Нерюнгри оройуонугар суолга вахтовай оптуобус кыттыылаах быһылаан таҕыста, биир киһи өллө уонна тоҕус киһи саахалга эмсэҕэлээтэ. Бу туһунан Саха сирин прокуратурата иһитиннэрэр.
«Урал» вахтовай автобус суоппара массыынатын кыайан салайбакка уонна түҥнэстибитэ чуолкайданар. Ол түмүгэр быһылаан буолбут сиригэр, биир киһи тута өллө уонна тоҕус киһи араас эчэйиилээх балыыһаҕа киирдэ.
ДТП чахчытынан бэрэбиэркэ ыытыллар.