Бэрэпиэссэр Николай Климович Антонов – тылы устуоруйа өттүнэн чинчийбит, былыргы түүрдэр устуоруйаларын үөрэппит улахан учуонай. Кини устуоруйа чахчытын туһанан сахатын норуотун дьылҕатын туругурдар баҕалааҕа. Ол туһуттан араас номохтоох ыстатыйалары суруйан саха дьонун сырдатар үлүскэннээҕэ. Кини ордук Л.Н. Гумилев омук сайдыытын быһаарар түөрүйэтин «ыраас мууска» ууран ылынара уонна саха омуга ону туһанан, кэнэҕэски сайдыытын тэриниэҕин баҕарара.
Филиппов Гаврил Гаврильевич,
тыл билимин дуоктара, бэрэпиэссэр,
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт,
Дьокуускай к.
- Омук тыыннаах буолар туһугар охсуһуута түүрдэр устуоруйаларыгар көстүүтэ
Н.К. Антонов Л.Н. Гумилев этнос сайдыытын маннык эхтэллэргэ араарар диир:
- Инкубационнай эхтэл – омук бастаан үөскээн торолуйбут кэмэ;
- Пассиоанарнай толчок эхтэлэ – күүс-уох мунньунан, күүскэ күүрэн (сверхнапряжение) үүнэр, сирэлийэр кэм. Бу эхтэлгэ норуоттар актыыбыный (көхтөөх) буолаллар;
- Акматическай эхтэл – өрөгөйдөөн, муҥутаан олорор кэм;
- Энтропия эхтэлэ – сайдыы уостан, умуллан эрэр кэмэ;
- Надлом эхтэлэ – маҥнайгы бүдүрүйүү, бэттэн мөлтөөһүн кэмэ;
- Гоместаз эхтэлэ – кырдьаҕас саас кэмэ;
- Обскурация кэмэ – кырдьан мөлтөөһүн, тугу да аахайбат, туохха да кыһаллыбат буолуу кэмэ;
- Өлүү, ыһыллыы, симэлийии.
Кэнники эхтэллэр кэмнэригэр судаарыстыба, норуоттар олохторугар ханнык эрэ тосту уларыйыылар буолаллар. Бу кэмҥэ күүстээх сүүрээннэр киирэннэр пассионарнай толчогу (доргутууну) үөскэтиэхтэрин сөп…
Холобур хуннар судаарыстыбалара эстэригэр уһун курааннар, тымныылар сутааһыны, ону сэргэ судаарыстыба олус байан, олох бэлэмигэр моҥкурууттаабыт удьуор судаарыстыба кэхтиитигэр ыһыллыытыгар тиэрдибитэ диир. Бу муҥутаан сайдыы «цветуще-разрушительная фаза» – чэлгийэн самнар кэм дииллэр.
Николай Климович бу баай-талым олох ыччат буомура улаатарыгар эрэ тиэрдибэт, дьахтар төрөөбөт эбэтэр чиччик оҕону төрөтөр кэмэ буолар эбит диир. Саха, моҥгуол ону бэлиэтээн төрөөбөт буолбут сүөһүнү, дьахтары байтаһын дииллэр диир. Бу чахчыны нуучча ыраахтааҕыларын оҕолорунан уонна дьоппуон дьахталларынан холобурдуур. Бу билиҥҥи дьобуруоппа аһын аһааһын содула буолар диир. Европаҕа Америкаҕа дьахтар төрөөбөт буолуута улахан проблема буолбут.
Аттилла 20 сыл дьобуруопа дьахталларын бэйэтин эр дьонугар кэргэннээн омугун хаанын тупсарар дьайыыны оҥорбут да, бэйэтэ өлөн, судаарыстыбата ыһыллан, ол дьахталлар төннөн ньиэмэс омугу чэчирэппиттэр кинилэргэ «уоҕурдуу» буолбуттар. Билигин да ньиэмэс уолаттара түүр омук кыргыттарын бэркэ баҕатыйан ойох ылан илдьэ бараллар. Былыргы үгэстэринэн, омуктарын хаанын тупсарыналлар диир.
Онон Н.К. Антонов ааспыт устуоруйа уоппутун туһанан саханы тупсарар этии киллэрэр:
- Билигин саха омуга быста-быста тиллэн саҥа инкубационнай турукка сылдьар;
- Дойдутун баайын туһанан Илин Сибииргэ бөдөҥ омук буола сайдыан сөп курдук;
- Дьахталларга усулуобуйаны тэрийэн, араас лабораторнай уонна селекционнай үлэни ыытан, норуоту өрө көбүтэн туругурдуохха сөп эбит;
- Норуот генофондун тупсарар туһугар сөптөөх күүстээх социальнай, общественнай сырдатар-иитэр үлэни кыайыах тустаахпыт диир.
Н.К. Антонов Л.Н. Гумилев: «Саха норуота бэрт кырдьаҕас, түҥ былыргы норуот, былыр күннээн олорон баран, тобох быһыытынан хаалан, сыккыраан олорор. Ол гынан баран, саха норуота билигин да хат тиллэн, өрө күүрэн тахсар кыахтаах. Сахалар ортолоругар күүстээх пассионарнай хамсааһын саҕаланан эрэр» диирэ. Ол сөптөөх быһыылаах диир.
