Норуот синоптига Тускул бэйэтэ бэккиһиир: “Сэтинньи ыйын устата хаар олох түһүө суоҕа, дьэ сүрдээх!”

Хаартыска: Сэмэн Жендринскэй

Сэтинньи — сахалар саамай сүгүрүйэр ыйдарыттан биирдэстэрэ. Өбүгэлэрбит Байанайы булду-алды кытта ыкса сибээстииллэрэ. Олус үөрүнньэҥ, кэһии биэрэр курдук саныыллара. Махталлаах булчукка Байанай хара тыа баайыттан үөрэ-көтө бэрсэр диэн өйдөбүл олохсуйбут.

Сэтинньигэ түүмэх түһэн барар. Түүмэх диэн син биир кыраһа курдук. Уу паара тоҥон, хаар буолар уонна сиргэ түһэр. Түүмэх, үксүгэр, былыта суох буолар. Эһиилги сыл хайдах буолуон түүмэҕинэн билэллэр. Түүмэх элбэх буоллаҕына — өҥ дьылы, түүмэх аҕыйах буоллаҕына, курааны күүтэллэр. Ый ортотугар (14 күн) сылаас таҥаһы кэтэр күн. Халлаан тымныйар. Киһи кыһыҥҥы таҥаһын кэтэр. Ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам-даам буолбатах (ол ахсынньы 10-тан саҕаланыа). Күн сиэлиинэн күрэнэн иһэр. Хараҥа улаата турар.

Сэтинньигэ кыһын хайдах буолуоҕун, саас хойутуурун эбэтэр эрдэлиирин быһаараллар. Сэтинньи тибии элбээтэҕинэ үс буолар, оччоҕо саас тоҕус тибии түһэр. Бу түбэлтэҕэ өҥ дьылы күүтэллэр. Сэтинньи ыйын ыам ыйа батыһар.

Миитэрэйэп саҕана (сэтинньи 8 күнэ) халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына, сылаас кыһын буолара сабаҕаланара. Ыт атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, хаар түһүүтүгэр. Өрүс уута тура илигинэ кыстык хаар түстэҕинэ, куһаҕан дьыл кэлэр бэлиэтэ. Ойбону саҥа аллардахха уута толору тахсар, ардыгар модьоҕотун таһыгар охсор буоллаҕына, уулаах саас, итиэннэ өҥ сайын кэлэрэ күүтүллэр. Уу нэһиилэ тахсар, өрө тэппэт буоллаҕына, сааһыгар үрэххэ уу кэлбэт, уута суох саас буолар.

Сэтинньи ый билгэтэ

Сэтинньи ый 2 күнэ – бу күн былытырдаҕына,  кыһына ичигэс.

Сэтинньи ый 3 күнэ – бу ыйга үс тибии түстэҕинэ, саас тоҕус тибии түһэр дииллэрэ. Онтон элбэх буоллаҕына, өҥ дьыл буолар. Онтон аҕыйах буоллаҕына, кураан дьыл буолар.

Сэтинньи ый 5 күнэ – былыта суох күн хаар кыыдам­наан, элбэх кыраһа түстэҕинэ, өҥ дьылга. Кыраһата кыра буоллаҕына, кураан сыл буолар диэн суруйаллар.

Сэтинньи ый 8 күнэ – бу күнтэн (Миитэрэйэп күнэ), сахалыы халандаарынан, идэһэни өлөрүү саҕаланар. Миитэрэйэп күнүгэр халлааҥҥа чүмэчи курдук былыттар таҕыстахтарына – кыһына тымныы, оттон үдүк-бадык уонна сырдыктыҥы будулҕан былыттар таҕыстахтарына, тымныы кыһыны күүтүллэр.

Сэтинньи ый 15 күнэ – ый уонна үргэл алтыһаллар. Ырааҕынан ааһыстахтарына, сылаас соҕус буолар. Чугаһынан ааһыстахтарына, тымныы буолар дииллэр.

