Норуот талба талааннаахтарын түмэн

Биир оннук түмсүү Ньурбаҕа тэриллэр. «Сахалыы таҥас» тэрилтэ салайааччыта Михайлова Лидия Ивановна тэрээһин, түмсүү үлэтин туһунан сиһилии билиһиннэрдэ:

— «Сахалыы таҥас» уопсастыбаннай тэрилтэ биир сыллаах үлэтин бэлиэтээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Уран тарбахтаахтар бастыҥ үлэлэрэ быыстапкаҕа көрдөрүүгэ турда. Түмсүү президенэ Ньургуйаана Борисова быыстапканы үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйда, ааспыт 2015 сыллааҕы үлэ түмүктэрин, үүммүт сыл былааннарын билиһиннэрдэ. Улуустааҕы уопсастыбаннай тэрилтэлэр үлэлэрин презентацията буолла. Быыстапкалар, презентациялар түмүктэринэн «Бастыҥ НКО отделениета» ааты ньурбалар ыллыбыт, көһөрүллэ сылдьар күндү таастардаах үрүҥ көмүс статуэтканан наҕараадаланныбыт.

Бу күн дизайнер Зинаида Заболоцкая  коллекцияларын көрдөрдө. Ол кэнниттэн «Халадаай» куонкурус ыытылынна, кыайыылааҕынан Лина Цыпандина буолла.

Куораттааҕы дьүөгэлэрбит үлэлэрин сэҥээрэ көрдүбүт. Ордук Лидя Федорова оргөстүөкүлэнэн оҥорбут кольеларын, ытарҕаларын, Зоя Максимова саҥарар куукулаларын уо.д.а.үлэлэри сэҥээрэ көрдүм.

Ньурба улууһуттан «Нарыйа» ИП Саввинова Н.И., норуот маастара Михайлова Л.Н. үлэлэрэ быыстапкаҕа туруорулуннулар, маны сэргэ Андреева М.Р., Дмитриева А.И., Федорова Г.Д., Алексеева С.П., Терехова Л.М., Күндээдэттэн  Михайлова В.В. бэйэлэрин үлэлэрин көрдөрдүлэр.

Биһиги сүрүн сорукпутунан нэһилиэнньэни кытары үлэлэһии, дьоҕурдаах дьону сайыннарыы, норуот маастарыгар тиийэ үүннэрии буолар. Манна «Биисинэс-инкубатор» директорыгар Михайлова Н.М махталбыт улахан, кини маастар-кылаас ыытарбытыгар мэлдьи көмөлөһөр. Култуура управлениетын өйөбүлүнэн Олоҥхо дьиэтигэр Попов И.И. салайааччылаах кылынан өрүүгэ түмсүү тэрийдибит.

Түгэнинэн туһанан уопсастыбабытыгар дьону ыҥырабыт. Сыллааҕы усунуоспут — 300 солк., чилиэнинэн киирбиттэр билиэт ылаллар уонна  ыытар тэрээһиннэрбитигэр 50% чэпчэтиинэн туһаналлар.

«Сахалыы таҥас» регионнааҕы түмсүү норуот талааннаахтарын араас таһымнаах куонкурустарга, Россияҕа ыытыллар быыстапкаларга кытыннарарга үлэ ыытар. Талба талааннаахтар үлэлэрин каталогка киллэрэр баҕалаах».

Ньурбатааҕы түмсүү чилиэннэрэ бу тэрээһинтэн инникигэ элбэх былааннардаах, саҥа көрүүлэрдээх эргилиннилэр.

This post was published on 10.02.2016 15:48 15:48