Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ «Ходуһаҕа күн оонньуур» диэн хаартысканан күөн-күрэс биллэрэр

Сахаларга от үлэтэ саамай тыҥааһыннаах, былдьаһыктаах кэм. Былыргы сахалар от сиппитин, сибэккилэммитин кэннэ Бөтүрүөп куйааһын кэнниттэн  киирэллэрэ. От ыйыгар Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтэ «Ходуһаҕа күн оонньуур» диэн хаартысканан күөн-күрэс биллэрэр.


Күөн-күрэс ирдэбиллэрэ:

  • «Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар» хаачыстыбалаах биир хаартыска.
  • «Бары күүһү окко» сахам сирин кэрэ алааһыгар, ходуһатыгар оттуу сылдьаргытын көрдөрөр биирдии хаартыска ирдэнэр.
  • Саха сирэ элбэх омук алтыһан олорор сирэ, онон омук дьонун кытта, бииргэ оттооһуҥҥа түспүт хаартыскаҕыт биһирэнэр.

Хаартыскаларгытын ааккытын, фамилияҕытын, аҕаҕыт аатын ыйан туран Suraluma@bk.ru  эл.почтаҕа ыытаҕыт, ону тэҥэ ватсап 8914-100-88-74. Сайаапкалары от ыйын 14 күнүттэн-балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри ылабыт. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтин сайтыгар ddnykt.ru уонна инстаграм @ddn_yakutia тахсар.

Усунуоһу төлөөһүн хаамыыта:

  1. Төлөпүөҥҥэр «Сбербанк онлайн» приложениетыгар киир;
  2. Салҕыы «Платежи» диэҥҥэ киир;
  3. Үөһээ «Оплата по QR-коду» диэни бул;
  4. Q-коду «Оплата по Q-коду» диэнинэн буллар (камераҕа курдук буллараҕыт);
  5. Төлүүр картаҕын бул, ааккын суруй уонна төлүүгүн.  Кыттыы иһин хас биирдии хаартыска иһин 100 солк.

Төлөөбүт туоһугут «скриншотун» оҥорон баран  8914-100-88-74 Шишигина Любовь Егоровна (үлэ бириэмэтигэр) ыытаҕыт.

Форма № ПД-4 с QR-кодом № ГУ-5 от 28.01.2021

This post was published on 14.07.2021 18:01 18:01