Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннарын Арассыыйа бэрэсэдьиэнин көмөлөһөөччүтүгэр Максим Орешкиҥҥа билиһиннэрдилэр. Бу туһунан Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев бэйэтин телеграм ханаалыгар биллэрдэ. Көрсүһүүгэ өрөспүүбүлүкэ экономикатын миниистирэ Майя Данилова, Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев уонна Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняк сырыттылар.
«Максим Станиславовичка Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннарын билиһиннэрдилэр. Бырайыактарга бастатан туран, куорат олохтоохторун ирдэбиллэрин учуоттаатылар. Холобур, Нерюнгри олохтоохторун доруобуйа харыстабылын үлэтин тупсарыыга наадыйаллар, оттон Дьокуускай олохтоохторугар эргэ уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү боппуруоһа, ону тэҥэ социальнай инфраструктураны тутуу долгутар.
«Максим Станиславович куораттар маастар-былааннарын концепциятын өйөөтө. Атын Уһук Илиннээҕи куораттары кытта дойду бэрэсэдьиэнин иннигэр бырайыактары көмүскээһиҥҥэ салгыы бэлэмнэниэхпит», — диэн Айсен Николаев телеграмыгар суруйар.