«Дыгын оонньууларын» финалыгар күрэхтэһии биир лиидэрэ, Таатта бөҕөһө Николай Матаннанов эчэйэн, кыттыбат буолла диэн «Спорт Якутии» иһитиннэрэр, суруйда Саха сирэ саайт.
Николай Матаннанов оннугар Орто Халыматтан сылдьар Алексей Созонов кыттыаҕа диэн национальнай многоборье федерацията быһаарбыт.
Алексей Созонов «Дыгын оонньууларын» бүтэһик сүүмэрдиир түһүмэҕэр бэһис миэстэни ылбыта. Кини хотугу многоборьеҕа Саха сирин уонна Арассыыйа успуордун маастара, өрүспүүбүлүкэ рекордсменынан, Арассыыйа алта төгүллээх чөмпүйүөнүнэн буолар.
«Дыгын оонньуулара» бэс ыйын 29-30 күннэригэр Туймаада ыһыаҕын кэмигэр ыытыллыаҕа.
This post was published on 04.06.2024 14:33 14:33