Норуот дружиналарын сөргүтэллэр

Ыччат министиэристибэтэ олохтоох дьаһалталарга норуот дружиналарын тэрийэргэ харчынан көмөлөһүө. Субсидиянан көмөнү муниципалитеттар күрэх түмүгүнэн тутуохтара.


Күрэххэ сайаапканы бу ый 25-тэн олунньу 8 күнүгэр диэри тутуохтара. Куонкуруска куорат, тыа сирин олохтоох салайыныылара, куорат уокуруктара кыттыыны ылыахтарын сөп.

Кыайыылаахтар харчыны норуот дружиналарын тэрийиигэ, анал таҥаска, хамнаска туттуохтара.

This post was published on 20.01.2021 15:03 15:03