Николай Васильев: Иммунитет сүрүн “өстөөҕүнэн” стресс буолар

Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа кылаабынай бырааһа Николай Васильев быһа эфир кэмигэр сүбэлэри биэрдэ. Коронавирус пандемиятын кэмигэр доруобуйаны хайдах харыстыахха сөбүй? Ол туһунан СИА суруйар.


«Инфекция тарҕаныыта – киһиттэн киһиэхэ. Маны сэргэ “контактаһыы” түмүгэр сыстыахха сөп. Ол иһин хайаан да илиини суунар, оҕуруот аһын, фруктаны сууйар наадалаах. Хайаан да мааската кэтиҥ, бэргэһэлээх сылдьыҥ, баттаххытын көрдөрүмэҥ. Инфекцияҕа сыстыбат туһугар бэрчээки кэтэргитин умнумаҥ. Төлөпүөннэргитин, гаджеттаргытын ыраастыы сылдьыҥ», — диэтэ Николай Васильев.

Кини бэлиэтээбитинэн, “самоизоляция” эрэһиимэ саамай сүрүн дьайыы буолар. Ордук саастаах дьоҥҥо.

«Уулуссаҕа тахсартан туттунуҥ. Ыарыйдаххытына бырааһы дьиэҕитигэр ыҥырыҥ. Коронавируһу таһынан өссө тумуу күүлэйдии сылдьарын санатабын. Битэмииннээх аһы аһааҥ, ордук С битэмиин. Үөрүҥ-көтүҥ, чөл туруктаах сылдьыҥ, иммунитет сүрүн өстөөҕүнэн стресс буоларын умнумаҥ, бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ», — диэтэ кылаабынай быраас.

This post was published on 03.04.2020 18:01 18:01