Норуодунай композитор 125 сааһын атынан айаннаан бэлиэтээтилэр

Саха бастакы норуодунай композитора, бастакы хомус ансаамбылын, саха хорун тэрийээччи Адам Скрябин төрөөбүтэ 125 сааһыгар төрөөбүт Хаҥалаһын баһылыктара уонна Ил Түмэн дьокутаата Дмитрий Семенов Эркээни хочотун Ытык Бахай сириттэн Ытык Куллатыга диэри атынан бардылар.  


Адам Скрябин сахалартан бастакынан Москубатааҕы муусука консерваториятыгар үөрэммит, бастакы саха ырыаларын нуоталарын уонна мелодияларын хомуурунньугун ааптара. Кини саха мелодияларын хомуйара. Адам Скрябин Ис Бүтэй диэн төрүкү уустар сирдэриттэн төрүттээх.

Бастакы хормейстер аатын үйэтитээччилэр Ой сириттэн Куллатыга диэри биэс чааһынан тиийдилэр. Чааска 7-8 килэмиэтири баран, Эркээни хочотун Чыбахчы — Эбэ Быраан — Ис Бүтэй — Ой Бэс — Ат Быраан — Кумахтаах Маалтааны — Тоҕой — Харыйалаах — Хахсык сирдэринэн сырыттылар.

This post was published on 31.05.2021 13:01 13:01