Кэхтэн эрэр омукка төрүөҕэ төннөн төрүүр, итэҕэс чиччик оҕо элбиир. Бу өттүнэн көрдөххө, сахаҕа үтүө хаачыстыбалаах оҕолор төрүүллэр. Сахаҕа эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, өйдөөх ыччат үксүүр. Саха төһө да ахсаанынан аҕыйах буоллар, саха ыччаттара успуорка Аан дойдуга чөмпүйүөннүүллэр, интеллектуальнай күрэхтэһиилэргэ бастыыллар, ускуустубаҕа тахсыылаахтар.
Онон сахалары өлөн-өһөн эрэр норуотунан ааҕар хайдах да сатаммат. Төттөрүтүн бу өрө күүрэн сайдан, өрө тахсан эрэр норуот курдук көстөр. Бу ыччаты, бу норуоту биһиги дьахталларбыт элбэхтик өлгөмнүк төрөтөн, саха норуотун халыҥатан, улахан улуу норуот оҥоруохтарын эрэ наада [СС. 03.03.99].
Н.К. Антонов бэрэпиэссэр ыччаты үөрэтиини-иитиини Саха сиригэр уратытык тэрийэргэ этэр. Билигин биһиги сорукпут норуоту үксэтии, саатар 5-10 мөлүйүөн ахсааны ситиһии уонна тылбытын култуурабытын сүтэрбэккэ чэлгитэ сайыннарыы буолуохтаах. Онон:
- Бэйэбит тустаах кыһалҕабытыгар туһаайан (ыччаппытын үөрэтиэх тустаахпыт);
- Фундаментальнай үөрэххэ уонна собуоттарга биһиэхэ оччо дьүөрэтэ суох идэлэргэ үөрэтэн ыччаппытын дойдуларыттан үтэйэр эбэтэр үлэтэ суох сылдьарга туһаайар үөрэхтэргэ үөрэтимиэҕиҥ;
- Аан дойду улуу үөрэхтэригэр үөрэтэн, онно күрэхтэһэр хайысханы тутуһумуоҕуҥ. Ол оннугар тылбытын, култуурабытын, ускуустубабытын, кыраайбытын, бүөбэйдээн, харыстаан, сириттэн-уотуттан, үүнээйибититтэн, туох баар быйаҥыттан туһана сатыырга үөрэтиэх тустаахпыт;
- Улахан норуоттар ортолоругар тимирэн, сүтэн хаалбакка, норуоппут тыыннаах ордон, төрөөбүт тылын сүтэрбэккэ, ыһыктыбакка, туспа литэрэтиирэлэнэн, ускуустубаланан, култуураланан тыыннаах буккураан олорор туох баар күүспүтүн-уохпутун, дьоҕурбутун ууран көмүскэниэх тустаахпыт. Ол туһугар үөрэхпит иитиибит хайысхата, предметтэрэ онно сөптөөх буолуохтаахтар;
- Ыччаппыт барыта үрдүк үөрэхтэнэн баран, араас дойдуларга ыһыллан хаалыа суоҕа дуо? Ордук кыыс аймах үрдүк үөрэхтэнэр. Ол түмүгэр кинилэр Аан дойдуга ыһыллан хаалыахтара суоҕа дуо? Үөрэхтээх дьахталлар тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысаланаска үлэлиэхтэрэ диэн эрэл суох. Дьахтар дьиэҕэ ийэ, эбэ буолан олоруохтаах омугун иитиэхтээх;
- Бары үрдүк үөрэхтэнэн ханнык да үлэни үлэлээбэт, оҕону-урууну төрөппөт буоллахпытына, норуот эстэр буолбатах дуо? Оччоҕо биһиги дойдубут быралгылар дойдулара буолбат дуо? Олох ирдэбилиттэн тэйбит үрдүк үөрэхтээһин холустуой үлэҕэ тэҥнээх буолуо суоҕа дуо? Биһигини өлүүлээх муҥур уһукка тиэрдиэ суоҕа дуо?
- Онон кыргыттар уонна уолаттар үрдүк үөрэхтэрэ тус-туһунан соруктаах, бэлэмнээх буолуохтааҕын быһыытынан кинилэри тус-туһунан үөрэтиэхтээхпит («Учуутал аргыһа» 20.02.97)
Н.К. Антонов Саха омуга былыргы түүрдэр устуоруйаларын итэҕэстэриттэн үөрэниэхтээхтэр диэн олору ыччакка, норуокка тиэрдэргэ дьулуһара. Ол курдук былыргы хуннар эстибит төрүөттэрин маннык быһаарар.
- Хуннар судаарыстыбалара кэхтэн самныытын төрүөтэ элбэх: а) кураан, тымныы, сут, эпидиэмийэ сүөһүлэрин, сылгыларын эспитэ онтон бэйэлэрэ сутаан өлөннөр судаарыстыбалара модун кыаҕа тостубута; б) байылыат дьылларга баай-талым олоххо иитиллибит ыччат үөрэххэ, билиигэ, үлэҕэ дьоҕура суох буолан, олох ыарахаттарын тулуйбатахтара; в) үчүгэй иитиитэ суох, мөлтөх булкуллаҕас дьоннор бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар иирсэр, охсуһар буолан кыайан сомоҕолоспот этилэр, үрэллэ сылдьаллара, бэйэ-бэйэлэрин таҥнараллара. Ол атын омуктары кытта күрэхтэһиигэ сүүйтэриилээх буолара.
