Медицина национальнай киинигэр диагностикалыыр уонна эмтиир оборудованиелардаах неврология уонна нейрогенетика отделениета аһылынна. Саҥа отделение сэбиэдиссэйэ Людмила Оконешникова эппитинэн, Саха сирэ Уһук Илин уокурук регионнарын ортотугар неврологическай ыарыыларга сыл аайы 12 тыһыынчаттан тахса түбэлтэни регистрациялыыр.
«Инсульт таһынан, “рассеяннай” склероз уонна Девик синдрома бааллар. Бу ыарыыларынан үксүгэр сахалар оҕустараллар. Балыыһа аныгылыы диагностика ньымаларын туһанан ыарыһахха анал көмөнү оҥорорго кыах биэриэҕэ. Билигин федеральнай уонна аан дойду кииннэрин таһымнарыгар ыарыһахтары эмтиир кыахтаахпыт», — диэн Людмила Оконешникова тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Медицина национальнай киинин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков этэринэн, диагностика кыамтатын толору кыаҕа ыарахан дегенеративнай ыарыылары чинчийиигэ ыытыллыаҕа. «Отделениебытыгар барыта 25 куойка эрэ да буоллар, биһиги ыарыһахтарбытыгар улахан туһаны аҕалыахпыт, мультифакториальнай генетиканы туһаныахпыт дии саныыбын», — диэтэ Станислав Жирков.
This post was published on 01.09.2022 18:31 18:31