Норуоттар икки ардыларынаҕы киинэ фестивалыгар бастыҥ документальнай киинэни талыахтара

Саха сиригэр ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы IV-с фестиваль бырагырааматыгар документальнай киинэ туспа хайысханан киирдэ.


Маннык бастыҥ киинэни таларга кураторынан «Киноклуб Саха» дириэктэрэ, промоутер Сардаана Саввинаны таллылар. Фестивальга уопсайа 7 киинэ киирбититтэн иккитэ өрөспүүбүлүкэ киинэтэ.

Швеция режиссёра Ян Микаэл Страндберг аан бастакытын «Холодный рубеж» киинэни таһаарар. Арктика табаһыттарын олохторугар бэйэтин көрүүтүн кини бу үлэтинэн тиэрдэр. Киинэҕэ уһуллубут табаһыттар кинини кытта фестивальга кыттыахтара.

Бурятияттан Анастасия Зверькова «Шэнэхэнская царица» киинэтэ эмиэ аан бастаан тахсар.

Документальнай киинэ бырагырааматын Москва режиссера Михаил Барынин «24 снега» киинэтэ аһар. Бу Москватааҕы 38-с норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга кыттыбыт, хоту сир сылгыһытын туһунан кэпсиир киинэҕэ Саха сирин хамаандата үлэлээбитэ.

Ону таһынан табаһыттар олохторун кэпсиир «Хозяйка чума» саха киинэтэ быйылгы тэрээһиҥҥэ кыттар. Режиссердар — Евдокия Избекова уонна Галина Раевская. Финляндия режиссера Катьи Гаурилофф «Волшебный лес Кайсы» киинэтэ саами аҕыйах ахсааннаах омуктар олохторун билиһиннэриэҕэ. Россияттан Мария Мурашова («Собиратели морской травы») уонна Айна Мередова («Чистый лист») кытталлар.

Саха сиригэр ыытыллар фестиваль таһыма сылын аайы үрдүү турар. «Фестиваль бырагырааматын кэҥэтэр уонна араас ис хоһоонноох оҥорор баҕа санаалаахпыт. Киинэлэр Саха сиригэр уонна Россияҕа эрэ буолбакка, бүтүн аан дойдуга тарҕаныахтарын, ону дьон биһирээн көрүөн баҕарабыт» – диэн СИА-ҕа Сардаана Саввина эттэ.

This post was published on 16.08.2016 09:23 09:23