Сэтинньи ый 15 күнэ – муҥха бүтэр (Саха ыалын халандаарыгар — Мэхээлэйэп күнэ).

Сэтинньи ый 22 күнэ — былыттаннаҕына, ахсынньы 4 күнүгэр диэри ичигэс күннэр туруохтара.

Сэтинньи ый 25 күнэ – Уус Алдан улууһун Курбуһах олохтооҕо Федот Николаевич Аммосов суруйбутунан – Мэхээлэйэп таҥара күнэ.

Сэтинньи ый 26 күнэ – ый бүтүүтэ сэргэ төбөтө сэтэриччи тоҥор тымныыта түһэр. Бу өссө аам–­даам тымныы түһүүтэ буолбатах.

Сэтинньи ый 27 күнэ — саҥа үүнэр ый туруору та­­ҕыстаҕына – тымныы ый үүммүтүн бэлиэтэ.

Сэтинньи ый 28 күнэ — сулустар бачыгырыы хойуутук чаҕылыҥнастахтарына – халлаан тымныйыытыгар.

Сэтинньи ый 29 күнэ — кыһынын соҕурууттан, арҕааттан салгыннаннаҕына – тымныйар. Хотуттан, илинтэн салгыннаннаҕына – тыал-хаар түһэр.

Дьэ, кэлиҥҥи уонча сылга күһүммүт балай да уһаан, сымнаан иһэрэ сыл аайы биллэр буолла. Кыстык хаар улуус аайы араастаан түһэн билигин сорох улуустарга хаар олох суоҕун кэриэтэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бүгүҥҥү күннээҕи туругунан хаар олох чараас, сүөһүнү да, сылгыны да өлөрөргө улахан уустуктары үөскэттэ, мантан салгыы хаар түспэтэҕинэ сылгы кыстыгар уустук буолууһу. “Балаҕан ыйыгар сир аайы барытыгар ардаан, күһүҥҥү нуорматын толорон хаарбыт мэлийдэ дуу” диэҕи баҕарыллар

Сэтинньи ыйбыт хайдах эрэ сымнаҕас буолууһу, бу ыйга урут сэтинньи 7 күнүгэр -40С-45С кыраадыстаах тымныылар түһэллэрэ, бастакы массыыналар үрэхтэри, күөллэри туорууллар этэ. Бу ыйы анааран көрүү кэнниттэн -40С кыраадыстаах тымныылар бу ый бүтүүтүгэр Өймөкөөн, Үөһээ Дьааҥы улуустарын диэки түһүүһүлэр, атын улуустар -30С кыраадыс иһинэн-таһынан буолууһулар, онон сэтинньи-ахсынньы ыйдарбыт сымнаҕас буолаллар диэн тойоннуубут. Бу аата Артика сылыйыыта, Хотугу муустаах муорабыт мууһун ириитин охсуута буолар, эһиил өссө сылыйаары турар онон айылҕа тосту уларыйыыларын биирдэ буолар көстүүлэрин туоһулара буолабыт.

ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР

Сэтинньи ыйы илин эҥэр үгүс улуустарыгар, былырыыҥҥы дьылы кытары тэҥнээтэххэ, бастакы иккис дэкээдэлэргэ -30С түһэр тымныылара өтөрүнэн суох курдуктар, үһүс дэкээдэҕэ -35С кыраадыс буолуоҕа, онон сэтинньи сымнаҕас ый буолара чуолкай. Сөҥүү урукку сыллары кытта холоотоххо кэмчи соҕус, биир күн улаханнык хаардыа уоннааҕы күннэргэ хаар түһэрэ күүтүллүбэт.

Бу ый I дэкээдэтэ урукку сылларга тэҥнээтэххэ ичигэс курдук. Күнүһүн -19С кыраадыс, түүнүн -26С. II дэкээдэҕэ күнүһүн -23С кыраадыс , түүнүн  -29С.

III дэкээдэҕэ күнүһүн -32С кыраадыс сылаас, түүнүн  -36С.

