Кулун тутар 10 күнүнээҕи туругунан, Нерюнгри оройуонугар Украинаттан, Донецкай уонна Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэртэн 12 киһи кэлбит. Бу саастарын ситэ илик оҕолордоох түөрт ыал буолара биллэр, диэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина телеграм ханаалыгар иһитиннэрдэ.
«Кэлбит ыалларга барыларыгар социальнай-бытовой хааччыллыыга көмө оҥоһуллар: оҕолору үөрэх тэрилтэлэригэр киллэрдилэр (икки- оскуолаҕа, биир – оҕо саадыгар), медицинскэй тэрилтэлэргэ сөптөөх дьаһаллар, медосмотралар ыытылыннылар».
Саҥа кэлбит ыалларга Нерюнгри оройуонун олохтоохторо эмп- томп, оҕо аһылыга, таҥас-сап өттүнэн көмөлөстүлэр», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
This post was published on 10.03.2022 15:01 15:01