Алтынньы 11 күнүгэр Россия үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха театрын 22 сыл салайбыт дириэктэрбит, артыыс Анатолий Николаев 75 сааһын туолбут үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.
Анатолий Павлович Саха театрын сценатыгар оонньообут хатыламмат оруолларыттан биирдэстэринэн саха аатырбыт атыыһыта, Сахатын дьонугар күүскэ көмөлөспүт Сахатын сирэ сайдыытыгар элбэх саҥаны киллэрсибит бастакы гильдиялаах Гавриил Никифоров – Манньыаттаах Уола буолар. Ити киэһэ Саха театрын артыыстара Андрей Борисов хаттаан туруоруутугар Баһылай Харысхал “Эргиллиэм хайаан да…” испэктээкилин көрдөрдүлэр.
Испэктээкил кэнниттэн Анатолий Николаевка Ил Дархан ыйааҕынан бигэргэммит “Норуоттар икки ардыларыгар эйэни уонна доҕордоһууну бөҕөргөтүү иһин» бочуоттаах бэлиэ, итиэннэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыттан, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтиттэн эҕэрдэ суруктар туттарылыннылар, ыраахтан-чугастан төлөннөөх эҕэрдэ тыллара этилиннилэр.
Андрей Борисов, Саха театрын уус-уран салайааччыта, РФ норуодунай артыыһа, РФ уонна СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин түөрт төгүллээх лауреата, биллиилээх режиссер: “Анатолий Николаев – уһулуччулаах артыыс, театр сценатыгар хатыламмат оруоллары толорон кэллэ. Дириэктэрдиир кэмигэр Саха театра Россия судаарыстыбаннай бириэмитин “Кыһыл көмүс маасканы” түөрт төгүл ыларын ситиспитэ, бырааттыы республикалары кытта доҕордуу сыһыаны үөскэтэн, бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар улахан гастроллары тэрийбитэ”.
Петр Макаров, СӨ үтүөлээх артыыһа, Саха театрын дириэктэрэ: “Саха театрыгар 20-тэн тахса сыл салайбыт дириэктэрбит Анатолий Павлович билигин даҕаны үтүө сүбэтинэн-аматынан биһигини өрүү өйүү сылдьарыгар махтанабыт”, — диэн театр бары дьонун аатыттан махталын биллэрдэ.
Александр Жирков, СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы: “Анатолий Николаев муҥурун булларбатах артыыс. Кэмиэдийэттэн саҕалаан драматическай уобарастарга тиийэ барытын оонньуур кыахтаах. Анатолий Павлович салайааччы быһыытынан кырдьаҕас артыыстарын үлэлэриттэн тохтоппотоҕо, орто дойдуттан арахсалларыгар ытык дьонун саха үгэһинэн сахалыы сиэринэн ытыктаан, бүөбэйдээн атаарбыта. Саха буоларбыт быһыытынан ити үгэстэр тохтообокко салҕаныах тустаахтар”.
Афанасий Ноев, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ:
“ Анатолий Павлович Николаев саха култуурата, духуобунаһа, искусствота сайдарын туһугар ис сүрэҕиттэн үлэлээн кэллэ. Биир дьоһун улахан үлэтинэн саха суруйааччыларын айымньыларын араадьыйаҕа ааҕан үйэтитэн, саха норуотугар, духуобунай култуурабытыгар сүҥкэн улахан кылааты киллэрдэ. Саха билиҥҥи интеллигенцията эйигинэн киэн туттар”, — диэн туран Саха араадьыйатын Көмүс фондатыттан Анатолий Николаев аахпыт айымньыларын бэлэх уунна.
Салгыы Москватааҕы Биибилийэ тылбааһын институтун координатора уонна таҥара үөрэҕин таһаарыыларын редактора, Саха епархиятыгар тылбаас үлэтин салайааччыта Саргылаана Леонтьева эҕэрдэлээтэ: “Анатолий Николаев 90-с сылларга Иисус Христоһу, быйыл Библия биир кинигэтин сахалыы саҥарта”, — диэн махтанна, Москватааҕы Библия тылбааһын институтун аатыттан махтал суругу туттарда.
Анатолий Павлович бииргэ үөскээбит доҕоро СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Григорьев биир дойдулаахтарын аатыттан махтанан туран эҕэрдэ тылын анаата.
Анатолий Николаев харда тылыгар: “Мин артыыс дуу, булчут дуу буолуохпун баҕарар этим. Артыыс буолан театрга үлэлиибин, онтон булчут буолбуппун тахсан фойеҕа бэйэҕит бэрэбиэркэлээҥ”, — диэтэ уонна улуу поэт Тимофей Сметанин: “Тыыннаах буолуу айхалыгар, Тыҥ-лыҥ тыаһааҥ көмүс бакааллар, Үчүгэйиҥ даа тыыннаах буолар, Үөрүҥ-көтүҥ тыыннаахтар!” диэн мустубут көрөөччүлэрин булчут сандалытыгар фойеҕа ыҥырда.
This post was published on 17.10.2024 10:30 10:30