Ньурбаҕа олорор элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро оптуобуһунан 5 солкуобайга айанныыр буоллулар. Улуус баһылыгын атырдьах ыйын 13 күнүнээҕи дьаһалыгар олоҕуран, оройуонтан 4999 солк. көрүллүбүтэ, улуус Сүбэтин сиэссийэтинэн бигэргэтиллибитэ.
Ньурбатааҕы АТП-га дьону таһыыга тарыып бэлиитикэтин сүрүннээһиҥҥэ харчы көрүллэн, билигин үлэ саҕаланна.
Бу күннэргэ транспортка айанныырга каарта боппуруоһа быһаарыллан, алтынньыттан Ньурбаҕа олорор элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоро оптуобуска 5 солк айанныахтара. Бигэргэммит маршрутунан Антоновка — Ньурба — Ыраах Убайаан буолар.
«Алмаасэргиэнбаан» Ньурбатааҕы эбии офиһын салайааччыта Изабелла Георгиевна Гуляева:
— 667 оҕо оптуобуска айанныырыгар каарталар оҥоһулланнар, оскуолаларынан тарҕатылынна. Хас биирдии оҕо тус хаартыската, аата-суола суруллубут каарталарын илиилэригэр тутаннар, алтынньы ыйтан туһанан бардылар. Оптуобуска киирэн суоппарга каарталарын көрдөрөллөр. Каарта сыаната 100 солкуобай. Оҕолор күҥҥэ түөртэ айанныылларыгар туһаналлар, барыта 96-та айанныахтаахтар, 97-рин айанныыр буоллахтарына, оптуобус билиэтин сыанатынан 25 солкуобайы төлүүллэр.
Ааптар: Антонина СЕМЕНОВА, Ньурба улууһа
This post was published on 04.10.2019 17:12 17:12