Николай Патрушев миграция боппуруоһугар тыа сирин сайыннарыахха наадатын эттэ

РФ Куттал суох буолуутун сэкирэтээрэ Николай Патрушев Дьокуускайга сырыытын кэмигэр тыа сирин сайыннарыы күүскэ барыахтаах диэн бэлиэтээтэ. Мунньахха Уһук Илин регионнарын салайааччылара, федеральнай структуралар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.


Санатан эттэххэ, былырыын атырдьах ыйыгар Сахалиҥҥа буолбут мунньахха Николай Павлович Уһук Илин регионнарыгар энергетика, ас-үөл кыһалҕалара күүскэ туралларын ыйбыта. Онно кини энергетика сайдыыта бытаанын, нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһын, аһынан-үөлүнэн хааччыллыы мөлтөҕүн эппитэ. “Бу регионнарга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы былырыыҥҥытааҕар 1,6 % кыччаата. Бэйэбит бородууксуйаларбытынан кыайан хааччыммаппыт. Ордук эт-үүт, оҕуруот аһа тиийбэт. Онон оҥорон таһаарыыга, анал үөрэхтээх исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ ордук болҕомтону ууруохха”, — диэн бэлиэтиир кини былырыыҥҥы мунньах түмүгүн таһаарарыгар.

Оттон быйыл Сэбиэт сэкирэтээрэ тас дойдулары кытары сыһыан, миграция боппуруостарын ырытта. Билигин миграцияны хонтуруоллуурга Россияҕа Куттал суох буолуутун сэбиэтин быһаарыытын, Национальнай куттал суох буолуутун стратегиятын, Миграция бэлиитикэтин 2025 сылга диэри оҥоһуллубут концепциятын чэрчилэринэн, федерация да, регион да таһымыгар үлэ күүскэ барар. Ол эрээри, Николай Патрушев бэлиэтииринэн, билигин да көҥүлэ суох кэлии тохтуу илик. Ол иһигэр сымыйа докумуону оҥоруу, албыннаан пропискаланыы наһаа элбэх. Ордук Уһук Илин регионнарга, аҕыйах ахсааннаах сирдэргэ, ити көстүү элбэҕин бэлиэтээтэ.

Биир өттүнэн ыллахха, бу регионнарга баараҕай бырайыактары олоххо киллэриигэ үлэһит илии наада курдук. Ол иһин тас дойдуттан үлэлии кэлэр киһи ахсаана эбиллэ турар. Холобур, быйыл Уһук Илин регионнарга уопсайа 400 тыһ. тахса киһи регистрацияламмыт (былырыыҥҥытааҕар 15 % эбиллибит) эбит буоллаҕына, аҥаардара үлэлиир, хамнас аахсар сыаллаах-соруктаах кэлбит. Саха сиригэр, билиҥҥи туругунан, 27367 киһи кэлбитэ биллэр. Былырыын бу сыыппара 26581 тэҥ. Суут уурааҕынан, 251 киһи дойдутугар утаарыллыбыт. Быйыл барыта 5458 үлэҕэ миэстэ бэриллибит.

Ол оннугар регионнартан дьон-сэргэ көһүүтэ эбиллэ турар. “Сүүрбэччэ сыл иһигэр Уһук Илин регионнартан 2 мөл. кэриҥэ киһи көспүт. Ити уокурук уопсай нэһилиэнньэтин ахсааныттан 20 % ылар. Сүрүннээн регионнарга социальнай, дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба, тырааныспар, суол-иис, хамнас өттүнэн ыарахаттар баалларыттан көһөллөр. Ону сэргэ ас-үөл кырыымчыга (ордук тыа сиригэр), үлэ-хамнас суоҕа тэбэр. Маннык балаһыанньа ордук Еврей автономнай уобалаһыгар, Приморьеҕа уонна Камчаткаҕа бэлиэтэнэр. Ити барыта дьон олоҕор-дьаһаҕар охсор. Ол иһин атын сиргэ көһөн үлэлииргэ күһэллэллэр”, — диэн бэлиэтиир Николай Патрушев.

Биллэн турар, киһи үчүгэй үлэлээх-хамнастаах, олорор усулуобуйалаах буоллаҕына, онно олохсуйан дьиэ-уот тэринэр, оҕо-уруу төрөтөр. Ол да иһин билигин регионнар нэһилиэнньэ ахсаанын элбэтиигэ, тыа сиригэр ыччаты олохсутууга сыал-сорук туруоран үлэлии олороллор. Николай Павлович манна туһаайан: “Эдэр дьон кэлэн олохсуйалларын көҕүлээҥ. Киин регионтан, тас дойдуттан бэйэҕит дьоҥҥут төннөн кэлэллэрин ситиһиҥ”, — диэн этэр.

Түмүккэ Куттал суох буолуутун сэбиэтин сэкирэтээрэ тас дойдуттан кэлэр дьон уонна онно сыһыаннаах үлэһиттэр бэрээдэги кэспэттэрин туһугар үлэ барыахтааҕын тоһоҕолоон эттэ. Кистэл буолбатах, бу эйгэҕэ билигин сымыйа докумуонтан саҕалаан хоруупсуйаҕа тиийэ араас буруй оҥоһуллар. Ону таһынан кинилэр быыстарыгар араас өйдөөх-санаалаах дьон кыбыллан киириэхтэрин сөп. “Араас хара санаалаах дьон өтөн киириэхтэрин сөп. Онон эрдэттэн итини туоратарга ылсыһыҥ, сокуону кэспит дьону, суут уурааҕынан, дойдуларыгар ыытан иһиҥ”, — диэн иһитиннэрэр мунньах түмүгэр Николай Патрушев.

This post was published on 09.08.2017 12:00 12:00