Николай Антонов билимҥэ үөрэтэр ньымалара

Биллиилээх тюрколог-бэрэпиэссэр Николай Климович Антонов билимҥэ сүрүн нэһилиэстибэтин хаалларбытын үрдүнэн, чуолаан түүр омуктар тылларын иҥэринэр устудьуон аймах, үөрэххэ  тардыһар көхтөрүн күөдьүтэр элбэх ньымалардаах этэ. Олортон үс суолу санатары сиэрдээх дии саныыбын.


Алексеев Иван Егорович

тыл билимин дуоктара

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт

Дьокуускай к.

  1. Өр сылларга үлэлээн, ыччат интэриэһин түүр омуктар устуоруйаларын, тылларын билэргэ дьулуһар суолларын тобулбута. Лиэксийэлэригэр билим тус салаатын кэпсииригэр хайаатар да ону тутатына өйдөтөр сыыппараны, ойууну, тылынан сытаатаны туһанара. Холобур, түүр омуктар устуоруйаларын түҥ былыргы, орто үйэлэрдээҕи кэрдиистэрин көрдөрөр табылыыссалардаах буолара.

Онно Былыргы кэм: булгардар, уйгурдар, чуваштар, огузтар, тофалар, хахастар, тывалар, сахалар төрүттэрэ.

Орто үйэлэрдээҕи кэм: азербайджаннар, кыпчактар, туроктар, туркменнар, илиҥҥи Туркестан омуктара, узбектар, чатагайдар уо.д.а.

Саҥа кэмнээҕи: башкир, казах, ккалпак, кыргыз, татар, ногай, билиҥҥи саха тыллара тус-туспа наардаммыттарыттан сирдэтэн саха омук тыла да, бэйэтэ да үөскээбит төрүттэрин түөһэргэ төрүөт тахсара.  Оччоҕо Орхон пааматынньыктарын (Кюль-Тэгин, Тоньюкук, Моюнчур) хаһан кимнээх булбуттарай диэн ыйытыы үөскүүр. Оччоҕо Николай Климович: «Үчүгэйдик өйдөөҥ, былыргы түүрдэр суруктарын бастакынан иһитиннэрбит швед апыһыара Иоганн Сталенберг буолар. Онтон 1889 с. Н.М.Ядринцев диэн  нуучча чинчийээччитэ Монголияҕа Орхон өрүс үрдүгэр түүр хаанын, Могилян (734 с.) быраатын Кюль Тегин (өлбүт сыла 732 с.) пааматынньыга баарын булбута. Итинтэн салгыы Тоньюкук чиэһигэр паамытынньыгы 1897 с. Д.А. уонна Е.Клеменцтэр Селенга өрүс биэрэгэр баарын булбуттара. Ол улуу ыраахтааҕылар (хааннар) Эльтериш (692 с. өлбүт) сүбэһиттэрэ Тоньюкук эппит тыллара тааска тиһиллибиттэр, былыргы түүр  «урууна суругунан» диирэ.

Ол урууна суруга хайдах этэй диэн ыйытабыт. Кини: «Түүр судаарыстыбаларыгар туттуллубут үс алпаабыт баара: урууналыы, уйгуурдуу, арааптыы. Эмиэ умнубаттык өйгүтүгэр хатааҥ. Урууна суруга диэн Дьобуруопаҕа 2-3 үйэттэн ыла үөскээн, эрдэтээҕи Германия, Скандинавия омуктарыгар туһаныллыбыт алпаабыт. Ону XIX үйэ бүтүүтэ өрдөөҕү пиин үөрэхтээхтэрэ түүрдүү урууна төрдө пииннии диэн этэ сылдьыбыттара. Дьиҥэ хайдаҕа биллибэт эрээри, түүрдүү урууна суруга өссө VII үйэ инниттэн баара диэн сабаҕалыыллар.  Орто Азияҕа, Енисейгэ баар пааматынньыктар урууна суругунан оҥоһуллубуттар. Ону чинчийбит дьон В.В. Радлов 1891 с. экспедицията, (1893 с), Дания учуонайа В.Томсен  Кюль Тегин, Тоньюкук чиэстэригэр суруллубут таастарга баар урууналары аахпыттара, тылбаастаабыттара. Ордук дириҥник В.Томсен чинчийбитэ. Кини түүр тылларыгар  илин/кэлин аһаҕас дорҕоон систиэмэлэрин сүнньүн булбута (25.11.1893 с.). Онтон саҕалаан түүр омуктар тылларын чинчийии дириҥээбитэ» [2].

