Москубаҕа карачаай-балкаар омук култууратын киинигэр сырыттахпына биир көрдөөх түгэни кэпсээбиттэрэ, диэн СИА-ҕа суруйда Николай Павлов-Халан.
Ойуулуктары (мультиктары) бэйэлэрин тылларынан саҥардар кырачаан устуудьуйалаахтар, онно атын омуктар эмиэ кэлэн оҥоттороллор эбит. Онно үлэлиир кыыс кэпсиир: «Үстээх-биэстээх оҕолорум арай абхаазтыы кэпсэтэллэр. Хайдах-хайдаҕый диэбитим, онтум дьиэбэр аҕалбыт абхаазтыы диискэлэрбин көрөллөр эбит. Сатаатар биһиэхэ түүрдэргэ наһаа ыарахан, сорох тыллара биир да аһаҕас дорҕооно суох тыл ээ», – диэн.
Дьэ, онно итиҕэйбитим ойуулук тылы биллэрэр күүһүгэр.
Саха сиригэр сахалыы саҥарар, наһаа үчүгэйдик ыллыыр-туойар ойуулуктар баар буоллулар. Ону оҕолоргутугар көрдөрөн, төрөөбүт төрүт тылларын сүмэтин сүрэхтэригэр-быардарыгар иитиэхтииллэригэр көмөлөһүҥ.
🔹»Мамонт» тв-ханаалга,
🔹ютубка «Түннүк Саха Кидс» ханаалга
🔹уонна tynnyk.ru саайка оҕолоргутун кытта көрүөххүтүн сөп:
https://youtube.com/channel/UC3r3l3oJw-lBrWlktc32b3g
Ааптар: Халан
This post was published on 18.11.2022 11:33 11:33