Нерюнгрига хайаны байытар фабрикаҕа баһаар буолла. Миэстэтиттэн кадрдары олохтоох «NeruLife» телеграм-ханаал таһаарда. ЯСИА-ҕа оройуон киин балыыһатыттан эппиттэринэн, реанимацияҕа түөрт эчэйбит киһи киирдэ.
«Реанимацияҕа түөрт киһи киирдэ, туруктара ыарахан. Кинилэргэ медицина көмөтө оҥоһуллар», — диэн балыыһаҕа эттилэр.
This post was published on 07.05.2025 09:18 09:18