Нерюнгри оройуонугар эр киһи түөрт этээстээх дьиэттэн түһэн балыыһаҕа киирдэ

Нерюнгри оройуонун балыыһатыгар түөрт этээстээх элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн охтубут киһи киирдэ. Ол туһунан атырдьах ыйын 2 күнүгэр Саха сирин прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Охтубутун түмүгэр эр киһи хас даҕаны тостууну ылбыт.

Санатан эттэххэ, от ыйын 19 күнүгэр Дьокуускай уонна Сунтаар оройуонугар киһи өлүүлээх икки үөһэттэн түһүү түбэлтэтэ буолла, ону тэҥэ от ыйын 13 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар алта этээстээх дьиэттэн тутуу үлэһитэ охтубута.

This post was published on 02.08.2023 10:06 10:06