Саха омуга сомоҕолоһор туһугар итини өйдүөхтээх.
Н.К. Антонов оҕону иитии норуоту иитии буоларын тоһоҕолоон бэлиэтиир. Онон ыччакка анаан илиҥҥи омуктар иитиигэ муударастарын кэмиттэн кэмигэр кэпсиирэ. «ЭС» хаһыакка (03.12.97) арҕаа-илин дойдулар оҕолорун иитиилэрин туһунан маннык суруйбута.
Илин-арҕаа омуктар оҕону иитиилэрэ үгэстэриттэн, майгыларыттан тутулуктаах буолуон сөп.
Арҕаалар: оҕону таһыйыма – өһүрүө, майгыта алдьаныа дииллэр. Илиҥҥилэр оҕону атаахтатары сөбүлээбэттэр. Ордук уол оҕону атаахтык иитии – өлөрбүккэ тэҥ дииллэр.
Кытайдар «уоттаах» таһыыр маһыттан көнө дьон иитиллэр дииллэр.
Татардар өйдөөххө – таайтарыы, акаарыны – таһыыр үөрэтэр дииллэр.
Онон көрсүөнү уонна мэниги үөрэтии уратылаах буолар эбит.
Оҕону кыратыгар бэрээдэккэ үөрэтиллэр. Өйдөтүү уонна дьарыйыы оҕо сааһыттан, майгытыттан тутулуктаах. Оҕо улахан дьон ортотугар сылдьан, үтүктэн үөрэнэр. Ордук үлэ, сиэр-туом үөрэтэрэ ордук.
Н.К. Антонов хомуйбут өһүн хоһоонноро:
Азербайджан: Ачааламмыт оҕо айаҕын да булуммат
Башкир: Эрдэ кэргэннэниэҥ – элбэх оҕоттон үөрүөҥ
Кыргыс: Оҕолордоох дьиэ – баһар, оҕото суох дьиэ – киһи уҥуоҕа
Тууба: Ыстаал ууга хатарыллар, киһи – эрэйгэ.
Моҥгол: Киһини оҕо эрдэҕиттэн, аты кулунуттан сабаҕалаа
Турок: Киһи сэттэтигэр ханнык, сэттэ уонугар эмиэ оннук
Татаар: Оҕо мүөттээҕэр минньигэс
Оҕо оҕонньору кытта сылдьан оҕонньордуу өйдөнүө, оҕонньор оҕолору кытта – оҕо буолуо
Өйдөөххө таайтаран да этэр сөп, акаарыга – баалкы үөрэх
Туркмен: Акаары сыл олоруо, өйдөөх – сүүс сыл
Узбек: Мүөт минньигэс оҕо – өссө ордук
Дьоппуон: Оҕону атаахтатыы быраҕыыга тэҥ
Үтүө төрүттээҕэр үтүө иитии ордук
Кэрэ кыыс мэлдьи дьоллоох буолбат
Дьадаҥы баайа – оҕолоро
Төрөппүтэр үлэлииллэр, оҕолор дуоһуйа туһаналлар, сиэннэрэ умналыыллар.
Кытай: Атаах оҕо төрөппүтэрин ытыктаабат.
Уолу атаахтатыы – өлөрбүккэ тэҥ
Таһыыртан эрэ табыллыбыт оҕолор тахсаллар
Уу аллара сүүрэр, киһи үөһэ тардыһар
Биир мутуктан кутааны умаппаккын, биир оҕоттон – үчүгэй киһини ииппэккин
Кинээстэр, полководецтэр, миниистирдэр да кыайан туппаттар күүлэйи баппыт уолаттарын.
Уолга дьааһык көмүһү хаалларбыттааҕар үөрэппит ордук.
Дьоннор оҕолорун кыдьыктарын билбэттэр.
Омуктар ити курдук оҕону үөрэтэн көрөн-иитэн, үөрэтэн-такайан иитэр наадатын этэллэр диир Н.К. Антонов [ЭС 03.12.97].
Н.К. Антонов бэрэпиэссэр былыргы түүрдэр устуоруйаларын саха салаатын устудьуоннарыгар үөрэтэригэр сүрүн тосхоло кинилэр олохторун үөрүйэҕэр иитии буолара. Ол санаатын саха омугар эмиэ тиэрдэргэ дьулуһан, хаһыакка кэпсиирэ. Ол үөрэҕин сүрүн номоҕун кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын.
- Былыргы түүрдэр тустарынан…
Улуу судаарыстыбаны кыайан туругурдубатахтара. V-X үйэлэргэ өҥ дьыллар тураннар, дьонноро-сүөһүлэрэ үксээн түүр омуктар судаарыстыбалара туругура сылдьыбыта. Ол гынан баран кинилэр көс олохтоох этилэр. Сылгы баайдаахтара, ол өҥөтүнэн сэрииһит этилэр. Илин Кытайтан илин Европаҕа дылы тарҕанан сүүнэ судаарыстыбаламмыттара. Ол гынан баран, кэлин ол кыайан бигэргэтиллибэтэҕэ. Булгардар, хазардар, авардар тыллара Илин Европа олохтоохторун тылларыгар баһыйтаран, симэлийэн сүппүттэрэ. Ол кинилэр ахсааннара аҕыйаҕыттан, тыллара уус-уран айымньылара мөлтөх сайдыылааҕыттан; политика, итэҕэл, идеология өттүнэн сатаҕайдарыттан тутулуктааҕа.
