Николай Климович сахатын норуотун дьиҥнээх бөтүрүйүөтэ этэ. Кини саха омугун тыла, култуурата сайдарын, ахсаана элбиирин, кэскилэ кэтириирин туһугар араас санааны, идиэйэни эппитэ элбэх. Олору дьон араастык ылынара, мөккүһэрэ да. Ол эрээри Бэрэпиэссэр дириҥ билиитинэн, киэҥ далааһынынан олох былыргы да, аныгы да уопутун ырытан кэпсиирэ өрүү кэрэхсэбиллээх үтүөнү ыралыыр, баҕарар тосхоллоох буолара. Онон кини санаалара күн бүгүн да биһиэхэ, саха дьонугар, суолталаахтар, дьоһуннар, кынаттаахтар.
Филиппов Гаврил Гаврильевич,
тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр,
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт,
Дьокуускай к.
3. Омук ахсаанын элбэтии туһунан
Бэрэпиэссэр Николай Климович Антонов омук туруктаах олоҕо уонна сайдыыта кини ахсааныттан тутулуктааҕын туһунан элбэх ыстатыйаны суруйбута. Маныаха кини омук экэниэмикэтин буолбакка, бастатан туран, ыал буолууну, тэринэн-дьаһанан олорууну, дьахтар оҕолонуутун, бөтүрүйүөттүү өйү-санааны суолталыыра. Биллэн турар, онно омук гиэнин, чөл өйүн-санаатын суолталыыра.
Н.К. Антонов омук ахсаанын элбэтэригэр уонна хаачыстыбата тупсарыгар маннык этиилэри оҥорбута [СС.01.07.98]:
- Билигин биһиэхэ эдэр дьахталларбыт 50 % эрэ суох аҥардас сылдьаллар. Ол дьахталлар толору күүстэринэн норуоттарын туһугар үлэлиэхтээхтэр. Дьахталлар сүнньүнэн ийэ, эбэтэр инкубатор-ийэ эбэтэр оҕо көрөр үлэһит буолан үлэлиэхтээхтэр;
- Үчүгэй туруктаах уонна удьуордаах эр дьоннорбут олус аҕыйахтарын быһыытынан, дьахталларбытын, сүнньүнэн, лабораторнай ньыманан талыы сиэмэнэн буоһатан, үчүгэй элитнэй төрүөҕү ылыахтаахпыт;
- Аҕыйах ахсааннаах үтүө удьуордаах эр дьоммутугар элбэх ойохтонор быраабы сокуонунан биэриэхтээхпит. Бу үгэс балай да ситиһиилээх буоларын, холобур, узбектар көрдөрөллөр. Кинилэргэ элбэх ойохтонор үгэс былыргыттан баар. Онон өлгөмнүк үксүүллэр. Ахсааннара революция саҕана 3 мөл. этэ, оттон билигин 25 мөл. кэриҥэ. Ол аата 80 сыл устатыгар 8 төгүл элбээбиттэр. Бу куһаҕана суох көрдөрүү;
- Төрөөбүт оҕолору общество күүһүнэн иитэр туһуттан үчүгэй сахалыы оҕо саадтарын, дьиэлэрин тэрийтэлиэххэ. Улуу педагог Макаренко уопутун туһаныахха;
- Оҕолордоох дьахтар боччум хамнастаах буолуохтаах. Холобур, сүөһү үлэһитэ биир тыһыынча хамнаһы ылар буоллаҕына, киһи үлэһитэ 2-3 тыһ. хамнаһы аахсыахтаах;
- Кыыс оҕо үөрэҕэ сүнньүнэн ийэ, дьиэ хаһаайката, оҕо иитээччитэ буоларга бэлэмниэхтээх. Ону таһынан уопсай сайдыыны, гуманитарнай уонна медицинскэй үөрэҕи ылыахтаах;
- Кыыс-дьахтар доруобуйатын харыстыыр анал программа оҥоһуллуохтаах;
- Атын дойдуларга төрөөбүт уол аҕа аайы өлбүгэ сир аныыллар. Ол үгэһи биһиэхэ, олохтоох норуоттарга эмиэ киллэриэххэ. Ол оҕо төрөөһүнүн көҕүлүүргэ балайда суолталаах дьаһал буолуо этэ;
Норуот ахсаанын уонна хаачыстыбатын тупсарарга Н.К. Антонов үгүс элбэх идиэйэлээх. СС 26.12.92-с №-гэр кини маннык санааны эппитэ:
Норуот талыы дьахталларын үлэлэриттэн, дьиэлэриттэн босхолоон, дьиэлэригэр олордон, хамнас биэрэн норуот туһугар турунан үлэлииллэрин ситиһиэххэ. Ол хайдах ситиһиллэрин ырытан оҥоруохха эрэ наада диир.
