Нерюнгрига биэс этээстээх дьиэ умайда

Бэҕэһээ 19:45 “01” диспетчерин пультугар Нерюнгри куоракка Ленин проспегар биэс этээстээх олорор дьиэҕэ баһаар турбутун туһунан иһитиннэрии киирбитэ.


Уоту кытта охсуһааччылар алта мүнүүтэнэн тиийэ охсубуттара. Ити кэмҥэ биир кыбартыыраттан буруо тахсара. Баһаар түмүгэр 4 кв. м иэннээх куукуна гарнитурун уот салаабыта. Уот туохтан турбутун быһаараллар.

This post was published on 12.03.2018 14:15 14:15