Түүрдэр Кытай уонна Арҕаа Дьобуруопа эргиэнин суолун баһылаан олорбуттара икки цивилизация сайдыытын туһанан бэйэлэрин төрүт култуураларын үгэстэрин сайыннарбыттара. Сэрии сэбин, металлургияны, суругу үөскэппиттэрэ. Тимир куйахтаах аттаах сэриилэрэ 300-400 тыһ. тиийэрэ. Кытай, Иран, Византия, Араб судаарыстыбаларын кытта экономикаҕа, эргиэҥҥэ, бэлиитикэҕэ, итэҕэлгэ, күрэхтэһиигэ кэбирэх, мөлтөх буолаллара.
- Көс олохтоох буолан, сут-кураан буолла да эстэн, күүстэрэ мөлтүүрэ;
- Аҕа уустарынан аймаҕынан олорор буолан, судаарыстыбалара ыһыллаҕаһа, куомуннаһыы, атааннаһыы күүстээҕэ. Кытайдар этэллэрэ: «Түүрдэр хайҕалы сэмэни улахаҥҥа уурбаттар салайааччыларын убаастаабаттар, бэрээдэги тутуспаттар. Онон кинилэри кыайар кэбэҕэс» дииллэрэ;
- Идеологиялара, итэҕэллэрэ мөлтөҕө. Онон дьонноро улахан судаарыстыбалар сабыдыалларыгар сабардатыыга дөбөҥнүк кииринэллэрэ.
- Кытай судаарыстыбата түүрдэри кытта сыһыаныгар оҕуруктаах бэлиитикэни ыытара. Кытайы «табгач» диэн кыра түүр былыргы хунтан хаалбыт омук киһитэ Тайцзун Ли Ши-минь баһылыыра. Кини Улуу Тан импиэрийэтин тэрийэн, түүрдэри кытай култууратыгар, бас билиитигэр киллэрэр бэлиитикэни ыытара.
Түүрдэри кытта уруурҕаһан, ханыы тардыһан, ыччаттарын Кытайга араас ньыманан тардан холбуу сатыыра… Түүрдэр ыччаттарын университекка үөрэтэн, Кытай армиятыгар сулууспаҕа, Кытай тылыгар, литэрэтиирэтигэр, итэҕэлигэр тардан, араас баай-талым олох өҥөтүнэн, кэрэ кыргыттарынан умсугутан, уонна да атын элбэҕинэн абылыы тардара.
Түүр баһылыктара маны сөбүлээбэт, дьонноругар өйдөтөр этилэр да, дьон сайдыыга тардыһара.
Түүрдэр сомоҕолоһуулара мөлтөх буолан, үрэллэн тарҕаспыттара. Кытайдар Тайцзун Ли Ши-минь өлөөтүн түүрдэри кытайтан үүрбүттэрэ. Оттон Илин Дьобуруопаҕа олорбут түүрдэр (булгардар, хазардар, авардар) иудаизм, христианство итэҕэлин ылынан, бэйэлэрин тылларын култуураларын сүтэрбиттэрэ, Болгария, Венгрия, Славян, нуучча норуоттарыгар холбоһон симэлийбиттэрэ.
Ити курдук түүрдэр бэйэлэрин кэмнэригэр аттаах сэрии кыаҕын сатабыллаахтык туһанан өрөгөйдүү сылдьыбыттара буолан баран, түмсүүлэрэ билиилэрэ итэҕэллэрэ өйдөрө санаалара татым муҥутах буолан, үйэлээх улуу судаарыстыбаны кыайан туругурдубатахтара. Кэхтэн ыһыллан аччаан атын норуоттары кытта холбоһон симэлийэн барбыттара [СС. 27.02.93].
- Орто түүрдэр
Орто түүрдэр X-XV үйэлэргэ икки кэмҥэ арахсаллар диир Н.К. Антонов: X-XII уонна XIII-XV үйэтээҕи кэмҥэ.
Илиҥҥи Туркестаҥҥа Моҥгуол сириттэн үтүрүллүбүт узбектар судаарыстыбалара – хараханнар иллэрэ. Арҕаа туркестаҥҥа Орхон түүрдэрэ олохсуйан – газневидтар иллэрэ буола олохсуйбуттар.
Кинилэр илиҥҥи Афганистаны, Хотугу Индияны, Арҕаа Ирагы, Арҕаа Иран, Малай Азия дойдуларын сэриилээн ылан холбоон, сайдыылаах судаарыстыбалары тэрийэ сылдьыбыттара. Улахан куораттары сайыннаран Бухара, Самарканд, Хорезм, Ургенч, Яркенд, Узгенд, Баласагун, Кашгар, Отрар, Мерв, Пенджикент, Кят, Кашгар эргиэни, араас эрэмиэсинэлэри атыыны, эргиэни о.д.а. малы кытайтан, ирантан аҕалан атыылыллара, бэйэлэрэ эмиэ оҥороллоро. Х үйэҕэ арабтар суруктарын, ааттарын, үөрэхтэрин иҥэринэн уонна былыргы билиилэрин холбуу тутан сайыннарбыттара. Орто Азия түүрдүү уонна иран норуоттарын, Индия, Китай үөрэҕин эбинэн номуука, үөрэх литэрэтиирэ, култуура үрдүк чыпчаалыгар тахсыбыттара.
