Маннык федеральнай сокуон бу сыл бэс ыйын 10 күнүттэн үлэлээтэ. Чуолаан үп-харчы өттүнэн, информация биэрии, консультация ыытыы уонна тэрийии үлэлэргэ өйөбүл баар буолуоҕа.
Саҥа нуорманан, федеральнай таһымҥа норуот уус-уран айымньытын уонна оҥорон таһаарар испииһэгин, оттон эрэгийиэн таһымыгар урбаанньыттары уонна бэйэ дьарыктаах буолуу дьон испииһэгин хомуйуохтара.
Хас биирдии эрэгийиэн иһинэн уус-уран-эспиэртиир сүбэлэр тэриллиэхтэрэ. Сүбэ чилиэттэрэ уран тарбахтаах уустар, иистэнньэҥнэр үрдүк таһымнаах оҥоһуктарын, оҥорор ньымаларын чинчийиэхтэрэ уонна оҥоһук хаачыстыбатын сыаналыахтара.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 4 тыһ. тахса киһи өбүгэ саҕаттан тиийэн кэлбит норуот уус-уран төрүт дьарыга сайдарын туһугар үлэлэһэр. Кинилэртэн 600-тэн тахса киһи “норуот маастара” диэн бочуоттаах ааты сүгэр. Бары улуустарга маастардар 112 холбоhуктара үлэлииллэр.
This post was published on 10.06.2024 16:04 16:04