«Амикан» сынньалаҥ пааркатын тупсаран оҥорор туһунан эрдэ Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар эппитэ. Үлэ Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн барыаҕа. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Бырайыак территорияны биир кэлим сайыннарыыга уонна хас да зонаны биир рекреационнай кластерга холбуур соруктаах:
- «Техника паарката» — уопсастыбаннай пространство, сир анныттан хостонор баайы кытта үлэлиир техникалар макеттара баар буолуоҕа, оҕо уонна спорт былаһааккалаах, сатыы хаамарга ыллыктаах;
- «Таастаах», манна Олоҥхо ыһыаҕа буолар. Этнокультурнай комплекс дьон сынньанарыгар уонна национальнай бырааһынньыктар ыытыллалларыгар ананар;
- «Горизонт» хайыһар баазата саҥардыллар, рекреационнай кластерга сөп түбэһиннэрэн.
Дьаһалта иһитиннэрбитинэн, бырайыактыыр-сметалыыр докумуона оҥоһулунна, муниципальнай хантараактар түһэрсиллэллэр.
Санаттахха, 2025 сылга Нерюнгри оройуонугар Олоҥхо ыһыаҕа түстэниэҕэ.
This post was published on 29.01.2025 17:01 17:01