Аан дойду матымаатыкатын, астарануомуйатын, бөлөсүөппүйэтин, мэдиссиинэтин, архитектуратын уо.д. атын билимнэрин төрүттэрин уурбут улуу учуонайдар Аль-Фараби, Бируни, Авиценна, Омар Хайям, Фирдоуси, Бухари, Кашгари, Юсуф, Баласагун, Ясави уо.д.а. үөскээбиттэрэ.
Аан дойду норуоттара ЮНЕСКО уурааҕынан Орто Азия норуоттара ити ааттаммыт улуу учуонайдара уонна суруйааччылара төрөөбүттэрэ 1100-1000 сыллара туолбутугар 1970-1980 сс. өрөгөйдөөхтүк бэлиэтээбиттэрэ.
Н.К. Антонов суруйар: «Ол сөҕүмэр өрө күүрэн сайдыы салҕанан, өрөгөйдөөн баран испитэ буоллар, киһи-аймах устуоруйатын хамсатан, баҕар, букатын атын – илин дойдулар норуоттара киһи-аймах сайдыытыгар бастаабыттарын курдук бастаан иһиэх этилэр» диир.
Ону баара моҥгуоллар уонна арҕаа дойду ырыысардарын крестовай похуодтара ити сайдыыны күл-көмөр оҥорбуттара, хаттаан кыайан өрүттүбэт гына суох гыммыттара. Ол түмүгэр Азия норуоттарын сайдыыта 1000-нан сылларга түҥнэри эргиллибитэ, кэхтибитэ, эстибитэ, оттон Арҕаа Европа норуоттарын өрө күүрэн сайдыыларын возрождение эпохата саҕаламмыта. Ол курдук Арҕаа Европа ырыысардара илиҥҥи дойдулар баайдарын-дуолларын халаабыттарын таһынан, саамай сүрүнэ, Арҕаа дойду сайдыыта – илиҥҥи омуктартан номууканы, култуураны, кинигэни көһөрөн илдьибиттэриттэн төрүттэммитэ буолар.
Орто Азия түүрдүү норуоттар айар дьоҕурдара кэлин, арай, тимуриттар кэмнэригэр улуу учуонайдар Улукбек, Аль Каши, Шараф-ад-дин, улуу поэт Алишер Новаи уо.д.а. айымньылаах үлэлэригэр кылгас кэмҥэ чаҕылыйан ааспыта.
Н.К. Антонов түмүгэр этэр:
“Киһи аймах норуот солбуллубат сүрүн баайынан билии, өркөн өй, айар дьоҕур буолара дьэҥкэтик көстөр. Былыр да, аны да норуоттар өрө күүрэн сайдалларыгар өркөн өй ситиһиилэрин сөпкө туһаныы өй, үөрэх, билии күрэхтэһиитэ уонна илин былдьаһыыта улахан суолтаны ылара, ыла да турар.
Билигин даҕаны Арҕаа дойдулар уодаһыннаах өйдөөхтөрө биһиги дойдубут ситиспит улахан үөрэхпитин талааннаах үөрэхтээхтэрбитин араас ньыманан абылаан, түөрэккэй сыһыанынан, баай талым олоҕунан манчыыттаан, өйбүт, үөрэхпит баайын үрдүк дьоҕурбутун сүүрдээн, күрэтэн ылаары дьулуһаллар, соруналлар. Ол уодаһыннаах дьайыылары утары дьаныардаахтык охсуһуох кэриҥнээхпит” [СС 31/03.1993].
III Саҥа түүрдүү эпоха
Бэрэпиэссэр Антонов Н.К. ити XII-XIII үйэлэргэ Моҥголлар уонна Арҕаа Европа ырыысардара түүр норуоттарын самнарыыларын түмүгэр сайдыы Арҕаа Европаҕа көспүтэ. Тамерлан Османскай империяны уонна Золотой Орданы күл-көмөр оҥорон түүрдүү норуоттары туругурдубатаҕа, арҕаа тарҕанан баран иһэр инники авангард түүрдэри умсары дапсыйбыта.
Ол түмүгэр Европа норуоттара өрө тардыллыбыттара. Киһи аймах устуоруйатыгар улахан төптөрү сабыдыал, уларыйыы оҥоһуллубута.
Ити курдук былыр-былыргыттан киһи аймах үстэн биирин ылар Кытай норуотун кытта хатыһар улуу судаарыстыбаны үөскэтэн баран, кэлин сирдэрин-уоттарын кыһарҕаныттан сут-кураан дьыллар мускуурдарын кыайар суолу тобулбакка, ууһунан арахсан олорууларын уустугун кыайбакка, омук быһыытынан түмсүүтэ суох буоланнар бэйэ-бэйэлэрин кытта киирсээннэрэ, илин былдьаһыылара мэһэйдээн, күүстээх судаарыстыбаны үөскэтэри кыайбатахтар.
