Ааспыт өрөбүлгэ «Хлопунец» диэн ааттаах тэрээһин чэрчитинэн, Ньурбатааҕы судаарыстыбыннай экологическай надзор госинспектордара бултааһын быраабылатын кэһиини булла.
Тэрээһин түмүгүнэн административнай быраабы кэһии туһунан икки боротокуол оҥоһулунна, икки гладкоствольнай сааны уонна сэбэ уонна аҕыс устуука бултаммыт көтөрү былдьаатылар.
Ууга түһэр көтөрдөргө булт сезона атырдьах ыйын 20 күнүттэн аһыллар диэн биэдэмэстибэҕэ санаттылар.
This post was published on 08.08.2022 13:03 13:03