«Оттон уйгуурдуу алпаабыт хаһааҥҥыттан туттуллубутай? Ити ыйытыыга маннык хоруй сөп: согдийскай (өлбүт тыл. Иранныы Самарканд хотугулуу-илин өттүгэр баара) төрүттээх, үөһэттэн аллараа суруллар алпаабыты уйгуурдар өссө монголларга тарҕаппыттар. Чингиз-Хан бэйэтин оҕолорун уйгуур учууталларыгар үөрэттэрбитэ. Онтон ыла ХХ үйэ ортотугар диэри монгол суруга уйгуурдуу алпаабытынан сайдыбыта» [3].

Ханнык түүрдүү пааматынньыктар уйгуур алпаабытынан суруллубуттара баарый? Н.К.Антонов: «Уйгуурдар Орто Азияҕа, Тибеккэ улахан сайдыыны аҕала сылдьыбыт омук. Элбэх пааматынньык чатагай тылынан суруллубута баар. Онно 13-с үйэтээҕи итэҕэл («Золотой блеск»), докумуоннар, билим, тыл, матымаатыка туһунан суруйуулар киирсэллэр. Саамай былыргы түүр-мусульманныы литэрэтиирэ пааматынньыга «Кутадгу билиг» уйгур суругунан оҥоһуллубутун В.В.Радлов тылбаастаабыта [4]. Уопсайынан улуу тюрколог Радлов уйгуурдуу докумуоннары тылбаастаан бэчээттэтиитэ 1907 с. саҕаламмыта.

Онтон эһиги түүрдүү суругу-бичиги сатаан ааҕан, биһигинниин хаан аймахтарбыт былыргыларын билэргэ дьулуһуоххут диэн эрэнэбин,»— диэн Н.К.Антонов устудьуон аймахха тута өйдүүр гына ылыннарыылаахтык кэпсиир буолара. Биллэрин курдук, кини киэҥ билиитин түмэн, «Лекции по тюркологии» сиэрийэтигэр түүрдэр түҥ былыргы кэмнээҕи олохторун, тылларын, култуураларын уо.д.а. туһунан киэҥник көрдөрөр үлэтинэн элбэх көлүөнэ дьон үөрэммитэ. Күн бүгүн ити «Лиэксийэлэрэ», чуолаан тыл үөрэҕэ сайдыытыгар былыргы саҕанааҕы урууна, уйгуур, араап алпаабыттара сүҥкэн суолталаахтарын, билиҥҥи кэмҥэ 30-ча түүрдүү тыллаах омуктар өй-санаа өттүнэн туруктарын ырыҥалыырга төһүү буолаллар. Онно бэрэпиэссэр Николай Климович Антонов ураты көрүүлээх чинчийээччи, үөрэтээччи быһыытынан аата-суола бүттүүн тюркологияҕа киэҥник биллэр.

  1. Билимҥэ эрэ буолбакка, күннээҕи кэрдиис кэмҥэ олох хаамыыта хайдах сайдан (эбэтэр сатарыйан) иһиитин сөпкө өйдүүргэ Н.К.Антонов, устудьуоннары таһынан, биир идэлээхтэригэр, бэйэтин көлүөнэ дьонугар үөрэтэр-такайар сиэринэн кэпсии-ипсии сылдьар идэлээҕэ. Күннээҕи бэчээт суолталаах сонунуттан саҕалаан, экэниэмикэ, бэлиитикэ, тиэхиньикэ сайдыытын чахчыларын кыраҕытык кэтиирэ уонна ону сойуппакка эрэ лиэксийэтин кэмигэр кытта кыбытан билиһиннэрэрэ. Ону дьиҥ кырдьыктаах чахчы быһыытынан истээччи өйүгэр хатаан кэбиһэрэ.

