Дьокуускайга баскетболга норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар бастакы сүүмэрдиир турнира түмүктэннэ (3х3). Өрөспүүбүлүкэ чемпионата ыам ыйын 28-29 күннэригэр ДЮСШ 1 №- дээх спортивнай саалатыгар буолан ааста, диэн «Спорт Якутии» иһитиннэрэр.
16 дьахтар уонна 21 эр дьон хамаандалара Бороҕон оонньуутугар барарга алта путевканы былдьастылар.
Чемпионат түмүгүнэн маннык хамаандалар путевкаҕа тигистилэр:
Эр дьон ортолоругар: 1) Уус- Алдан, 2) Нам, 3) Ньурба, 4) Мииринэй, 5) Нерюнгри, 6) Хаҥалас.
Дьахталлар ортолоругар: 1) Дьокуускай, 2) Мииринэй, 3) Нам, 4) Амма, 5) Уус- Алдан, 6) Сунтаар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Уус- Алдан улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар Арассыыйа баскетболун легендата Михаил Гюнтер кытынна. Кини 3х3 стритболга аан дойду чемпионатын боруонса призера, аан дойду үс төгүллээх чемпиона, Арассыыйа үс төгүллээх чемпиона уонна элбэх норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар призердара. Михаил Дьокуускайтан төрүттээх, кини өссө 2000 сыллаахха II «Азия оҕолоро» кыайыылааҕа. Билигин кыайыылаах- хотуулаах спортсмен уонна персональнай тренер буолар. Уус- Алдан сүүмэрдэммит хамаандатыгар контракт түһэрсэн киирбит. Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын балаһыанньатыгар ити көҥүллэнэр.
This post was published on 30.05.2022 11:01 11:01