Дьахтар үөрэхтэнэн, үлэһит буолан омук уйгутун оҥорбот, кини соҕотох үлэһит буоларын оннугар омукка 5-10-20 үлэһити биэриэхтээх. Төһө да гениальнай дьахтар бэйэтин оннугар 10-20 гениальнай дьону норуоппутугар биэрэн иһиэхтээх. Кытай улуу бөлөһүөгэ Конфуций эппитэ: «Норуот кэскилэ – дьахтар илиитигэр да, төбөтүгэр да буолбатах, кини иһигэр сытар» диэн.
Биһиэхэ дьахтар 2-3 үрдүк үөрэхтээх эрээри оҕо төрөөбөт, төрүүр кэм ааһан хаалар. Ону кытта билигин дьахтар 1-2 оҕолонор, дьахтар 50 % кэргэнэ, оҕото суох!
Н.К. Антонов саха омугун ахсаана элбээһинин туһунан долгуйан, хараастан элбэх мөккүөрдээх ыстатыйаны суруйбута. «Биэрэпис түмүгүнэн» [Кыым 04.04.1990] ыстатыйатыгар.
Сахалар 1917 с. 220.040, оттон 1989 с. 365236 тыһ.
Узбектар 1917 с. 3 мөлүйүөн, оттон билигин 20 мөлүйүөннэр
АХШ индеецтерэ 1910 с. 210.000 билигин 1.5 мөлүйүөннэр диэн хараастан суруйар.
Оттон бу ыстатыйатыгар Ч. Айтматов 1976 с. 6 мөлүйүөннээх казах норуотун дьылҕатыттан долгуйан, «Пегий пес, бегущий краем моря» айымньыны суруйбутун маннык сиһилиир:
Сэһэҥҥэ улуу балык-дьахтар уобараһа ойууланар. Манна Евразия хонуу куйаарын муоратыгар түүрдүү норуоттар олохторун устуоруйатын, уоппутун билбэт буоланнар, олох оҥочото ханна илдьэринэн мээнэ уста эрэ сылдьаллара ойууланар. Орган оҕонньор улуу-балык дьахтары таптыыр, ыҥырар, күүтэр. Оттон дьахтар буоллаҕына ханна эрэ ыраах үөрэх-билии муоратыгар уста сылдьар. Ийэ-балык биир эмит оҕону муора биэрэгэр төрөөн хаалларбытын Орган оҕонньор булан иитэр. Онон түүрдүү норуоттар кэскиллэрэ соччо кэҥээбэккэ өлөр-тиллэр икки ардыгар сыккырыыр.
Бэрэпиэссэр Н.К. Антонов салгыы маннык сиһилиир:
Оттон урут буоллаҕына атын буолара эбээт. Ийэ-балык барахсан улахан байҕаллары, муоралары туораан, өрүстэри-үрэхтэри өксөйөн, үгүс элбэх таас харгыстары тас иэнинэн, кутуругунан лаһыйан, мүлчү түһүтэлээн, үлүгэр элбэх сиэмэх кыыллар көтөрдөр тыҥырахтарын сыыһа харбатан куотан, онон-манан саһан муҥнанан, эрэй бөҕөнү эҥэринэн тэлэн, муҥ бөҕөнү муннунан тыыран, ыраах аналлаах сиригэр түҥ тыа быыһыгар, үрэх баһыгар тиийэн, уонунан тыһыынча ахсааннаах искэҕин ыан, оҕолорун көрөн-харайан улаатыннаран, улахан олох түһүлгэтигэр атаартаан баран, олоҕун соругун толору толорбут ийэ быһыытынан уоскуйан, астынан, күн сирин күлүк өттүгэр түһэн олоҕун түмүктүүрэ. Ол түмүгэр түүрдүү норуоттар үксээн, хонуу-куйаар дойдуларын үрдүнэн тарҕанан, араас норуоттары кытта ыаллаһан, арыт өрөгөйдөөн, арыт намтаан, күннээн аҕай олорбуттара. Ол кэм билигин ааһан, кэхтэн, кыра норуот буолан, атын улахан норуоттар икки ардыларыгар кыбыллан, тугу дук гыналларын, ханнык харахтарынан көрөллөрүн кэтээн, албыннаһа-ньылаҥнаһа сатыы олордохторо. Ол барыта улуу балык-дьахтар аныгы үйэҕэ өйө-санаата уларыйан, айылҕата мөлтөөн, норуоттарын эһэн эрэрэ ойууланар.