ХХ-ХХI үйэлэр быыһык кэмнэригэр интэриниэт ситимэ олоххо, чуолаан үөрэх ситимигэр киириитин саҕана  Николай Климович, бу олус суолталаах сайдыы буоларын өйдөөн, биир бастакынан саха тылын, суругун-бичигин ити сүрээҥҥэ кытыарар суоллары толкуйдаабыта. Тэттик бырагыраамалары оҥорон, көмпүүтэр сахалыы алпаабытын айа охсор соругу туруорбута. Төрөппүт оҕотун Айтаны ити хайысхаҕа сыһыаран, билими кытта тэҥҥэ хардыылыыр сорудахтары оҥорбута. Кини бастакылартан биирдэстэрэ этэ: саха тылын Интэриниэккэ киллэрэр, ол көмөтүнэн олохпутун сайыннарар, тыл тутаах салааларын, Интэриниэт көмөтүнэн үөрэтэр соруктары туруорбута. Оччолорго мин үлэлиир лабаратыарыйабар омуктартан атыылаһан туһана сылдьар «Specch Analyzer» диэн саҥарыыны чинчийэр бырагыраамабын көрөн сөрү диэн сөхпүтэ. Дорҕоон хайа баҕарар уларыйыытын чинчийэр кыах үөскээбитин биһирээбитэ. Онон Николай Климович билимҥэ саҥаны киллэриини кэрэхсиир эрэ буолбакка, өссө тугу чопчулуохха сөбүй диэн сыалы-соругу быһаарсар идэлээҕэ. Талааннаах үөрэнээччитигэр Герасим Герасимович Левиҥҥэ былыргы түүр тылын үөрэҕэр билим, тиэхиньикэ, чуолаан Интэриниэт ситимин муҥутуурдук туһанар соругу  туруорбута. Ону Г.Г.Левин чиэстээхтик толорбутун бары билэбит. Н.К.Антонов «Инникигэ хардыы» хамсааһыны саҕаласпыт үтүөтүнэн билигин Саха сирин эдэр ыччата умнубата буоллар диэн баҕа санаа күөртэнэр.

  1. Бука, хайа да билим салаатыгар туһанылла илик «өсөһүннэрэн үөрэтии» ньыманы Н.К.Антонов олус сатабыллаахтык туһаммытын мин бэйэм эппинэн-хааммынан билбит суолум. Саха норуотунай бэдэгиэкитигэр, чуолаан оҕо майгытын  билэн, сатаан үөрэтиигэ туһаныллар бу уустук ньыманы Килиимэбис, быһыыта, уопут быһыытынан туһаммытын ахтар тоҕоостоох.

Омос көрдөххө, судургу ньыма. Киһини өсөһүннэрэн билим суолугар үктэннэрии олус уустук көстүү. Табыллыбатаҕына киһини тэмтэритэр да ньыма буолан хаалыан сөп. Өссө ситэ өйдөөбккө, сэнэбиллээх да хардыы быһыытынан эмиэ ылыныахха сөбө. Онон ситэритик быһааран кэпсиим.

Үнүбэрсиэт кэнниттэн мин салгыы аспирантураҕа үөрэниэх санааланным. Өссө Хачыкаакка (Хаҥалас ул.) учууталлыы сылдьан, учууталым дассыан Н.С.Киргиэлэйэптэн кинигэ, тылдьыт уларсан, «сахалыы-ногайдыы ханыылыы тыллар» диэн тиэмэни талан, суруксуттуур буоллум. Маарыннаһар олохтоох тыллары бэрт элбэҕи булан ырыттым. Эрэпэрээт курдук үлэни суруйдум. Өссө куоракка киирэ сылдьан, П.П.Барашковы көрсөн сүбэлэстим. Киһим улаханнык сэргиир курдук этэр уонна: «Хаапыдыраҕыттан салгыы үөрэххэ киириэн сөп диэн көҥүллүүр сурукта ылан аҕал. Оччоҕо эксээмэҥҥэ киллэриэхпит,» – диэн сүбэлээтэ.

