Бэс ыйын 5 күнүгэр киэһэ 8 чааска Саха сирин народнай депутатын 12 №-дээх Өлүөхүмэтээҕи биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка эбии быыбара түмүктэннэ. «Биир ньыгыл Россия» чилиэнэ, «Саханефтегазсбыт» гендириэктэрин солбуйааччыта Николай Кульбертинов, барыллаан түмүгүнэн, кыайда.
«Николай Иванович — улахан уопуттаах салайааччы, төрөөбүт оройуонугар кыһаллар, кыһалҕаларын, сайдыытын билэр. Улуус олохтоохторун итэҕэллэрин толоруо дии саныыбын» — Кульбертиновы Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.
Быыбарга үс кандидат кытынна: Михаил Еникеев (ЛДПР), Алена Колмыгина (КПРФ), Николай Кульбертинов (Биир ньыгыл Россия).
Өлүөхүмэ оройуонугар барыта 40 быыбардыыр учаастак үлэлээтэ. Саха сирин Киин быыбардыыр кэмитиэтин түмүгэ тахсыаҕа.
Эбии быыбарга кыттыы 31,77% буолла. Николай Кульбертиновка быыбардааччы 72,96% куолаһа бэрилиннэ.
This post was published on 06.06.2022 09:01 09:01