Биһиги сахалар, «Улуу-балык дьахтарбытыгар» оҕолорун соргутун, норуотун кэскилин киэр илгэҥҥин ханна уста сылдьаҕын? – диэн этиэхпитин сөп.
Ханна ускул-тэскил уста сылдьаҕын, улдьаараҕын, өйүҥ-санааҥ бааллан, абылатан, атыттары үтүктэ-үтүктэ, быһыыҥ-майгыҥ уларыйан, норуоккун өлөрөн-өһөрөн эрэҕин, диэн. Хаһан өйгүн булаҕын, сүүһүнэн, тыһыынчанан ыамайдаргын улахан олох түһүлгэтигэр үөрэ-көтө киллэртиигин, тыһыынчанан ахсаааннаах генийдэри-геройдары, өркөн-өйдөөхтөрү, күндү-көмүс күөмэйдээхтэри, талааннаах тарбахтаахтары, тимир илиилээхтэри тууйбакка-хаайбакка, балык искэҕин курдук баһаам элбэх ыччаты баргыччы ыһаҥҥын, кудуччу кутаҥҥын, көмүс чыычаахтаргын көтүтэҕин, норуоккун өрөгөйдөтөҕүн? – диэн ыйытыахпытын сөп диир Николай Антонов.
- Олоҕу дьаһаныы, тэрийии, салайыы, ас-үөл туһунан
Бэрэпиэссэр Н.К. Антонов салалта эргиирин туһунан маннык быһаарар. Кытай уонна Греция улуу бөлөһүөктэрэ бэлиэтииллэринэн, норуот былааһа диалектика сокуонунан уларыйа-тэлэрийэ турар айылгылаах эбит: Маҥнай ыраахтааҕы монарх былааһа көнө, сиэрдээх буолар. Кини өлтүн кэннэ былаас көнө суолуттан туораан, тиранияҕа тиийэр – эстэр. Ол кэннэ аристократтар холбоһуктаах былаастара олохсуйар, норуот олоҕо эмиэ тупсар эрээри сотору плутократия эстэн, демократия былааһа олохсуйар. Маҥнай үтүө олох эргийэн баран, аны анархияҕа иэдээҥҥэ тириэрдэр. Анархияны диктатура солбуйар. Бу монархияҕа тириэрдэр. Онтон эмиэ хат солбуллан тирания, аристократия – плутократия – демократия – анархия – монархия. Ити курдук былаас, мүччүрүйбэт сокуонунан эргийэ сылдьар.
Биһиги улахан кутталлаах, уратылаах кэмҥэ да, дойдуга да олоробут. Биһиги дойдубутун фронтовой дойдунан ааҕабыт. Биһиги хапыталыыһым кэмигэр да, дойдутугар да олоробут. К. Маркс этэринэн «первоначальнай накопление – сирэйэ-хараҕа суох хапытаал мунньунуу кэмэ».
Сотору араас биржевиктэр, миллиардедар, миллионердар дойдуну сабардыахтара. Туора топпуттар илиилэрин сарбаҥнатан барыахтара. Саха сиригэр илиилэрин уунуохтара. Бөлөхтөһө-бөлөхтөһө бырабыыталыстыбаттан, сокуоннартан тутулуга суох туспа экспедициялары, армиялары тэрийэн, күүстэринэн өттөйөн кэлиэхтэрэ. Куттал суоһуур. Онно биһиги барааннар курдук төттөрү-таары сүүрэкэлии сылдьарбыт сүрэ бэрт буолаарай!
Сэрэнэр дьаһаллары ылынарбыт хайдах буолуоҕай?!
Н.К. Антонов бэрэпиэссэр аныгы олоҕу тэрийиигэ маннык көрүүлээх:
Айар уонна салайар үлэһиттэри дьиэ, олох түбүгүттэн босхолоон, кинилэри хааччыйар кээпэрэтииптэри тэрийиэххэ сөбө дуу диир.
Норуоту үгэс буолбут сир оҥоһуута, сүөһү бородууктата күөл, өрүс балыгын булда хааччыйара тутах. Онон муора баайын туһанарга Охотскай муораҕа тахсыахха наада, ону ситиһиэххэ диир. Эргиэн суолун арыйыахтаахпыт. Күөл быйаҥын дэлэтиэхтээхпит. Суол үлэтигэр турунуохтаахпыт.
Номуукаҕа олоҕурбут салайыыны, былааннааһыны киллэриэххэ. Ыччаты олохтоох сир баайын, быйыҥын туһанарга, туһаҕа таһаарарга туһаайыахха.