Николай Климович түүрдүү норуоттар билиигэ үөрэххэ, наукаҕа, уус-уран айыыга улахан дьоҕурдаахтарын Орто түүр үйэтигэр ордук көрдөрбүттэрин сиһилээбитэ. Кэлин Тамерлан сэриититтэн куоппут үгүс түүр дьоно Россия, Литва, Польша, Венгрия, Болгария норуоттарыгар тарҕаһан холбоспуттара. Ол дьон ити дойдулар өрө күүрэн сайдалларыгар улахан суолтаны ылбыттар. Ону нууччатымсыйбыт татардар, половецтар, хазартар, (казахтар удьуордара) билигин нуучча норуотун улуу дьоннорун сүппэккэ хаалбыт ааттарыттан сирдэтэн билиэххэ сөп диир.
Ону ССРС биллиилээх учуонайа Н.И. Баскаков «Русские фамилии тюркского происхождения» (М-1979) диэн кинигэтигэр омук сүүһүнэн ахсааннаах нуучча улуу дьоннорун араспаанньаларыттан көрүөххэ сөп: Кутузов, Ушаков, Исхаков, Суворов, Салтыков, Нарышкин, Лесков, Аракчеев, Гоголь, Карамзин, Карсаков, Некрасов, Курбатов, Пирогов, Татищев, Тургенев, Тимирязев, Тухачевскай, Тютчев, Чаадаев, Чапаев, Черкасов, Шаховской, Шереметьев, Шишкин…
Түүрдэр Арассыыйа судаарыстыбатын 17-19 үйэтээҕи сайдыытыгар эмиэ улахан өҥөлөөхтөрүн ыйар. Арассыыйа улуу ыраахтааҕылара Александр Невскэй, Иван Грознай, Петр I, Борис Годунов о.д.а. түүрдэртэн удьуордаахтара биллэр. Атын норуоттарга итинник элбэх улуу ыраахтааҕылар хойуутук үөскээбиттэрэ тоҕо эрэ бэлиэтэммэт. Этиллибитин курдук, түүрдүү норуоттар хайа баҕар үлэҕэ дэгиттэр дьоҕурдаахтара дьэҥкэтик биллибит.
Хомойуох иһин, ол дьоҕурдара түүрдүү норуоттар бэйэлэрэ өрөгөйдүүллэригэр туһалаабатахтара. Ол түүрдүү норуоттар бэйэлэрин туһугар кыһамньылара суоҕуттан, патриотизмнара сайдыбатаҕыттан тутулуктаах этэ. Төттөрүтүн бэйэ-бэйэлэрин кытта өйдөспөккө, эйэлэспэккэ, киирсэллэриттэн, атааннаһалларыттан төрүөттээх этэ.
Түүрдүү норуоттар төһө да үрдүк дьоҕурдаах буолбуттарын иһин, кинилэр өһүргэс, өһөс-хадаар майгылаах мастаах дойдуга баппат, эйэҕэһэ суох хабыр майгылаахтар кинилэргэ улахан иэдээннээх, сүүйтэрилээх буолбута: ыһыллан, тоҕуллан, уостан эстэргэ тиэрдибитэ, кыайан өрүттүбэтэхтэрэ.
Түүрдүү норуоттар бэйэлэрин итэҕэстэрин өйдөөн, көрүнэн иһэллэрэ буоллар, сомоҕолоһон бииргэ түмсэн, тапсан олороллоро, үлэлииллэрэ буоллар, кинилэр ининики кэскиллэрэ быдан киэҥ сырдык буолуох этэ [СС 16.05.2001].
- Саха омугун олоххо дьоҕурун туһунан
Бэрэпиэссэр ити былыргы түүрдэр олохторун кэпсээн баран, кини саха норуотун сарсыҥҥытын туһунан ыралыыр. Биллэрин курдук, норуот олоххо дьоҕура араас өрүттэртэн, дьоҕурдартан аттарыллан тутуллар холобур манныктартан:
- Норуот олохсуйан олорор дойдутун киэҥэ-куоҥа, үтүөтэ-баайа, айылҕа иэдээннэригэр оҕустарбат туруктааҕа;
- Норуот ахсаана, үрдүк үөскүлэҥэ;
- Доруобуйа үтүөтэ;
- Өй-санаа үчүгэйэ, көрсүөтэ;
- Олоҕу сатаан тэриниитэ, салайаныыта;
- Бэрээдэгэ, тэриллиилээҕэ;
- Үлэҕэ-үөрэххэ үрдүк дьоҕурдааҕа;
- Норуот бэйэтин бэйэтэ билиниитэ, убаастаныыта, ытыктаныыта, хас биирдиибит норуотугар бэриниитэ;
- Култууратын таһымын үрдүгэ, атын култууралар сабыдыалларыгар баһыйтарбат, саба оҕустарбат буолар тулуурдааҕа;
- Норут идеологията, ыччатын иитэр-такайар үгэстэрэ, итэҕэлэ үрдүк таһымнааҕа, көмүскэнэр кыахтааҕа, о.д.а.
Николай Климович бу өрүттэргэ олоҕуран бырагыраамалары оҥорон үлэ тэрийиллиэн сөп этэ диир.
Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бэйэтин сайдыытын дьаһанар, тэринэр көҥүлү, кыаҕы ылла диэн бэркэ үөрэн, астынан, саҥа кэмҥэ саха норуота кэскилин хайдах оҥосторо сөбүй диэн боппуруоска хоруй көрдүүр сүбэ-соргу булар суолу хайан барбыта. Онуоха сүрүн үөрэх быһыытынан устуоруйа чахчыларыгар олоҕуран, олоҕу оҥостуллуохтаах диэн санаанан салайтаран, чугастыы, түүр норуоттарын устуоруйаларын норуотугар ырытан көрдөрөр соругу туруоруммута. Саамай табыгастаах ньыма быһыытынан Л.Н. Гумилев түөрүйэтин ырытан туһаммыта. Уонна онно олоҕуран, түүрдэр былыргы, орто уонна билиҥҥи устуоруйаларын сырдаппыта. Бэйэтэ хайдах сыаналыырынан.
Николай Климович Саха сирэ сирин иэнинэн, айылҕатын баайынан сайдыылаах судаарыстыбаны үөскэтэргэ ордук табыгастаах. Ол гынан баран саха омуга ахсаана олус аҕыйах, онон 10-20 сыл иһигэр норуот ахсаанын элбэтэр соругу, үлэни тэрийиэххэ наада диэн сүбэлиир.
Иккис улахан соругунан, тыа сирин сайдыытын, үлэтин-хамнаһын, хааччыллыытын дьаһайар соругу туруорар. Норуот сириттэн көһүүтэ омук иэдээнэ, онон бу сир усулуобуйатын тупсаран, дьон-норуот ахсаанын элбэтиини быһаарыахха наада диир.
Сирбит киэҥэ, баайа биһиги – кэскилбит. Онон саҥа сирдэрин туһаҕа таһааран олохторун толору хааччыйан, дьону олохсутан нэһилиэнньэ элбиирин ситиһэргэ ыҥырар.
Үсүһүнэн, кыра норуот буолар уйулҕаны хаалларан, улуу норуот буоларбыт устуоруйатын ыччакка норуокка биллэриэххэ. Сабыдыалга оҕустарымтыа, үтүктүмэҕэй буолар өйтөн босхолонуохха, сэнэнэр, итэҕэстээх курдук сананары ууратыахха. Биһиги улуу хуннартан төрүттээх, түүрдэртэн сыдьааннаах улахан омук удьуордара буолабыт, чэгиэн доруобуйабытынан, дириҥ өйбүтүнэн, үөрэҕи-сайдыыны ылынарбытынан хайа да омуктан хаалсыбаппыт. Онон омуктар күрэхтэһиилэригэр хайа баҕарар киирсэр кыахтаахпыт диир.
Төрдүһүнэн, билигин киһини барытын тэҥ баайыылаах курдук көрүү өйдөбүлүнэн олоробут. Дьоҕурдаах, кыахтаах дьону хам баттааһын бэлиитикэтэ барар. Ону тутуһан акаары эбэтэр орто дьон таһымынан олордохпутуна, сир өтүөхпүт суоҕа. Талааннаахтары, дьоҕудаахтары өрө үтэн сайыннарыахтаахпыт. Кинилэр буолуохтара биһигини соһор локомотивтарбыт, көтөр кынаттарбыт. Номуукаҕа, үөрэххэ, салалтаҕа, үлэҕэ да кыахтаах маяк дьон баһылаан-көһүлээн сиэтэн илдьэ барыахтара. Ол иһин норуот интеллектуальнай таһымын талан, сүүмэрдээн үөскэтэн, үксэтэн бардахпытына, кэскилбит кэҥиэн сөп. Ордук тыа сирин ыччатыгар болҕомтону ууруохха, онно үөскүүллэр гений дьоннор диэн улуу учуонайдар мээнэҕэ эппэтэхтэрэ.
Бэсиһинэн, норуот олоҕун аймыыр, буортулуур дьону: арыгыһыттары, наркоманнары, үспүкүлээннэри, уоруйахтары, күлүгээттэри о.д.а. итэҕэстээх дьону туспа тутан, дьон уйгулаах олоҕун көмүскүөххэ. Үөрэх этэринэн кинилэр туспа айылгылаах, генннээх дьоннор.
Түмүгэр көрүнэн, сэрэнэн олорорго, тыйыс тулууру, кытаанах хааны киллэрэн, өйү-төйү булунан, инники суолу, олохтоон-сиэрдээн олоҕу оҥосторго ыйар.
Бэрэпиэссэр Н.К. Антонов омук олоххо дьоҕурун туһунан бэрт өйдөнөрдүк быһаарар. Айылҕаҕа олоххо ордук дьоҕурдаах харамайдар: сордоҥ, алыһар, кырса, кутуйах, таракаан. Кинилэри төһө да өлөрө сатаабыт иһин үөскүү, үүнэ тураллар.
Оттон олоххо дьоҕурдаах омуктарынан кытайы, дьоппуоннары, индиялары, нигериялары, нууччалары кыттыһыннарар. Сахалар атын омуктартан итэҕэспит суох эрээри Аан дойду иккис сэриитэ генофондабытын алдьатта. Ол кыһалҕаттан биһиги хайдах тахсабыт диэн ыйытык туруорда.
Биһиэхэ оҕо ахсаанын элбэтэргэ, дьахтары төрөтөргө уонна саха киһитин хаачыстыбатын тупсарарга анал бэлиитикэ, идеология наадатын ыйар [СС. 1998 16/04].
