Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нуораҕана сэлиэнньэтигэр 20 дьиэҕэ гаас автономнай ититиитэ киирдэ.
Гааһы киллэрии өҥөтүн олохтоохторго «Автономные газовые сети» ХЭТ оҥордо.
СӨ Ил Түмэнин тутууга, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Корякин, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта – бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев, сир сыһыаннарыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов, экэниэмикэ, инбэстииссийэ, бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Павел Петров, олохтоох салайыныыга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин сүбэһитэ Федор Борисов гааска холбоммут дьиэлэри көрдүлэр, дьиэлээхтэр санааларын иһиттилэр.
Александр Корякин газгольдер технологията нэһилиэнньэ олоҕун лаппа тупсарбытын бэлиэтээтэ. «Нуораҕана өрөспүүбүлүкэ сэлиэнньэлэриттэн бу ньыманы бастакынан киэҥник киллэрэн саҕалаата. Барыта тиһигин быспакка этэҥҥэ үлэлиир. Бүгүн тыа сирин дьонун-сэргэтин олоҕо хайдах курдук тупсубутун билистибит. Онон Ил Түмэн уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын иннигэр бу ньыманы салгыы киллэрэр сорук турар», – диэн эттэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин баһылыга Дмитрий Петров эппитинэн, Ил Дархан Айсен Николаев «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьадаҥы буолууну утары охсуһар миэрэлэр тустарынан» ыйааҕын чэрчитинэн бу үлэ салҕаныахтаах. «Нэһилиэнньэ уонна тус бэйэм Ил Дархаҥҥа бу үлэ барбытыгар улаханнык махтанабыт. Даҕатан эттэххэ, нэһилиэк үгүс ыала билигин да маһынан оттуллар оһохтоох олороллор. Онон гаастааһын үлэтэ салҕанарын туһугар судаарыстыбаттан эбии 600 тыһ. солкуобай суумалаах биир кэмнээх көмө ирдэнэр», – диэтэ нэһилиэк баһылыга.
«Автономные газовые сети» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Афанасий Лыткин дьон систиэмэни бэйэлэрин кыахтарынан уонна көхтөрүнэн холбоммуттарын тоһоҕолоон эттэ. «Тыа сиригэр өссө элбэх дьиэни гаастыырга судаарыстыба өттүттэн субсидиялар наадалар», – диэн эттэ тэрилтэ дириэктэрэ.
Сааһын тухары сүөһү иитиитигэр үлэлээбит Нуораҕана бөһүөлэгин олохтооҕо Афанасий Петров билигин биэнсийэҕэ тахсан кэргэниниин олорор. «Быйыл газгольдерга киирэн, гаас оһохтонон сүрдээҕин абыранныбыт. Урут кирпииччэ оһоҕу күҥҥэ үстэ оттон мас бөҕөтүн уматар этибит. Маны киллэртэрэрбитигэр кирэдьиит, иэс ыламмыт ороскуот бөҕөтүгэр түстүбүт. Маннык гаастааһыҥҥа субсидия көрүллэрэ буоллар диэн баҕарабыт», – диэтэ Нуораҕана олохтооҕо.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
This post was published on 19.12.2023 15:01 15:01