Култуура, сиэр-майгы кэскилин көрөн үөрэтэн, иитэр дьаһаллары, сокуоннары ылыахха. Олохтоох сир, айылҕа, дьыл кыһалҕатын быһаарар үлэни ыытыыны омуктары үтүктүбэккэ быһаарар, тэрийэр, салайар суолу тутуһуохха [СС. 26.12.1992].
- Тыл туһунан
Бэрэпиэссэр Н.К. Антонов омук олоххо дьоҕура кини тылын кыаҕыгар көстөр диирэ. Тыла баай, сайдыылаах, тупсаҕай тутуллаах буоллаҕына, ол омук тыллар күрэхтэһиилэригэр өрүү кыайыылаах тахсарын этэрэ. Кини ол холобурдарын түүр норуоттарын устуоруйатыгар булара. Ол эрээри, ардыгар, омук ахсаана аҕыйаҕыттан, итэҕэлэ мөлтөҕүттэн уонна сатаҕай дьаһаныытыттан атын омукка буккуллан симэлийбит түгэннэрин холобурдуура. Ол курдук, былыргы түүр омуктарыттан булгардар, хазардар, авардар тыллара Илин Европа олохтоохторун тылларыгар баһыйтаран, симэлийэн сүппүттэрэ. Ол кинилэр ахсааннара аҕыйаҕыттан, тыллара уус-уран айымньылара мөлтөх сайдыылааҕыттан; политика, итэҕэл, идеология өттүнэн сатаҕайдарыттан тутулуктааҕа.
Бэрэпиэссэр Н.К. Антонов түүр тылларын тутула судургутунан, эстиэтикэтэ тупсаҕайынан былыр-былыргыттан үгүс омуктарга дөбөҥнүк тарҕанарын бэлиэтиир.
Омуктар култуураларын күрэхтэһэр кыахтара, тылларын, литэрэтиирэлэрин, ырыаларын, муусукаларын кэрэ көрүҥэ умсугутар, тардар ис киирбэхтэрэ, аптара-хомуһуннара улахан суолтаны ылар. Бу өттүнэн кинилэр инники кэскиллэрэ сырдык курдук.
Онон түүрдэр быһыыларын-майгыларын итэҕэс өрүттэрин: өһөс-хадаар майгыларын, быһыылара-майгылара сатаҕайын, дьиссипилиинэлэрэ мөлтөҕүн, үлэҕэ көһүүннэрин кыана тутуннахтарына, көннөрүннэхтэринэ инники олоххо өссө да киирсэр, күрэхтэһэр кыахтаах, олоххо дьоҕурдаах норуот. Сахалар эмиэ оннук курдуктар. Саха тыла, литэрэтиирэтэ, олоҥхото, ырыата-тойуга, култуурата бэрт кыахтаах, ис киирбэх көрүҥнээх, күүстээх култуура.
Аныгы ирдэбилинэн үгүс киирии тыллары киэҥник киллэрэн иҥэрэн, эҥин эгэлгэ этиилэргэ имитэн, үрдүк үөрэх чыпчаалыгар ыттан, күннэтэ тупсар үөрэх, дьыала-куолу тылын сайыннаран, кимиилээхтик киирсэн иһэрэ буоллар, төрөөбүт төрүт тылбыт күүскэ сайдан, норуоппут ахсаана халыҥаан, инники кэскилбитин кэҥэтэн иһэрбит буоллар, соторунан өлөн-охтон биэрбэт, тыыллан-хабыллан тахсар тыйыс саха норуота буолуохпутун сөп этэ [СС. 05.04.94].
Н.К. Антонов саха тыла уруулуу түүрдүү тыллартан икки бэлиэ уратылаах диир:
- Түүр тылларыттан биир саамай кырдьаҕастара;
- Саха тыла атын түүр тылларыттан дорҕоонун тутула улахан уратылаах, уларыйбыт;
- Үгүс моҥгуоллуу тыллары ылыммыта гынан баран, бэйэтин тылын кырамаатыкатын тутулун уонна дорҕоонун систиэмэтин уларыппыта соччо көстүбэт.
- Бэйэлэрин кырамаатыкаларын, дорҕооннорун уларыппакка гынан баран атын тылга көспүт түүрдүү тыллар бааллар. Холобур, булгаардар (ахсааннара аҕыйаҕыттан – итэҕэллэрэ уларыйбытынан). Хазардар (нуучча тылыгар нуучча хаһаахтара буолтар диэн);
- Орто Азия түүрдэрэ арабтар тылларыгар баһыйтарбатахтара (итэҕэллэрэ уларыйбыта);
- Сахалар төрүттэрэ – курыканнар Өлүөнэ баһыттан хоту көспүттэрэ. Моҥгуол норуотун күүстээх сабыдыалыгар түбэспиттэрэ эрээри дорҕоонун уонна кырамаатыкатын чөл хаалларбыттар;
- Кинилэр өбүгэлэриттэн уйгуурдар, узбектар тыллара үөскээн тахсыбыта.
