Норуот дружинниктара биир чаас үлэлээтэхтэринэ биир мөһөөх солкуобайы ылыахтара. Маны таһынан анал таҥас, бэлиэ мал, үлэлииргэ наадалаах мал-сал ылалларыгар 800 солкуобайы көрүөхтэрэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Норуот дружиналарын тэрийиигэ субсидия саҥа көрүҥэ быйыл от ыйыгар Ил Дархан ыйааҕынан олохтоммута. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ити сыалга 16,4 мөл солкуобай көрүллүбүт. Субсидияны ылыыга сайын ыытыллыбыт күрэххэ 19 оройуон итиэннэ икки куорат уокуруктара кыайан, харчынан көмөнү тутуохтара. Ыччат министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн көмө харчыны 1757 дружинник тутуон сөп.
Саха сиригэр билиҥҥитэ 117 норуот дружината, биир быраабы араҥаччылыыр уопсастыбаннай тэрээһин баар. Кинилэр көмөлөрүнэн 69 административнай буруйу кэһии бэлиэтэммит.