Хаапыдырам сэбиэдиссэйигэр Николай Климовичка тиийэн: «Салгыы үөрэниэхпин баҕарабын. Миэхэ мэктиэлиир сурукта аҕал,» – диэн эттим. Ону киһим: «Эн үнүбэрсиэккэ туйгуннук үөрэммэтэҕиҥ ээ. Өссө партия устуоруйатыгар үстээх этиҥ дии. Мэктиэни туйгуннук үөрэммиттэргэ бэриллэр. Эн тыаҕа учууталлыы сырыт ээ. Билим диэн олус эрэйдээх үлэ, олоххун аныаххын наада. Таах эрэйи көрүөҥ,» –  диэн быһа-бааччы аккаастаан ыытта.

Маҥнай хомойон, онтон уһуну-киэҥи ырыта саныы сылдьан, сахалыы-ногайдыы майгыннаһар тылларбын өссө хомуйа, ырыта сырыттым. Бырахпатым. Онтон Хомсомуол обкуомугар үлэлии сылдьан, учууталым Н.Д. Дьячковскайдыын сүбэлэһэн, саха тылыгар тыл охсуутун чинчийэр санаа олохсуйда.  1968 с. күһүөрү сайыныгар хаапыдырам сэбиэдиссэйэ Н.К. Антоновка тиийэн, наадалаах сорукпун – мэктиэ суругу – эмиэ көрдөөтүм. Ону киһим чочумча саҥата суох олорон баран: «Дьэ, хайыамый, суруйан биэриэм эбитэ буолуо да, эн билим тааһын кирэр санааҥ төһө күүстээҕин билбэтим. Үөрэнэ сылдьан чаҕыйан хааллаххына, хаапыдыра аата-суола алдьанар. Ону өйдүөҥ буолуо дуо? Чэ, сарсын 11 ч. кэлээр. Суругу бэлэмниэм,» – диэтэ.

Кырдьык, сарсыныгар суругу ылан, Тыл, литэрэтиирэ, устуоруйа үнүстүүтүгэр илдьэн, аспирантура сэбиэдиссэйигэр К.А. Коммунаровка биэрдим уонна учуонай Н.Е. Петрову көрсөн киирии эксээмэн боппуруостарын ыллым…

Н.К. Антонов эппитин курдук, ортоһуор сыанаҕа эксээмэннэри туттаран, баҕалаах үөрэхпэр киирэн, өссө Новосибирскай Академгородогар профессор Е.И. Убрятова салалтатынан, биллиилээх монголист-тюрколог В.М.Наделяев фонетическай оскуолатыгар  үөрэнэн, тыл дорҕоонун эспэримиэнниир идэни иҥэринэн, кэлин билим хандьыдаата, дуоктара буолбутум кэннэ учууталым Н.К. Антонов: «Дьэ, дьүккүөрдээх киһи эбиккин. Мин өсөһүннэрэн үөрэтэр ньымам табылынна курдук. Бэйэм курдук уурастаабакка, билим кытаанах тааһын хачыгыраччы кирэр аналгын ыһыктыма,» – диэн алгыс тэҥэ тылын ыһыктыбыта.

Бу суруйуубар Н.К.Антонов ыччаты үөрэтэр үс эрэ ньыматын аҕынным. Олор бары киһи өйүн-санаатын уһугуннарар, дьулууру күөртүүр, билиини-көрүүнү баһылыыр суолга сирдииллэр. Учуутал бэйэтэ тобулбут ньымалара хас эмэ көлүөнэ үөрэнээччилэригэр  туһалыыллар, умнуллубаттар, өссө эбиитин саҥа сүүрээни үөскэтэн, сайда-кэҥии турар аналлаахтар. Табыллыбыт үөрэтэр ньыма дьылҕата сырдык эркээйилээх эбит диэн өрүү саныыбын.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Антонов Н.К. Лекции по тюркологии. – Якутск, 1981. – 75 с.
  2. Малов С.Е. Памятники древнетюркской письменности. – М-Л.: Издательство Академии наук СССР, 1951. – 451 с. – с. 12-15.
  3. Там же, с. 105-106.
  4. Радлов В.В. Памятники уйгурского языка. – Л.: Издательство Академии наук СССР, 1928. – 305 с.

This post was published on 28.05.2021 11:04 11:04