Онон норуот тыла, култуурата ханнык устуоруйалыы усулуобуйаҕа түбэһэриттэн тутулуктанан, кини дьылҕата, кыаҕа муҥура суох сайдыан, эбэтэр кэхтиэн, оннооҕор сир үрдүттэн сүтүөн да сөп эбит.
Н.К. Антонов «Саха-моҥгуол тылларын сыһыаннара» диэн ыстатыйатын Илин Азия дойдуларыгар киһи-аймах саамай бөдөҥ норуоттара олорбуттара. Онон биһиги этиэхпитин сөп, түҥ былыргы сибирээктэр, уонна Киин Азия олохтоохторо: түүрдэр уонна сахалар өбүгэлэрэ киһи-аймах цивилизациятын сайдыытын бастакы хардыыларыгар сүҥкэн улахан кылааты киллэрбиттэрэ. Олор ханнык тыллаах этилэрий? Алтайскай тыллаахтара. Олортон сүрүннэрэ түүр тыллаахтар этилэр диэн тахсан кэлэр.
Ол туһунан А.М. Щербак уонна Г.Д. Санжеев итэҕэтиилээхтик дакаастыыллар. Дьиэ сүөһүтүн иитии тылларын моҥгуол уонна тоҥус маньчжуур тыллаахтар түүрдэртэн ылыммыттара көстөр» – диэн этэллэр. Ону Н.К. Антонов былыргы кэмҥэ моҥгуолларга саха тылыттан киирии элбэх тыл баарыттан итэҕэтэр.
Онтон саха тылыгар киириилэр, биллэн турар, кэлиҥҥи моҥгуоллар 2000 с. ол күүрэн тахсыыларын кытта сибээстээх диир [СС. 25.04.1996. Антонов].
«Алтайдыы тыллаах биистэр» диэн ыстатыйатыгар [СС.09.12.2000] бэрэпиэссэр Н.К. Антонов былыргы Киин Азия уонна Сибиир олохтоохторун алтайдыы тыллаах биистэриттэн ордук былыргылара уонна сайдыылаахтара түүрдүү тыллаах омуктар этэ диэн санааны салгыы сайыннарар. Устуорук учуонай В.Е. Ларичев «Киин Азия скифтэрэ бэйэлэрин «саха» диэн» ааттаналлара, онон ол 4 – 3,5 тыһыынча сыллардаахха Моҥголия сиригэр олорбут сахалар өбүгэлэрэ «сахаларбыт» диэн ааттанар эбиттэрэ көстөр» диир.
Онон бэрэпиэссэр Н.К. Антонов сахалары: былыргы скифтэри – хуннары – түүрдэри – курыканнары – сахалары биир удьуор түүрдүү тыллаах Киин Азия – Сибиир култууратын үөскэппит төрүт олохтоох омук диэн өйдөбүллээх этэ. Онон саха тылын Сибииргэ саамай былыргы төрүт култуура сыдьаанын быһыытынан сыаналыыра.
Бэрт былыргы уонна сайдыылаах омуктан силистээх буолан, түүрдэр олоххо наһаа сыстаҕастар, эргиччи дьоҕурдаахтар, сатабыллаахтар, дьаныардаахтар, үөрэҕи ылынымтыалар, бодороһумтуолар диэн сыаналыыра. Маныаха кинилэр тылларын тутула судургута, ылынарга чэпчэкитэ көмөлөһөрө. Бодоруһар омуктара түүрдүү тылга кэбэҕэстик көһөллөрө эмиэ оруоллаах диирэ.
Кэлиҥҥи кэмҥэ бэрэпиэссэр Н.К. Антонов омуктар уонна кинилэр тылларын сыһыаннаһыыларын туһунан элбэхтик саныыр уонна суруйар буолбута. Тыл үөрэҕэр тыллар сыһыаннарын быһаарар көстүүлэринэн омук киһитин ахсаанын уонна Аан дойдуга кини экэниэмикэтин-култууратын сайдыытын инники туталлар, суолталыыллар. Дьиҥэ да оннук курдук. Ол да буоллар, Н.К. Антонов итиннэ арыый атын көрүүлээҕэ. Кини Аан дойдуга саамай элбэх киһилээх Кытай уонна Индия норуоттарын тыла тутул өттүнэн көстүүтэ судургута суоҕа кини тарҕаныытыгар мэһэйдиир быһыылаах диэн сабаҕалыыра. Дьобуруопа тылларын Аан дойдуга тарҕаныытыгар кинилэр култууралара уонна экэниэмикэлэрэ сабыдыаллыыр диирэ. Онон тутул өттүнэн саамай кэскиллээх тылынан түүрдүү тылыгар буолаллар диэн быһаарар. Көмпүүтэр уонна ускуустубаннай тыл төрүтүнэн түүрдүү тыллары ордук сыаналыыра.
