Россия биэнсийэ пуондатын бүддьүөтүгэр 2020-2022 сылларга ийэ хапытаалын кээмэйин үрдэтии былааннанар. 2020 сылга ийэ хапытаалын суумата 466 617 солкуобайга тэҥнэһиэ, онтон кэлэр сылларга 4 % үрдүө.
Биэнсийэ пуондатын тустаах бырагырааматыгар 325 млрд солкуобай көрүллэн турар. Бу туһунан дойду вице-премьера Татьяна Голикова иһитиннэрдэ.
Итиэннэ ийэ хапытаалын суумата үрдүүрүнэн, сертификаттары биэрии чопчуланыаҕа уонна туһаныллар сорох чааһа эмиэ чуолкайданыа, диэн этиллэр.
Источник: НВК САХА
This post was published on 24.10.2019 12:54 12:54