КИИН УЛУУСТАР

Ый устата киин улуустарга хаара эмиэ кэмчи буолууһу, ол оннугар күн аайы кыра кыралаан кыраһалыаҕа. Ый устата баара-суоҕа 15 мм хаар түһүөҕэ.

Бу ый I дэкээдэтэ урукку сыллары кытта тэҥнээтэххэ сылаас,  күнүһүн -16С, түүнүн -19С. II дэкээдэ күнүһүн -23С, түүнүн  -27С. III дэкээдэ күнүһүн -28С, түүнүн  -34С  кыраадыс тымныы.

БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР

Бүлүү эҥэр улуустарга эмиэ хаара суоҕун кэриэтэ. Икки эрэ күн устата өлгөмнүк хаардыаҕа, ый устата 15 мм хаар түһэрэ күүтүллэр. Урукку сыллары кытары тэҥнээтэххэ улахан тымныыта эмиэ суох. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -19С кыраадыс, түүнүн -23С. II дэкээдэҕэ улахан тымныы суох, күнүһүн -21С, түүнүн -25С. III дэкээдэҕэ күнүһүн -30С, түүнүн -34С кыраадыс.

ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ

Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга, сэтинньи ыйга, үс эрэ күн устата өлгөмнүк хаардыаҕа онтон атын күннэргэ хаара суох. Ый устата 22 эрэ мм хаар түһүөҕэ. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -8С, түүнүн -14С. II дэкээдэҕэ күнүһүн -18С, түүнүн -22С. III дэкээдэҕэ күнүһүн -24С, түүнүн -29С кыраадыс.

ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА

Өймөкөөн — Сахабыт сирин саамай тымныы улууһунан биллэр этэ манна эмиэ урукку сылларга тиийбэт тымныы түһэн халлааннара биллэ сымныыһык. Алтынньы ыйга сөҥүүтэ кэмчи этэ онтон бу сэтинньи ыйга хаарын олох даҕаны мэлиппит, “ый устата хаар олох түспэт үһү, дьэ сүрдээх!” диэтэҕин. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -27С кыраадыс, түүнүн -33С тымныы. II дэкээдэҕэ күнүһүн -28С, түүнүн -35С. III дэкээдэҕэ күнүһүн -37С, түүнүн -40С кыраадыс тымныйар.

ҮӨҺЭЭ ДЬААҤЫ УЛУУҺА

Үөһээ Дьааҥы — Сахабыт сирин биир эмиэ чыпчаал тымныы улууһунан биллэр, оттон быйылгы сыллааҕы сылыйыы кинини эмиэ тумнубатах, хаар эмиэ атын улуустар курдук кэмчи соҕус буолууһу. Сэтинньи ыйга баара-суоҕа 9 мм хаар түһэрэ күүтүллэр. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -29С, түүн -35С. II дэкээдэҕэ күнүһүн -32С, түүнүн -37С. III дэкээдэҕэ күнүһүн -38С, түүнүн -42С кыраадыс тымныы.

АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА

 Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга, алтынньы ыйга сүҥүүтэ олох кэмчитин ааһан аны бу сэтинньи ыйга кыырпах да хаар суох буолууһу. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -25С, түүнүн -29С. II дэкээдэҕэ күнүһүн -27С кыраадыс, түүнүн -32С. III дэкээдэҕэ күнүһүн -34С, түүн -36С.

АНААБЫР, ӨЛӨӨН, БУЛУҤ

Артика эҥэр улуустары атын улуустарга холоотоххо син орто хаардаах буолууһу, ол гынан баран ый устата 22 мм хаар түһэрэ күүтүллэр. Бу ый I дэкээдэтэ күнүһүн -24С кыраадыс, түүнүн -26С. II дэкээдэҕэ күнүһүн -21С, түүнүн -23С. III дэкээдэҕэ күнүһүн -25С, түүнүн -28С кыраадыс.

Бэлэмнээтэ Сэмэн Жендринскэй

This post was published on 31.10.2024 15:22 15:22