Омуктар бу Аан дойдуга тыыннаах буолар туһугар охсуһаллар. Ол тыыннаах буолуу формата – кинилэр тылларын чөл тутуулара буолар диэн өйдөбүлгэ олоҕурара. Уонна кини этэрэ «Киһи аймах устуоруйата – тыллар охсуһууларын устуоруйата» – диэн [СС. 21.10.99].
Улахан норуоттар сэриилээн ылбыт норуоттарын бэйэлэрин былаастарыгар бас бэриннэрэллэрэ, тылларын уонна култуураларын соҥноон иҥэрэллэрэ. Ол иһин этэллэр киһи аймах устуоруйата норуоттар охсуһууларын устуоруйата диэн. Оттон норуоттар үксүн былааһык дьоннор сомоҕолоро буолар, кинилэри биир тыл, итэҕэл, култуура сомоҕолоон холбуур. Онон киһи аймах устуоруйата, муҥур уһугар, тыллар охсуһууларын устуоруйата диэн этэллэр. Ол быһыытынан, билигин аан дойдуга Англия, Испания, Франция немец, нуучча, араб, китай, индия тыллаах норуоттар баһылаан олорор кэмнэрэ. Ити норуоттар икки ардыларыгар уонна ортолоругар араас атын тыллардаах кыра омуктар эмиэ бэйэлэрин тылларын, култуураларын өлөр өлүүттэн өрүһүйэр, күн сирин үрдүгэр салгыы олорор иһин туруулаһан охсуһаллар.
Оттон биһиги, сахалар, чукчалар курдук кыра норуоттар, Арассыыйа судаарыстыбатын иһигэр олороммут эмиэ бэйэбитин норуот быһыытынан тыыннаах олорор, өлбөт, симэлийбэт туһугар мөккүһэбит уонна охсуһабыт. Биллэн турар, ол охсуһуубут бэлитиичэскэй эрэ ньыманан барар, норуоппут кыахтаах соҕус бөдөҥ норуот буола үүнэрин ситиһэ сатыахтаахпыт. Иккиһинэн, төрөөбүт национальнай тылбыт сүрүн судаарыстыбаннай тыл буоларын ситиһэргэ охсуһуохтаахпыт. Үсүһүнэн, үүнэн иһэр көлүөнэ ыччаппыт төрөөбүт төрүт тылын уонна култууратын умнубатын, сүтэрбэтин туруулаһыахтаахпыт, оскуолаларга төрөөбүт тылларынан үөрэнэллэрин ситиһиэхтээхпит.
Биһиги кыра норуот быһыытынан кыра норуоппут дьылҕатын бөҕөргөтөр, өлүүттэн быыһыыр, олоххо дьоҕурун (жизнеспособность) сайыннарар үөрэҕи иҥэрэн, иитэн таһаарыахтаахпыт.
Онон сахалыы оскуолалар үөрэхтэрин былаанын ити этиллибит сорукка бас бэриннэрэн дьүөрэлээн оҥоруохтаахпыт диир Н.К. Антонов бэрэпиэссэр.
Кыра омук бэйэтин тылын чөл тутарыгар араас моһоллор мэһэйдииллэрин туһунан эмиэ аһаҕастык суруйара. Ол кини дьиҥ кырдьык эрэ баар ыарахаттары туоратарга көмөлөөҕүн өйдүүрүттэн буолар.
«Манкуртар элбээн иһэллэр – бу кутталлаах» [СС. 28.12.99] диэн ыстатыйатыгар омук ортотугар төрөөбүт тылын билбэт, төрөөбүт култууратын аахайбат араас куһаҕан дьаллыкка ылларбыт, төрөппүттэрин сэниир өйдөөх-санаалаах, кулут уйулҕалаах ыччат дьон үксээн иһэллэрин туһунан суруйбута.
