Булуҥ улууһун территориятыгар баар Новосибирскай арыы сокуонунан көмүскэллээх. Ураты харыстанар сир территориятыгар көҥүлэ суох киирии-тахсыы бобуулаах.
Арыыга СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ былааннаах бэрэбиэркэ ыытар. Бу ый ортото анал хамыыһыйа тэриллэн, өссө биир көтүүнү оҥордо. Бу сырыыга СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев салайааччылаах бөлөх Ляхов арыытын сирийэн көрдө. Кинилэр сыалларынан арыыга көҥүлэ суох сылдьар дьону көрдөөһүн уонна кыыл-сүөл олохсуйуутун бэрэбиэркэлээһин буолар.
Зимовье өрүскэ тохтоон, онно баар дьиэҕэ үс бэйэлэрин “Муштука” аҕа ууһун “табаһыттарынан” ааттаммыт дьону буллулар. Пограничниктар тута докумуона суох бултуур сааны, бултуур быһаҕы уонна икки бурааны туттулар. “Хаһаайыттара” ким буоларын тутуллубуттар билиммэтилэр. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн саа былдьанна, бу дьону административнай эппиэтинэскэ тартылар.
Бу дьон уостарапка сылдьалларын туһунан туох да көҥүллүүр докумуоннара суох, ону туоһулуур боротокуол толорулунна.
Булуҥ оройуонун айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Иннокентий Стручков кэпсииринэн, бу дьонтон иккитэ Усуйаана Хаһаачыйатын олохтоохторо, биирэ Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх буолаллара биллибит. “Оннооҕор пааспардара да суох. Кинилэр этэллэринэн, хаһаайыстыбаларын табаларын маныыллар, бу эргин 500 төбө мэччийэр дииллэр. Ити эрээри үөһэттэн көрүүгэ чугаһынан таба ыстаадата баара бэлиэтэммэт. Ол оннугар “табаһыттарга” тимир туттар тэриллэр, техника, элбэх кэнсиэрбэ баара тутулунна. Арыыга бултааһын көҥүллэммэт. Ити эрээри кинилэр олохсуйбут сирдэриттэн үс кус булулунна”, — диир Стручков. Салайааччы салгыы кэпсээбитинэн, бу дьон ааттара “Муштука” аҕа ууһун 42 көҥүллээх дьонун испииһэгин ортотугар суох.
Рейдэҕэ РФ Оборонаҕа министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Константин Соловьев, Россия дьиикэй айылҕаҕа аан дойдутааҕы бырайыагын кылаабынай сүрүннээччитэ Михаил Стишов, СӨ Ил Түмэн депутата Александр Слепцов, улуус баһылыгын э.т. Александр Гуков уонна кыраныыссаны кэтээн көрөр застава сотрудниктара кыттыыны ыллылар.