Нерюнгри оройуонугар суол хампаанньатын сотрудниктарыгар 4 мөл солк тахса сууманы хамнастарын иэһин төлөөтүлэр. Үлэни биэрээччи 2014 сылтан араас биричиинэнэн үлэһиттэргэ хамнастарын төлөөбөккө сылдьыбыт, суруйар бырамыысыланнас министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Министиэристибэ оройуон бырамыысыланнай тэрилтэлэригэр иэһи төнүннэриигэ көмө оҥороллоругар этиилээх таҕыста.
«Саха сирин олохтооҕо оҥорон таһаарыы улаатарыгар кэмигэр уонна сөптөөх хамнаһы үлэтин иһин ылыахтаах. Кыһалҕаны билээт, тута быһаарыыны ылыыга ылсыбыппыт. Дьоҥҥо түмүк наада, эрэннэрии буолбатах. Биһиги минстиэристибэбит дьоҥҥо хамнастара бэриллэригэр кэпсэтиилэри ыытта», — диэтэ бырамыысыланнас минииистирэ Максим Терещенко.
Министиэристибэ уонна борокуратуура бииргэ үлэлээһиннэринэн Сахаресурс хампаанньа көмөтүнэн, ДЭП-127 үлэһиттэрэ бары хамнастарын ыллылар.
This post was published on 10.06.2024 12:08 12:08