Ыстатыйа «Якутский университет» [ЯУ 27.10.99] хаһыат «Саха сиригэр нууччамсыйыы, туома, национальнай бедствия буолла!» диэн суруйуутугар олоҕуран суруллубут. Сүрүн санаатын бигэргэтээри бэрэпиэссэр Н.К. Антонов Чингиз Айтматов «И дольше века длится день» («Буранный полустанок») диэн арамааныгар ойуулаабыт «манкурт» диэн ааттаах дьон үксээн эрэллэрин туһунан сиһилээн, уонна «Пегий пес, бегущий краем моря» айымньытыгар ойуулаабыт улуу балык дьахтар удьуорун ууһаппат буолбут уобараһыгар олоҕуран суруйар:
“Ч. Айтматов ити арамааҥҥа манкурт уол уобараһын ойуулабыта ынырык (манкурт – үөн киһи, ман – киһи, курт – күрдьэҕэ, үөн, син каракурт – хара күрдьэҕэ, скорпион курдук). Ити уолу сэриигэ билиэн ылбыт дьоннор (жуан-жуаннар) харабыл кулут оҥороору баһыгар баттаҕын кырыйан баран, тэбиэн инчэҕэй тириитин кэтэрдэллэр. Инчэҕэй тирии хатан, уол баһын ыбылы тутар уонна кини өйүн ыга баттаан таһааран, уруккута кимин-тугун, хантан кэлбитин да барытын умуннаран кэбиһэллэр. Ийэтин-аҕатын да, дьонун-сэргэтин, дойдутун барытын умнар. Оннук көҥдөй көхсө эрэ тыыннаах хаалбыт уолу жуан-жуаннар ыт курдук бэриниилээх кулут киһи оҥостоллор уонна сүөһүлэрин-сылгыларын харабыллаталлар. Ол бостууктуу сырыттаҕына, киниэхэ ийэтэ эрэй-муҥ бөҕөнөн уолун ирдэһэн кэлэн, өйдөтө, илдьээри ыҥыра, күрэтэ сатыыр да, уола кинини билбэт, өйдөөбөт, харабыл киһи быһыытынан, ийэтин ох саанан ытан өлөрөн кэбиһэр. Дьэ, оннук манкурт дьоннор буолаллар ити атын норуоттар тылларыгар уонна култуураларыгар умсугуйан абылатан улааппыт ыччаттар.
Оттон биһиэхэ, сахаларга, манкурт буолбут ыччат дьоннорбут улам элбээн иһэллэр. Биһиги ити курдук аныгы үөрэҕи, култуураны, тиэхиньикэни күүскэ ылынаммыт, ол абыгар оҕустараммыт бэйэбит тылбытын, култуурабытын ахсарбакка умнан, сүтэрэн, норуоппутуттан араҕан, эстэн бардахпытына, түөрт сүүс тыһыынча ахсааннаах кыра саха норуота, биллэн турар, сүүс сылга да тиийбэккэ аҕыйах уонча сылынан бары манкурт дьон буоламмыт эстэрбит буолуо. Билигин да биһиги үөрэхтээх интэлигиэн дьоннорбут оҕолоругар манкурттар элбэхтэрэ сөҕүмэр.
Бэрэпиэссэр Н.К. Антонов саха тылын саха ыччатыгар, дьонугар кэрэхсэбиллээх буолуутун ситиһэргэ биир көдьүүстээх суолунан кини эстиэтикэтигэр үлэни ааттыыр [Ил Түмэн, 18.07.2001]. Кини манна көрүүтэ тыл чөлүн, нуорматын, үйэлээх үгэһин олохтуурга, туруулаһарга дьулуһар учуонайдартан арыый уратылаах.
Кини саха тылын кэрэтэ илин-кэлин араастаһыылаах тылтан талартан тупсар диир. Холобур, сырай-сирэй, ньырай-ньирэй, кырдьык-кирдик. Онон саха тылыгар түөлбэлээн этиллэр тыллары таларга «Киин түөлбэ тыл нуорба буоларын соҥнообокко, үчүгэйдик иһиллэр көрүҥүн таларга этэр. Нууччаттан киирии тылы араастаан этиигэ саҥа үөрүйэҕэр дьүөрэлээҕин буолбакка, тыл үчүгэйдик иһиллэрин талан олохсутарга этэр».
Тыл араас көрүҥнээх истииллэрин сайыннарарга ордук эйэҕэс, амарах сыһыаннаах халыыптары чорботон туттары этэр. Холобур, ийэкээ, аҕаккаа, убайкаан, доҕоччуок, кысчаан, эрэтчээн, тукаам, тоойуом, оҕом сыыһа курдуктары. Туохтуурдарга, харыстаан таптаан саҥарыы халыыптарын: кэлиий, кэлиҥитиий, көрүҥҥүтүүй курдуктары.
