Ил Дархан э.т. Айсен Николаев Нерюнгри оройуона аҥаардас таас чоҕунан эрэ буолбакка, кэнэҕискитин өссө көмүһүнэн, онтон да атын сиртэн хостонор баайдары туһаҕа таһааран сайдыан сөбүн туһунан Нерюнгрига командировкатын кэмигэр бэлиэтээн эттэ.
Айсен Николаев командировкатын кэмигэр, бастатан туран, “Колмар” хампаанньа эбийиэктэрин көрдө. Санатан эттэххэ, бу хампаанньа “Соҕуруу Саха сирэ” урутаан сайдар сир сүрүн резиденэ буолар. Хампаанньа икки улахан (Инаглинскайдааҕы уонна Денисовскайдааҕы хайа-байытар кэмбинээттэрэ) бырайыактаах. Бу бырайыактарын барытын үлэҕэ киллэрдэҕинэ, хампаанньа сылга 20 мөл. тонна таас чоҕу хостуохтаах, туһаҕа таһаарыахтаах. 2021 с. диэри Россияҕа таас чоҕунан дьарыктанар биэс бастыҥ хампаанньалар истэригэр киириэхтээх.
Маны таһынан Айсен Сергеевич Нерюнгритааҕы киин балыыһаҕа, “Якутуголь” автобазатыгар сырытта. Ону сэргэ Шахтер күнүгэр сылдьан, үлэһиттэри эҕэрдэлээтэ. Санатан эттэххэ, Нерюнгри балыыһатыгар улахан өрөмүөн барыахтаах. Үлэһиттэр өрөмүөн наадатын сэргэ, исписэлиистэр тиийбэттэрин, балыыһа материальнай-техническэй базата мөлтөҕүн бэлиэтээтилэр.
Ону сэргэ Нерюнгри аэропордун саҥардыы бырайыагын көрдүлэр. Бу бырайыак быйыл алтынньыга түмүктэниэхтээх. Санатан эттэххэ, былаан быһыытынан, аэропорду саҥардыыга “Колмар” хампаанньа көмөлөһүөхтээх этэ. Билигин хампаанньа бырайыагы оҥорууга үбүлээһини ыытан олорор. “Саха сирин аэропортарын саҥардыы барыахтаах. “Колмар” көмөтүнэн быйыл алтынньыга диэри Нерюнгри аэпропордун комплексын саҥардыы бырайыага бэлэм буолуоҕа диэн эрэнэбит”, — диэн этэр Айсен Николаев. Манна даҕатан эттэххэ, кэнэҕискитин өрөспүүбүлүкэ салалтата федеральнай структуралары кытары үлэлэһэн, федеральнай бырагыраамаҕа киллэртэрии барыаҕын туһунан эттэ.
Салгыы Нерюнгритааҕы уу ситимин саҥардыы туһунан кэпсэттилэр. Бу комплекс 2020 с. диэри үлэҕэ киириэхтээх. Билигин куораттааҕы уу ситимэ – 98 %, куһаҕан уу барар ситимэ – 91 % эргэрэн тураллар. Ол иһин бу маны саҥардыы бырайыагын Уһук Илин эрэгийиэннэрин социальнай-экономическай сайдыыларын былааныгар киллэттэрэн, үбүлээһини көрдөттөрөр сорук турар. Бу хайысхаҕа оҥоһуллубут бырайыак чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ федеральнай бүддьүөттэн 1,7 млрд солк. барыахтаах. Бу мантан 40 % Нерюнгри орйоуонугар барыахтаах. Айсен Николаев этэринэн, бу харчы куорат “водоканалын” саҥардыыга, Нерюнгритааҕы колледж материальнай-техническэй базатын хаҥатыыга, оҕо поликлиникатын тутууга туһуланыахтаах.
Командировкатын түмүгэр Айсен Николаев “Промышленность уонна производство” диэн дискуссионнай былаһааккаҕа кытынна. Бу – ахсаанынан алтыс дискуссионнай былаһаакка буолар. Бу иннинэ тыа хаһаайыстыбатыгар, доруобуйа харыстабылыгар, култуураҕа, креативнай экономикаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ киэҥ киэлилээх кэпсэтиилэр буолбуттара. Дискуссионнай былаһаакка түмүгүнэн, Айсен Николаев Нерюнгри оройуона аҥаардас таас чоҕунан эрэ буолбакка, көмүһүнэн, онтон да атын сир баайын туһаҕа таһаарыынан дьарыктаныан сөбүн бэлиэтээн эттэ.
Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат.
This post was published on 27.08.2018 16:15 16:15