Норуот синоптига Тускул: Уонча хонук хаардаах ардах түһүөҕэ

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тымныйан, үгүспүтүн соһутта. Киин куоракка тобурах түстэ, күүстээх тыал сатыылыыр. Кыра кыһалҕалаах киһи таһырдьа быкпат халлаана.


Саха араадьыйатыгар Тускул ыам ыйын 20-23 күннэригэр (кини оптуорунньукка уонна бээтинсэҕэ күн-дьыл туругун туһунан билиһиннэрэр) уонна кэлэр нэдиэлэтээҕи күн-дьыл туругун туһунан билиһиннэрдэ.

Норуот синоптига бэлиэтииринэн, циклон Саха сиригэр икки регионтан кэлэр — Красноярскай уонна Магадаан уобаластартан. Бүлүүгэ түспүт хаар уонна тымныы күн-дьыл Красноярскай кыраайтан кэлбит тымныы циклон дьайыыта. Бу күннэргэ Красноярскайга эмиэ хаардаах, тымныы күн-дьыл турар. Оттон Магадааҥҥа сылыйан биэрэн, хоту улуустарга бу күннэргэ, төһө да хаардаатар-ардаатар, арыый да ичигэс күннэр тураллар.

Тускул Саха араадьыйатыгар: «Ыам ыйын 20-23 күннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ хаардаах, ардахтаах, тыаллаах тымныы күннэр тураллар. Түүн 1 кыраадыстан 5 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа, күнүһүн 7 кыраадыстан 12 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Күүстэх тыаллаах», —диэн иһитиннэрдэ.

«Ньукуолуҥҥа тымныы күннэр буолан эрэллэр. Урукку сылларга бу кэмҥэ сир-дойду көҕөрбүт буолуохтаах этэ. Күн-дьыл хаҕыс буолан, тымныы саас кэллэ. Урут да тымныйбыт кэмнэрдээх. 1957 сыллаахха 10 кыраадыска тиийэ тымныйа сылдьыбыт. Сылыйа сылдьыбыт кэмэ — 1981 сыл: 23 кыраадыс сылаас. Оттон былырыын баччаларга түүн — 9 кыраадыс тымныы, күнүс — 10 кыраадыс сылаас этэ. Күн балайда уһаата. Ол курдук, күн тахсыыта 3 чаас 18 мүн. Киириитэ — 9.20 мүн. Күн уһуна 18 ч.02 мүн. буолла«, — диэн бэлиэтиир Тускул.

Халлаан туруга күн эстиитин кытта ыкса сибээстээҕин туһунан норуот синоптига бэйэтин иһиттиннэриилэригэр өрүү бэлиэтиир:

— Күн эстиитэ олох мөлтөөтө, онон сылааһын биэрэрэ аччаата. Онон быйыл эмиэ сөрүүн сайын буолуоҕа. Төрүөтэ — сылаас кыһын. Тохсунньу уонна ахсынньы сылаас буоллахтарына, от ыйа уонна бэс ыйа тымныы буолаллар. Күн эстиитэ буолар күнэ киһи ис туругар дьайар. Онон «куһаҕан» диэн этэр күммүт бу өрөбүлгэ — ыам ыйын 21 күнүгэр түбэһэр. Бу нэдиэлэҕэ — ый эргэрэр кэмэ. Ол курдук, ыам ыйын 19-24 күннэригэр ый төрдүс чиэппэрэ буолар. Ый эргэрэр кэмэ дьарҕа буолбут ыарыыны эмтэнэргэ сөп түбэһэр. Бу кэмҥэ иһи-үөһү ыраастаныы буолан, аччыктыыр, элбэх ууну иһэр ордук.Сүһүөҕү эмтэнэргэ табыгастаах кэм.

Тускул кэлэр 10 хонугу — ыам ыйын 20 күнүттэн 31 күнүгэр диэри маннык билгэлээтэ:

— Киин улуустарга оптуорунньуктан күнүс 15 кыраадыс буолан, сыыйа сылыйан барыаҕа. Итинник 28 чыыһылаҕа диэри сыыйа, оттон 29 чыыһылаттан 17-18 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Ыам ыйын 24-25 күннэригэр «Ньукуолун ардаҕа» диэн өйдөбүл баар этэ да, бу ардах арыый да хойуутаан түһүүһү. Киин улуустарга ыам ыйын 22 күнүгэр — Ньукуолун күнүгэр ардах оннугар хаардыаҕа. Бүлүү бөлөх улуустарга билигин да өтөрүнэн түспэтэх хаар түһэ турар. Ньукуолуҥҥа көҕөрүөхтээх этэ да, Бүлүү бөлөх улуустарга кэлэр нэдиэлэ устата тымныы күн-дьыл туруоҕа. Сылыйыы сибикитэ бу эҥэр 30 чыыһылаттан биллиэҕэ. Кэбээйи уонна Эдьигээн улуустара бүлүүлэри кытта ыаллыы сытар буолан, эмиэ кэлэр нэдиэлэни быһа итинник тымныы, хаардаах күн-дьыл туруоҕа. Өлүөхүмэ уонна Ленскэй улуустарыгар эмиэ ардахтаах, хаардаах тымныы күн-дьыл. Дьааҥыга лаппа хаардаах күн-дьыл туруоҕа. Өймөкөөҥҥө эмиэ күн аайы ардах-хаар. Халыма эҥэр тымныы күн-дьыл турар. Бу эҥэр 25 чыыһылаттан ыла сөҥүү түһүүтэ тохтуоҕа. Анаабырга кэлэр нэдиэлэ эмиэ хаар-ардах. Онон Красноярскайтан кэлбит тымныы циклон дьайыыта күүстээх буолан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барытынан тоҥордо.

Норуот синоптига бэлиэтииринэн, күн-дьыл туруга ыам ыйын 29-30 күнүттэн тупсан, сайыҥҥылыы сылыйан барыаҕа. Онон уонча хонук тымныы тыаллаах хаардаах ардаҕы тулуйан көрөргө тиийэбит.

edersaas.ru

This post was published on 22.05.2017 12:57 12:57