Маны сэргэ саха тылын кэрэтин, ууһун-уранын, ис киирбэҕин, абын бырапагаандалыахтаахпыт, көрдөрүөхтээхпит. Ыччат хараҕар көстөр, кулгааҕар иһиллэр, сүрэҕэр ылбаҕайдык киирэр гынан, атын тыллары кытта күрэстэһэр, күөн көрсөр кыаҕын күүһүрдэргэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Ханнык баҕарар норуот атын норуоттар ортолоругар бэйэтин тылын уонна култууратын тумус туттар, киэн-киэргэл оҥостор күндү баайа. Ол иһин норуот бэйэтин тылыгар, литэрэтиирэтигэр уонна култууратыгар туох баар кыһамньытын ууран сайыннарыах, тупсарыах, чочуйуох уонна бырапагаандалыах тустаах. Норуоттар бастатан, тыллара, култууралара ис киирбэх көрүҥнэринэн күрэхтэһэллэр. Урукку өттүгэр биһиги суруйааччыларбыт уонна үөрэхтээхтэрбит тыл эстиэтикэтигэр болҕомтолорун уурбуттара соччо көстүбэт. Билигин биһиги иннибитигэр сахабыт тылыгар күүстээх кэрэхсэбили, тапталы бэйэбит ыччаппытыгар да, атын омук үөрэнэр ыччаттарыгар даҕаны иҥэрэр сорук турар. Тылбыт – били Ломоносов эппитинии – таҥараны да, доҕоттордуун да, өстөөхтүүн да, таптыыр дьахтардыын да кэпсэтэргэ, номуукаҕа, бэлиитикэҕэ да туттарга дэгиттэр кыахтаах уонна ис киирбэх буола сайдарын хааччыйыахтаахпыт диир бэрэпиэссэр Н.К. Антонов.
Николай Климович сахатын норуотун дьиҥнээх бөтүрүйүөтэ этэ. Кини саха омугун тыла, култуурата сайдарын, ахсаана элбиирин, кэскилэ кэтириирин туһугар араас санааны, идиэйэни эппитэ элбэх. Олору дьон араастык ылынара, мөккүһэрэ да. Ол эрээри Бэрэпиэссэр дириҥ билиитинэн, киэҥ далааһынынан олох былыргы да, аныгы да уопутун ырытан кэпсиирэ өрүү кэрэхсэбиллээх үтүөнү ыралыыр, баҕарар тосхоллоох буолара. Онон кини санаалара күн бүгүн да биһиэхэ, саха дьонугар, суолталаахтар, дьоһуннар, кынаттаахтар.
Литература
- Кыым 06.04.1990 – Биэрэпис түмүгүнэн // Кыым 06.04.1990
- СС 06.12.1992 – Хуннар эпохалара // Саха сирэ. 06.12.1992
- СС 27.02. 1993 – Улуу государствоны кыайан туругурдубатахтара // Саха сирэ. 27.02. 1993
- СС 31.03.1993 – Европаны үөрэппиттэрэ // Саха сирэ. 31.03.1993
- СС 23.04.1994 – Сахалар саамай былыргы биһээллэрэ көстүбүт // Саха сирэ 23.04.1994
- СС 05.0 4.1994 – Түүрдүү тыллар тустарынан // Саха сирэ. 05.0 4.1994
- СС 20.06.1995 – Былыргы түүрдэр олохторугар (Гумилев түүрдэр олохторун туһунан) // Саха сирэ 20.06.1995
- СС 25.04.1996 – Саха моҥгуол тылларын сыһыаннара // Саха сирэ 25.04.1996
- УА 20.02.1997 – Ыччаппыт үөрэҕин ырытыаҕыҥ // Учуутал аргыһа 20.02.1997
- ЭС 03.12.1997 – Илиҥҥи норуоттар оҕо туһунан номохторуттан // Эдэр саас 12.1997
- СС 16.04.1998 – Олоххо дьоҕур күүһэ // Саха сирэ. 16.04.1998
- СС 01.07.1998 – Бахчисрайскай фонтан тоҕо ытаабытай? // Саха сирэ. 01.07.1998
- СС 03.03.1999 – Норуот сүрүн хапытаала – киһи // Саха сирэ. 03.03.1999
- СС 21.10.1999 – Киһи аймах историята – тылар охсуһууларын историята // Саха сирэ. 21.10.1999
- СС 28.12.1999 – Манкуртар элбээн иһэллэр. Ол кутталлаах. Саха сирэ // 28.12.1999
- СС 09.12.2000 – Алтайдыы тыллаах биистэр. Сибиир былыргытыттан //Саха сирэ 09.12.2000.
- СС 16.05.2001– Олох муудараһыгар үөрэтэр кинигэ // Саха сирэ.
- ИТ 18.07.2001 – Тыл эстиэтикэтигэр болҕомтону // Ил түмэн 18.07.2001