Нерюнгрига халлаан туругунан аэропорду саптылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Нерюнгрига муус устар 23 күнүгэр күнүс 12.00 чааска диэри аэропорду саптылар. Хааччаҕы халлаан туругунан киллэрдилэр.

Ол туһунан олохтоох хаһыат телеграм-ханаала суруйар.

Информацияны аэропортка +7 (41147) 35085 нүөмэргэ эрийэн билсиэххэ сөп.

Эрдэ халлаан туруга мөлтөҕүнэн, Нерюнгри оройуонун суоппардарын «Лена» айан суолунан айантан туттуналларыгар санаппыттара.

This post was published on 23.04.2024 09:47 09:47