«Новая Фабрика звезд» кыттыылааҕа Анастасия Ким Дьокуускайга ыллаата

Хаартыска: ЯСИА саайтан

«Новая Фабрика звезд» кыттыылааҕа Анастасия Ким Дьокуускайга саҥа кэнсиэртиир саала арыллыытыгар анаан ыалдьыт буолла. Кини Сергей Шнуров композициятыттан «Экспонат» уонна «Выпить» ырыалары толордо.

«Миигин аан бастаан артыыс быһыытынан ыҥырдылар. Ийэбин сценаҕа ыҥыран таһаардым уонна 101 роза туттардым», — соцситимҥэ Анастасия Ким суруйда.

Санаттахха, соторутааҕыта Анастасия Ким бэһис ырыатын куратора Сергей Шнуров «Выпить» ырыатын ыллаабыта уонна «Новая Фабрика звезд» шоуттан барбыта.

Анастасия Дьокуускайтан төрүттээх, Москваҕа РАНХуоГС үөрэнэр.

This post was published on 16.04.2024 11:01 11:01