Ньурбаҕа түүн инчэҕэй хаар түспүт. Кыраадыс +1 көрдөрөр.
«Хаар билигин да түһэ турар. Олус инчэҕэй. Күн нэһиилэ суһуктуйан көстөр», — диэн кэпсииллэр олохтоохтор.
Быһа барыллаан 10-ча см халыҥнаах. Дьон кэпсииринэн, айылҕа маннык көстүүтэ Марха өрүс анараа өттүгэр бэлиэтэммэт.
Санатар эбит буоллахха, былырыын муус устар 17 күнүгэр Дьокуускай куоракка эмиэ хаар бөҕө түспүтэ.
This post was published on 18.04.2016 09:10 09:10