Массыанньыктар Нерюнгри улууһун 45 саастаах олохтооҕун криптовалютаҕа харчыгын элбэтиэн диэн албыннаабыттар. Дьахтар бу дьон угаайыытыгар киирэн биэрэн 1 095 000 солк. ночоотурбут, бу туһунан өрөспүүбүлүкэ ИДьМ пресс-сулууспата биллэрдэ.
Ночоотурбут дьахтар интернеккэ «Газпромбанк» инвестиция туһунан рекламатын сэҥээрэ көрбүт. Тута бу сыһыарыыны төлөпүөнүгэр киллэрбит, ол кэннэ киниэхэ 8-901-383-84-94 нүөмэртэн эрийбиттэр. Эрийбит киһи «Максим плюс» үп-харчы хампаанньатын бэрэстэбиитэлэбин диэн билсибит, уонна харчыны ханна уган элбэтиэхэ сөбүн сиһилии кэпсээбит.
Байар туһугар маҥнай бастакы взнос оҥорор булгуччулааҕын биллэрбиттэр, мааныаха, дьахтар сөбүлэспит. Ол кэннэ атын «исписэлиис», ночоотурбут дьахтар туох сыалга харчыга наадыйарын туоһулаһан, дьиэ атыылаһар баҕа санаалааҕын билбит. Дьэ ол кэннэ дьиэ ылар туһугар элбэх сууманы угуохха наада диэн буолбут. Массыанньык дьахтарга 1 мөл солк кредит ылан ук, байдаххына кредитын быраһыанын олоччу сабыан диэн эрэннэрбит. Дьахтар итэҕэйэн эппиттэрин курдук барытын толорбут, уонна хайа эрэ кэмҥэ сыһыарыы нөҥүө криптовалютаны «атыыласпыт» уонна «атыылаабыт». Кэлин харчытын сыһыарыыттан ороору гыммытыгар 13% подоходнай нолуок төлүүгүн диэбиттэр. Онуоха, эбии 95 000 солк. укпут харчытын ылаары. Ол кэннэ сыһыарыы үлэлээбэт, массыанньыктар төлөпүөннэрэ үлэлээбэт буолбут.
Онон дьахтар уопсайа 1 095 000 солк. ночоотурбут.
This post was published on 10.12.2021 13:21 13:21