Норуот фронун киин ыстаабын чилиэнэ: Дьокуускай куорат былааһа хаарбах туруктаах дьиэлэр бас билээччилэрин бырааптарын күөмчүлүүр

Бүтүн Россиятааҕы норуот фронун киин ыстаабын чилиэнэ Светлана Калинина Дьокуускай куоракка оробуочай сырыытын кэмигэр олохтоох былаас хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү боппуруостарын быһаарыытыгар саарбахтыырын биллэрдэ. Кини Якутская, Ильменская, Билибин аатынан уонна да атын уулуссаларга турар кыһалҕалаах объектары кэрийэн көрдө. 


«Дьокуускай — мин кэрийэн көрбүт 50-с регионум буолар. Ол сырыым тухары манна курдук былаас өттүттэн дьоҥҥо болҕомтото суох сыһыаны ханна да көрбөтөҕүм. Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент уонна территорияны сайыннарыыга Агентство олохтоох салайааччылара федеральнай сокуоннары бэйэлэригэр эрэ сөп түбэһэр гына түҥ-таҥ туталлар«, — диэн эттэ Светлана Калинина суруналыыстарга.

Атырдьах ыйын 2 күнүгэр Калинина салайааччылаах «Күннээҕи олох хаачыстыбата» норуот фронун оробуочай бөлөҕө хаарбах  уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын туолуутун чэрчитинэн кыһалҕалаах аадырыстарга сырытта. Бастаан Якутская 13 нүөмэрдээх дьиэтигэр тиийдилэр. Манна олохтоохтор дьиэни саахалланар туруктааҕынан ааҕалларыгар сөпсөспөттөрүн, онон тутааччы усулуобуйатыгар киирсэргэ бэлэмэ суохтарын эттилэр.

«Тохсунньу ыйга «Трансстрой» ААУо бэрэстэбиитэллэрэ биһиги бас билиибитин кинилэр кыбартыыраларыгар атастаһар туһунан этиилээх тахсыбыттара. Биһиги сыанабытын эппиппит. Онно гараж уонна сир сыаната эмиэ киллэриллибитэ. Онуоха кинилэр бэйэлэрин этиилэриттэн аккаастаабыттара. Тута куорат дьаһалтатын нөҥүө дьиэни саахалланар туруктааҕынан биллэрбиттэрэ. Бу олох аҕыйах хонук иһигэр оҥоһуллубута. Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа кулун тутар 14 күнүгэр тэриллээт, объекка чинчийии оҥорор уонна ол күн акт толорон, илии баттанар. Биһигини онно кытыннарбаттар. Докумуон «Трансстрой» тэрилтэни кытта дуогабардаах эксперт түмүгэр олоҕуран оҥоһуллар«, — диэн кэпсиир бас билээччи Андрей Жиренко.

Светлана Калинина көрүүтүнэн, бу дьыалаҕа дьон быраабын чахчы күөмчүлүүр ньыма туттуллубут: «Градостроительнай нуорма кэһиллибитин үрдүнэн — наһаа чугас элбэх этээстээх дьиэлэр тутуллубуттарынан, Якутская 13 нүөмэрдээх дьиэтигэр олортон уу киирэринэн — эбиитин биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа сокуоннайа суохтук үлэлээбит. Олохтоох дьоҥҥо биллэрбэтэх, мэрия кинилэр оннуларыгар бэйэтэ быһаарыы ылбыт«.

Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент дьиэ фондун отделын начальнига Дмиверий Колесов норуот фронун бэрэстэбиитэлин этиитин кытта сөбүлэспэтин биллэрэр: «Бу дьиэни саахалланар туруктааҕынан билинии сокуон чэрчитинэн ылыллыбыта. Тутууну кэтээн көрөр управление түмүгэ баар«.

Оттон Якутская 39/1 уонна Ильменская 57/1 дьиэлэри өр кэм устатата саахалланар туруктааҕынан билинэ иликтэр. Үгүс кыбартыыра манна муниципальнай бас билиигэ баарын үрдүнэн.

«бу түбэлтэҕэ куорат бэйэтиттэн эппиэтинэһи устуммут. Салайааччылар этэллэринэн, олохтоохтор бэйэлэрэ хамыыһыйа үлэтин ыыттарыахтаахтар уонна ол хамыыһыйа туруорбут ирдэбиллэрин туолуутун ситиһиэхтээхтэр. Олохтоохтор маннык туруктаах дьиэҕэ олоруу олус кутталлааҕын туһунан сурук суруйаллар даҕаны, куорат дьаһалтата биир да дьаһалы ылыммат. Бу икки дьыала бэйэ-бэйэлэриттэн туох уратылаахтарый? Бастакыга — дьон санаата буолбакка, сир наада. Икки бүтэһик дьиэҕэ — дьон кыһалҕата да, сир да наадата суох«, — диэн бэлиэтээтэ Калинина.

Фронт киин ыстаабын чилиэнэ быһаарбытынан, биир да сокуон «дьон үрдүнэн барары» көҥүллээбэт, ол иһин фронт кыттыһар: «Нэһилиэнньэ сайабылыанньаны сөпкө суруйарыгар, докуомуону сөпкө бэлэмнииригэр үөрэтэбит. Бары биири өйдүөххүтүн наада: өскөтүн баай-дуол бас билиигэ баар буоллаҕына, муниципалитет территорияны сайыннарыыга быһаарыы ылынарыгар эһиги этиигитин истиэхтээх«.

This post was published on 03.08.2017 11:37 11:37