Н.К. Антонов омугу элбэтэргэ ыччат өйүн-санаатын иитэр, омук бөтүрүйүөтэ буоларга туһаайар наадатын ыйар. Бэрэпиэссэр омугу таҥнарыы холобурун А.С. Пушкин «Бахчисарайскай фонтан» айымньытыгар Хан-Гирей поляк кыыһын Марияны ойох гына аҕалбытын айдаанынан, Гоголь «Тарас Бульба» айымньытыгар Тарас Бульба уола Андрей поляк кыыһын таптаан дойдутун таҥнарбытынан, былыр Билгэ Хаҕан мэҥэ тааһын суругар «Тоньукуук» түүр ыччата кытай киэргэлигэр, минньигэс аһыгар, солко таҥаһыгар ымсыыран, дойдуларыттан барарын холобурдуур, билиҥҥи саха кыргыттара омук уолаттарыгар эргэ тахсан, сахаларын сирин хаалларалларын холобурдуур.
Ыччат бэйэтин норуотугар бэриниилээх, кини туһугар туох баар сүрэҕин-быарын дьулуурун, өйүн-санаатын күүрүүтүн, үлэтин хамнаһын үтүөтүн норуотун туһугар аныыр, кыһаллар эрэ буоллаҕына, ол норуот өлбөт, өрө күүрэн сайдар, үүнэн, оҕолонон барыахтаах диир.
Кыыс-дьахтар омук дьонун кытта таптаһар, холбоһор да буоллаҕына, оҕолорун бэйэтин норуотугар сыһыаран иитиэхтээх. Ол иһин кытай бөлөһүөгэ Конфуций 2600 сыллааҕыта: «Дьахтар уоргана – сэрии сэбэ. Сэрии кэмигэр эр дьоннор сэриилэһэллэр эйэлээх кэмҥэ дьахталлар сэриилэһэллэр» диэбитин этэр.
Оттон нуучча биллиилээх устуоруга Ключевскай «Татаардары нуучча сэриитэ кыайбатаҕа, нуучча дьахталлара кыайбыттара» диэн суруйбутун этэр.
А.С. Пушкин төрүттэрэ (эһэтэ-негр, эбэтэ – швед дьахтара эрээри бэйэтэ нуучча норуотун генийэ буолбута. Онон этиэххэ сөп: киһи дьиҥнээх омугун кини этэ-сиинэ былыргытын быһаарар, оттон кини тыла, иитиллиитэ, өйүн-санаатын, дууһатын оҥоһуллуута диир.
Аны норуот хаачыстыбата элбэх оҕолонууга буоларын эмиэ бэлиэ холобурдарынан быһаарар. Саха дьахтара элбэхтик төрүөх тустаах. Ленин ыал сэттис оҕото этэ, Америка супер сулус ырыаһыта Селин Дион Канадаҕа дьадаҥы ыалга 14-с оҕонон төрөөбүтэ диир. Кырдьык даҕаны, омук остуоруйаларыгар саамай табыллыбыт оҕо ыал кыра оҕото буолара мээнэҕэ этиллибэт. Онон бэрэпиэссэр Н.К. Антонов олоххо баар кырдьыгы этэр.
Литература
- Кыым 06.04.1990 – Биэрэпис түмүгүнэн // Кыым 06.04.1990
- СС 06.12.1992 – Хуннар эпохалара // Саха сирэ. 06.12.1992
- СС 27.02. 1993 – Улуу государствоны кыайан туругурдубатахтара // Саха сирэ. 27.02. 1993
- СС 31.03.1993 – Европаны үөрэппиттэрэ // Саха сирэ. 31.03.1993
- СС 23.04.1994 – Сахалар саамай былыргы биһээллэрэ көстүбүт // Саха сирэ 23.04.1994
- СС 05.0 4.1994 – Түүрдүү тыллар тустарынан // Саха сирэ. 05.0 4.1994
- СС 20.06.1995 – Былыргы түүрдэр олохторугар (Гумилев түүрдэр олохторун туһунан) // Саха сирэ 20.06.1995
- СС 25.04.1996 – Саха моҥгуол тылларын сыһыаннара // Саха сирэ 25.04.1996
- УА 20.02.1997 – Ыччаппыт үөрэҕин ырытыаҕыҥ // Учуутал аргыһа 20.02.1997
- ЭС 03.12.1997 – Илиҥҥи норуоттар оҕо туһунан номохторуттан // Эдэр саас 12.1997
- СС 16.04.1998 – Олоххо дьоҕур күүһэ // Саха сирэ. 16.04.1998
- СС 01.07.1998 – Бахчисрайскай фонтан тоҕо ытаабытай? // Саха сирэ. 01.07.1998
- СС 03.03.1999 – Норуот сүрүн хапытаала – киһи // Саха сирэ. 03.03.1999
- СС 21.10.1999 – Киһи аймах историята – тылар охсуһууларын историята // Саха сирэ. 21.10.1999
- СС 28.12.1999 – Манкуртар элбээн иһэллэр. Ол кутталлаах. Саха сирэ // 28.12.1999
- СС 09.12.2000 – Алтайдыы тыллаах биистэр. Сибиир былыргытыттан //Саха сирэ 09.12.2000.
- СС 16.05.2001– Олох муудараһыгар үөрэтэр кинигэ // Саха сирэ.
- ИТ 18.07.2001 – Тыл эстиэтикэтигэр болҕомтону // Ил түмэн 18.07.2001