Ийэ тыл чэрчитинэн уонна уһулуччулаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй деятель П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар «Дорҕоонноох тылым хоһооно долгутар алгыстаах» диэн суруйааччылардыын уонна публицистардыын көрсүһүү буолла.
П.Ойуунускай аатынан мусуойга ыытыллыбыт көрсүһүүгэ «Якутия. Образ будущего» интэриниэт-портал кылаабынай эрэдээктэрэ, историческай наука хандьыдаата Афанасий Николаев, кыраайы үөрэтээччи Степан Попов—Айыы Сиэн, публицист, суруйааччы Утуман Таман, Дьокуускай куорат уонна Бүлүү улууһун уопсастыбаннаһа кытыннылар.
Утуман Таман
«Вера белого Аар Айыы Таҥара», «Үрүҥ Аар Айыы Таҥара итэҕэлэ» кинигэлэр ааптардара Утуман Таман саха омугун түҥ былыргы историятыгар уонна итэҕэлигэр ураты көрүүлэрин билиһиннэрдэ. Бэйэтэ физик үөрэхтээх, өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ бырамыысыланнай тэрилтэлэригэр хайа инженеринэн уонна геолог-нефтянигынан үлэлээбит киһи саха төрүт үгэстэрин көрүүтэ уларыйан, нууччалыы аатын, араспаанньатын уларытан, Таман Утуман Николаевич буолбута. «Үрүҥ Аар Айыы Таҥара итэҕэлэ» кинигэтигэр саха итэҕэлин бары көрүүлэрин бииргэ түмэн, ааҕааччыга билиһиннэрбитэ.
Утуман Таман саха омук үөскээһинин, историятын уонна итэҕэлин килиимэт сүҥкэн уларыйыытын нөҥүө көрөр. Кини этэринэн, килиимэт араас уларыйыылара тахсыбыттарыгар аан дойду былыргы итэҕэлэ дьоҥҥо өйдөммөт буолан барбыт. Сотору кэминэн сиргэ араас саҥа итэҕэллэр үөскээбиттэр. Олох хаамыытынан саҥа итэҕэллэр эргэрэн испиттэр уонна сороҕор утарсыыны көрсүбүттэр. Саха норуота саҥа итэҕэллэр үөскүөхтэригэр уонна «кырдьыахтарыгар» диэри кый ыраах уонна тымныы килиимэттээх сиргэ олорбут буолан, тылыгар, үгэстэригэр, номохторугар уонна олоҥхотугар былыргы аан дойду итэҕэлин төрүөттэрин илдьэ хаалбыт.
Утуман Таман: «Итэҕэл саамай төрдө – киһи киһилии буолуохтаах. Киһилии эрэ дьон буоллахпытына, тыыннаах хаалыахпыт», – диэн этиитэ билиҥҥи балысханнаах олохпутугар суолтатын сүтэрбэт.
Айыы Сиэн
Айыы Сиэн наука хандьыдаата Афанасий Николаев «Тайная история саха» диэн 2015 с. тахсыбыт научнай-популярнай кинигэтин «Саха кэпсээбэт кистэлэҥэ» диэн сахалыы тылбаастаабыта. Сахалыы «саҥарбыт» научнай үлэ килиимэти үөрэтээччилэр, генетиктэр, археологтар саха былыргы төрүттэригэр кэнники оҥорбут чахчыларыгар олоҕурбут буолан, ааҕааччылар уонна уопсастыбаннас улахан интэриэһин тардыбыта.
Чыҥ уус хаана – Чыҥыс Хаан өбүгэлэрин уонна сыдьааннарын Айыы Сиэн анааран аттарыытын каартаҕа киллэрбиттэрэ улахан интэриэһи үөскэтэр. Айыы Сиэн бэйэтин көрүүлэрин бэрт холку куолаһынан каартаҕа көрдөрө-көрдөрө кэпсээһиниттэн сахалар үөскээбит төрүппүтүн ыраҥалыы, харахпытыгар ойуулаан көрө олордубут.
Ол да иһин, ааптар Афанасий Николаев: «Сибиир түүр төрүттээх өрөспүүбүлүкэлэригэр уонна Казахстаҥҥа сырыттахпына, урукку олохторбутуттан биирдэригэр мин манна баар этим диэх курдук санаа арахсыбат. Дьон-сэргэ сирэйэ-хараҕа, айылҕа көстүүтэ, үрдүк мэҥэ халлаан мэлдьи мин төрөөбүт дойдубун – Сахам сирин санаталлара. Биһигини туох ситимниирин өйбүнэн тобулбакка эрэ сүрэхпинэн сэрэйэрим, таайарым. Сабаҕалааһыннарбын тургутар кыах суоҕа – научнай интэриэстэрим эйгэтэ соторутааҕыга диэри төрөөбүт норуотум историятын таарыйбат этэ. Арай кэнники үс сылга «Саха сирэ 2050 сыллаахха диэри инники сайдыытын көрүү» диэн научнай бырайыак көмөтүнэн төрөөбүт норуотум төрдүн үөрэтэргэ кыах баар буолла», – диэтэҕэ.
Маннык бэрт сэргэх дьаһалы «Илин» уопсастыбаннай тэрилтэлэр регионнааҕы холбоһуктара тэрийдэ.
This post was published on 20.02.2018 14:00 14:00