Нерюнгрига хаар, силлиэ содулун туораталлар

Бүгүн Нерюнгрига сөкүүндэҕэ 20 миэтэрэҕэ тиийэр хаардаах силлиэ түһэн,  куорат үгүс олохтооҕо үлэтигэр хойутаата. Дьон-сэргэ массыыналарынан, уопсастыбаннай тырааныспарынан айанныыр кыаҕа суоҕа.


Манна  хаар, силлиэ түүн саҕаламмыта. Билигин куорат уулуссаларыгар 14 тиэхиньикэ үлэлиир.

“Сарсыарда биэс чаастан хаары ыраастыыр үлэ тиһигин быспакка барар. Күүстээх тыалтан хаарынан бүрүллүбүт уулуссаларга грейдердэр олус наадалар. ЫБММ-тан сэрэтии туппуппут. Балаһыанньа хонтуруолга тутуллар”, — диэтэ СИА-ҕа Нерюнгри мээрэ Леонид Олейник иһитиннэрдэ.

This post was published on 02.04.2018 12:35 12:35