бу үүннэрэрин таһынан бэйэтэ клубникаттан букет оҥорон нэһилиэнньэҕэ атыылыыр.
Евгения Спиридонова былаана киэҥ, эһиил сылы эргиччи үлэлиир теплица туттан үлэлэтиэн баҕарарын эттэ.
This post was published on 19.10.2022 12:01 12:01